Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Баланов Николай Егорович

На БАЛАНОВ НИКОЛАЙ ЕГОРОВИЧ
(1909-1980)
Мин аҕам- Кыайыы саллаата.
Мин аҕам 1909 сыллаахха ыам ыйын 19 күнүгэр 1 Нөөрүктээйи нэһилиэгэр дьадаңы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ, бэйэтэ сурукка үөрэммитэ. Чүүйэҕэ, Хараҕа колхоз тэриллиитигэр актыыбынайдык кыттыбыта. 1933 сыллаахха Алдаңңа көмүс хостооһунугар үлэлии барбыта. Алдаңңа аатырбыт Косаревка шахтатыгар стахановец П.В.Гуляевы кытта откатчыгынан үлэлээбитэ. Онтон дойдутугар соҕотох хаалбыт аҕата оҕонньор ыалдьан төннөн кэлбитэ. 1934 сылтан ферма сэбиэдиссэйинэн, Сталин колхоз правлениетын чилиэнинэн, 1937-38 сс. Чүүйэҕэ колхоз председателинэн, 1938 сылтан сельпо председателинэн үлэлээбитэ. 1939 с. Коммунистическай партия кэккэтигигэр киирбитэ. 1939 с. 1 ыңырыылаах Мэңэ-Хаңалас оройуонунааҕы үлэһиттэр депутаттарын Сэбиэтигэр 6 №-дээх быыбардыыр уокуругтан депутатынан талыллыбыта. 1941 с. Сталин колхоз председателинэн талыллыбыта.
1941 сыл от ыйын 29 кунугэр Мэңэ-Хаңалас оройуонуттан сэриигэ ыңырыы саҕаламмыта. Маңнайгы ыңырыыга Хара нэһилиэгиттэн барыта 96 киһи сэриигэ барбыта. Мин аҕам райпоҕа бииргэ үлэлээбит табаарыһынаан Колосов Петр Прокопьевичтыын маңнайгы хомуурга барбыттара. Иркутскай уобаласка Мальта диэн сборнай пууңңа 3 ыйтан ордук байыаннай үөрэххэ үөрэммиттэрин кэннэ, табаарынай поезд биир вагонугар олорон тус арҕаа фроңңа туруммуттара. Иккиэн бииргэ барар буоллубут диэн эрэллээхтэрэ, ол эрээри поезтан түһэрээт, стройдатан бараннар, строй уңа өттүнээҕилэри бэлэм массыыналарга баран олоруң диэн хамаанда бэриллибитэ. Онон иккиэн икки аңы арахсан уоттаах сэриигэ туруммуттара. Аҕам 1337 №-дээх байыаннай чааска 5 стрелковай рота5а Чита куорат таһыгар Антипинка станцияҕа байыаннай үөрэххэ үөрэммитэ. 1942 сыллаахха от, атырдьах ыйдарыгар 484 стрелковай полк иһигэр киирсэр младшай командирдары бэлэмниир оскуолаҕа үөрэнэн, младшай сержант званиетын ылбыта. 161 туспа кабельно-шестовой ротаҕа сибээс отделениетын командирынан ананар. Бу чааһыгар 1942 сыл атырдьах ыйыттан 1944 сыл ахсынньы ортотугар дылы сылдьар.
1942 сыл атырдьах ыйыгар элбэх чаастары кытта кинилэр чаастарын Сталинград туһаайыытыгар быраҕаллар. Сталинградтан 70-ча биэрэстэ бэттэх сиргэ поеһынан баран истэхтэринэ өстөөх 8 самолеттара буомбалаабыттар. Паровозтара табыллан, вагоннарыттан ыстанан түһэн, бары суол икки өттүгэр сиргэ хаптайбыттар. Өстөөх самолеттара хаста да эргийэн кэлэ-кэлэ буомбалаабыттар. Бастакы бойобуой сүрэхтэниитэ итинник эбит.
