Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Михайлов Петр Михайлович

1937 сыллаахха «Саҥа суол» холкуоска хонуу биригэдьииринэн үлэлээбит.
1941 сыллаахха Колхоз бэрэсэдээтэл солбуйаччытынан талыллан үлэлээбит.
1942 сыллаахха от ыйын 14 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллан барбыт.
1942 сыллаахха саа тутан Волга өрүһү туораабыттар. Сталинград куораты түөрт суукканы быһа сэриилэһэн, элбэх сүтэриилээх ылбыттар. Бааһыран Ижевскай куоракка госпитальга киирэн эмтэнэн тахсыбыт.
1943 сыл саҕаланыыта Украина сиригэр киирбиттэр. Сэриилэһэ сылдьан атаака кэмигэр бааһырбыт, госпитальга үс ый эмтэммит.
1944 сыл саҕаланыыта Свердловскай куоракка госпитальтан үтүөрэн тахсыбыт, эшалоҥҥа олорон Арҕаа диэки сэриилэһэ айаннаабыт. Киевка тиийбиттэр, противовоздушнай артеллеристкай взводка түбэспит. Заряжающайынан, 32 кг ыйааһыннаах снарядынан ытыалыыр зенитнай орудияҕа сылдьыбыт.
1944 сыллаахха от ыйыгар Барановище куораты босхолуу сылдьан эмиэ бааһырбыт. Москва куорат госпиталыгар аҕалан эмтээбиттэр.
1945 сыл сааһыгар, Москваттан поеһынан айаннаан, самолетунан көтөн дойдутугар Сымалыырга айаннаабыт.
1945 сыллаахха бэс ыйын 30 күнүгэр дойдугар кэлбит. Кэлээт колхуос, совхоз үлэтигэр элбэхтик үлэлээбитэ, кини дьиэ тутааччы, сайынын үксүн от звенотун салайан үлэлиирэ. Туппут объектара элбэх: оскуола, кулууп, детсад, музыкальнай оскуола, балыыһа, ферма дьиэтэ уо д.а. элбэхтэр.
Ыал буолан икки уол оҕоломмута.
Алтынньы ый 26 күнүгэр 2003 сыллаахха өлбүтэ.
Наҕараадалара:
• Албан Аат III степеннээх ордена;
• Аҕа дойду сэриитин I степеннээх ордена;
• Германияны кыайыы иһин, килбиэннээх үлэ иһин мэтээлэрдээх;
• В.И.Ленин 100 сааһыгар үбүлүөйнэй мэтээллээх;
• Уонна Кыайыы үбүлүөйнэй мэтээллэрэ.
Верховнай Сэбиэт президимун Бочуотунай грамотатынан бэлиэтэммитэ, ССКП чилиэнэ.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.