Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Терентьев Семён Иванович

Кэпсиэхпин баҕарабын хос эһэм, Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа Терентьев Семён Иванович туһунан. Кини 1892 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас, Хара нэһилиэгигэр Мыла Атах сайылыкка төрөөбут. Сототтон төрүттээх Евдокия Дмитриевна эбээбинээн холбоһон 1931 сыллаахха эһэм Карл Семенович төрөөбут. Хос эбэм барахсан оҕолонон баран сотору өлбут. Онтон кэлин иккистээн, оҕотун тулаайах оҥорумаары, оҕолоох дьахтары кэргэн ылар. Сэрии аас- туор, ыарахан сылларыгар колхоз ыар улэтигэр оҕолуун уруулуун бары бииргэ кыайыы туһугар үлэлээбиттэрэ.
1943 сыллаахха ыҥырыы тутан сэриигэ барар. 151 отдельнай санитарнай батальонна службалыыр, уонна кыайыы көтөллөөх 1945 сыллаахха дьиэтигэр төннөр. Дойдутугар кэлэн Сталин аатынан колхозка ситиһиилээхтик үлэлии сылдьан 1946 сыллаахха сэриигэ сылдьан ылбыт баастара бэргээн өлөр.
Биһиги сиэттэрэ, хос сиэттэрэ кини туһунан дьонтон истэн, архивтартан эрэ билэбит. Сэрии ыар кэмнэрин саныырга ыарахан буолан дуу, аһары үлэҕэ солото суох сылдьан ду, ол кэмнэр тустарынан биир да ахтыы, саатар хомойуох иһин биир да хаартыска суоҕа хомолтолоох, бу кэнники, дойдубут Хара туһунан кинигэ бэлэмнэнэ сырыттаҕына, военкомат архивыттан службалаабыт карточката көстөн үөрдүбүт.
Мин, хос сиэнэ, харахпар ойуулаан көрдөхпүнэ, мин эһээм олох аҕыйах саҥалаах, өрүү тугу эрэ толкуйдуу сылдьар көрүҥнээх, уһун көнө унуохтаах, хара соҕус дьүһүннээх, өрүү тэбэнэ сылдьар ыраас, чэнчис, уурбута-туппута барыта оруннаах буолуо диэн сэрэйэбин.
Терентьевтэр аҕа ууһа, мин эһэбиттэн, хос эһээм соҕотох уолуттан, Терентьев Карл Семеновичтан саҕалаан биэс уолаттара бары механизатордар буоллахтарына мин аҕам, кыра уоллара Карл Карлович, эһээтин батан эмчит идэтин талбыт эбит дии санаатым, Төһө да эһээбит суох буоллар кини аатын ааттатааччылар, олоҕун салҕааччылар сиэттэрэ, хос сиэттэрэ элбэхпит, үөрэнэ, улэлии- хамсыы сылдьабыт.
Эдьиийдэрим, учуутал идэлээх, эһээм сиэнэ Троева Елена Карловна, хос сиэнэ библиотекарь идэлээх Терентьева Сахаяна Семеновна көмөлөhөн биэрбит материаллартан танан, уоттаах сэрии кыттыылааҕа хос эһээм, улуу кыайыыны уhансыбытынан киэн туттабын, кини сырдык аатыгар сүгүрүйэбин диэн туран бэйэм суруйбут хоһооммун сэрии ветераннарыгар аныыбын:
Помним! Гордимся!
За что сражается солдат на войне…?
Снаряды летят один за другим
Каждый возрождаясь не во сне,
Бежит за рассветом солнца ранним,

Это ли судьба мальчишки…?
За какое будущее он рвется…?
В голове сомненья, излишки,
С рассудком здравым разлетаются,

В душе его живет ЛЮБОВЬ!
Сердце бьется ради нее.
Кто пробудил в нем такую страсть?
Сердце тоскует без тепла ее.

К Родине верность в нем живет,
И движет священный долг в крови!
Быть может, и во мне течет,
Ведь все мы ГЕРОЕВ потомки!
Бу хоһоонум ватсапка тахсыбытын көрөн Томпо оройуонун, Крест- Халдьаайы олохтооҕо, пенсионер Тегюрюков Александр Федорович-Өлөксөөн, сөбулээн сахалыы көҥүл тылбаастаабыта:

Туох иһин саллаат кыргыһар сэриигэ?
Миинэлэр көтөллөр урдугунэн чыһыыра
Оччоҕуна эн өйдуугун илэ,
Күн сиригэр, Күн тахсар үөрүүтүн,

Бу дуо, уол оҕо төлкөтө,
Инники эрэлэ эстэрэ…?
Тоҕо эрэ толкуйга түһэбин,
Дьылҕам быстыа дуо, манан?

Кини дууһата тапталга талаһар.
Сүрэҕэ тэбэр бу туһугар.
Уйулҕан талаһар тапталга,
Сүрэҕин соҕотох буолуон баҕарбат,

Ийэ дойдуга таптал баар,
Эр киһи буолан, иэспин төлүүр
Хааным өрө сүүрэр миэхэҕэ,
Дьоруойдуу хамсанын, ыччаттар!!!

Ахтыыны суруйда, хоһоону анаата Семен Иванович хос сиэнэ Терентьева Елизавета Карловна, Академик Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 11 а кылааһын үөрэнээччитэ.
Ыам ыйа 2020 сыл. Майа.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.