Сэрии ыар кэмнэригэр Бөрөлөөх сайылыгар олороллоро, улахан дьону солбуйан ” Үүнүү”кохоз араас үлэлэригэр мускуллан улааппыттара. Оччотооҕу кэмнэри саха сэмэй майгылаах буоланнар улаханнык ыһа-тоҕо кэпсээбэт этилэр, куруутун аччык, тиийиммэт, үлэ ыараханын ахталлара. Чугастыы дьукаах алаас дьонноро аччыктаан, ыалдьан өлөллөрүн истэ-билэ сылдьаллара, сэриигэ барбыт чугас дьонноро өлүү сонуннаах кумааҕы кэлэриттэн ордук ыарахан, ытааһыннаах-сонооһуннаах алдьархайтан ордугу тугу кэпсиэхтэрэй. Аҕаларын батыһа сылдьаннар бултка, уһанарга сыстан үөрэнэллэр, аҕа саастаах эдьиийдэрин, оҕонньоттор сүбэлэринэн улахан дьон толорор үлэлэрин чуолкайдык түргэнник толороллор, ону ааһан сорсуннаах байанайдаах булчут бэртэрэ буола улааталлар. Оннук да буолан уонна сэрии ыар аччык кэмин ааспыт буоланнар, тугу бултаан булбуттарын дойдуларын дьоннорун матарбакка түҥэтэн күндүлээн ыыталлара, дьон махталын ылан дуоһуйууну ылаллара. Аҕаларыттан ылбыт үөрэхтэрэ дьайыытынан эдэр дьону, оҕолору бэйэлэригэр сыһыаран үлэҕэ уһуйаллара, Абаҕабыт норуотунан биллибит таптал аата Чыычаан оройуон үрдүнэн биллибит аат. Абаҕабыт чиргэл иҥиир-ситии киһи этэ, маһы суорарыгар икки сирэйин төннөн кэлбэт гына тэҥҥэ саайа охсоро, сүрдээх түргэн туттуулааҕа. Араадьыйатын кыбына сылдьан дойду сонунун көтүппэккэ истэрэ. Сааһын тухары биир сынньалаҥа суох үлэлээбит буолан кырдьар сааһыгар тиийбэтэҕэ.
На5араадалара: Улэ ветерана, колхоз, совхоз грамоталарынан наҕараадаламмыт,
Стручков Иннокентий Сергеевич-I
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.