Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Михайлов Василий Давыдович

Мин хос эһэм Михайлов Василий Давыдович 1921 с. Мэҥэ – Хаҥалас оройуонун Тараҕай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Табаҕа 6 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан 1942 с. атырдьах ыйыгар фроҥҥа ыҥырыллыбыта. Мальтаҕа тиийбиттэрин кэннэ илиҥҥи границаҕа ыыппыттара. Армияҕа Маньчжурияны уонна Хайлар куораты босхолооһуҥҥа кыттыбыта. Бастаан 6 ый үөрэнэн артиллерия младшай сержанын званиетын ылбыта, икки сыл артиллеристаабыта. Онтон биир сыллаах курска үөрэнэн икки сыл старшай радио – телеграфиһынан сулууспалаабыта. Кэлин Япония сэриитигэр автоматчиктар взводтарыгар сылдьыбыта. Сэрииттэн 1946 с. “Японияны кыайыы иһин” мэтээллээх, И.В.Сталинтан махтал суруктаах эргиллибитэ. Сэрии кэнниттэн тракторнай биригээдэ учуотчугунан, маслозаводка дизелист – моториһынан, оройуоннааҕы сибээс монтерунан үлэлээбитэ. Итиннэ барытыгар Армияҕа сылдьан үөрэнэн араас техниканы үчүгэйдик баһылаабыта көмөлөспүтэ. Бөһүөлэккэ биир бастакынан мотоциклламмыта. Мин эһэм аҕыйах саҥалаах, сүрдээх көнө, киэҥ – холку майгылаах эбит. Хос эбэм Михайлова Марфа Егоровналыын үс кыыс оҕоломмуттар. Тыа ыалын сиэринэн сүөһү, сибинньэ, куурусса иитэллэрэ. Эһэм сүрдээх сааһыт, балыксыт эбит. Онон, эбэм кэпсииринэн, оҕо эрдэхтэринэ наар сибиэһэй үрүҥ аһынан, бэйэ этинэн, сымыытынан, куһунан, куобаҕынан, балыгынан аһаан улааппыттар. Уол оҕото суох буолан кыргыттарын оттуурга, мастыырга, балыктыырга батыһыннара сылдьан көмөлөһүннэрэр эбит. Хаһан да мөхпөт буолан эбэм аах аҕаларын кытта үөрүүнэн сылдьаллар, көмөлөһө – үлэлии үөрэммиттэр. Билигин хос эһээм олоҕун кыргыттара, сиэттэрэ, хос сиэттэрэ салгыыллар. Мин хос эһээм саа – саадах тутан өстөөхтөн дойдутун, дьонун көмүскээбитинэн киэн туттабын, кини курдук үтүө майгылаах, үлэһит киһи буолуом дии саныыбын.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.