Сталинградка полковник Гуртьев Леонтий Николаевич стрелковай дивизията тракторнай завод аттыгар обороналаммыта. Таастаах сири хойгуонан хаһан, блиндажтары, окуопалары, сибээстэһэр хорооннору оңортолообуттара. Балаҕан ыйын 16 күнүгэр немецкэй армия харса суох кимэн киириигэ туруммута. 62-с Чуйков армиятын штаба хаңас кытылы кытта сибээһэ миинэлэр, буомбалар эстиилэриттэн сотору-сотору быстара. Уодаһыннаах сэрии кэмигэр сибээс быыстала суох үлэлиэхтээҕэ. Хас биирдии связистка ирдэбил кытаанах этэ: бирикээс толоруллара тыыннааҕын тухары булгуччулааҕа. Фашистар танканан арыаллатан кимэн киириэхтээхтэрин туһунан эппиттэр. Инники кирбиигэ танканы утарар пушкалары, тэриллэри аҕалан бэлэмнээбиттэр. Быыстала суох өстөөх артиллерийскай ытыытыттан инчэҕэй эттээх тулуйуо да ордуо да суох курдуга, сир эйэңэлии турара. 62-с армияны кытта сибээс быстыбыт. Сибээһи чөлүгэр түһэрэргэ аҕабар бирикээстээбиттэр. Отделениетыттан сытыы-хотуу икки уолу ыыппыт. Уон мүнүүтэ, чаас аңара, биир чаас кэтэспиттэр да сибээс суох. «Сибилигин бэйэҕинэн баран сибээһи оңор» диэн капитан ыксаабыт куолаһынан эппит. Аҕам полевой кабелын тарбаҕын көлүөскэлии тутан бүтүнүн, атын линияны кытта иилсибитин-иилсибэтэҕин көннөрө-көннөрө баран испит. Дьон өлүктэрэ хомулла иликтэрэ элбэҕэ. Ол сыыллан иһэн уолаттара иккиэн өлө сыталларыгар кэтиллэ түспүт. Биирдэрэ быстыбыт кабелы илиитигэр тута сытан өлөөхтөөбүт, биирэ ол аттыгар төбөтүн үлтү тэптэрбит. Аҕам тула өттүгэр снарядтар тоҕута тэбэллэрэ, уот будулҕан ортотунан линия хас да сиринэн быстыбытын холбообут. Сталинградтааҕы тракторнай завод туһаайыытынан кыргыһыыга командование сибээһэ 3 хонук иһигэр 150 төгүл быстыбыта, ону барытын холбоон испиттэрэ, элбэх связист өлбүтэ. Ити күн аҕам сибээс быстыытын аһа5ас уот аннынан 19 төгүл салҕаабыта. Сорох тугэңңэ проводы тииһинэн ытыра сытан сибээһи хааччыйбыта. Бу геройдуу быһыытын туһунан ССРС оборонаҕа министерствотын киин архыыбыгар ф.33 оп 686044 1301 №-дээх дьыалаҕа 31№ хараллан сытар: « Сержант Н.Е.Баланов, колхозник из Мегино-Кангаласского района, командуя отделением связи, показал пример личной отваги. 25 октября под минометным огнем противника он восстановил поврежденную линию между центральной телефонной станцией и переправой 62й армии, устранив на протяжении двух километров двух десятков обрывов проводов.» Бу туһунан Д.Д.Петров «Якутия в годы Великой Отечественной войны» кинигэ 1 чааһыгар киирбитэ. Аҕам бу хорсун быһыытын иһин «За отвагу» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1943 сыл тохсунньу 31 күнүгэр генерал-фельдмаршал Паулюс командалаах соҕурууңңу бөлөх бэриммитэ. Нөңүө күнүгэр генерал-полковник Штреккер командалаах хотугу бөлөх сөһүргэстииргэ күһэллибитэ. Олунньу ый 2 күнүгэр Сталинградтааҕы кыргыһыы Кыайыынан түмүктэммитэ. Кыһыл Армия өстөөх 22 дивизиятын имири эспитэ, 91 тыьыынча саллааты, 2500 офицеры, 24 генералы билиэн ылбыта. Олунньу 4 күнүгэр күл-көмөр буолбут Сталинград уулуссаларынан Кыайыы парада хаампыта. Бу парадка мин аҕам эмиэ хаампыта. Сталинграды өстөөхтөртөн босхолооһуңңа кыттан, «Сталинград оборонатын иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Сталинград кэнниттэн 4-с Украинскай фроңңа киирсэн Арҕааңы Украинан Карпакка тиийбитэ. Сибээс ротатыттан коммунистары көрдөөбуттэригэр мин аҕабын пехота чааьыгар ыыппыттара. 1944 сыллаахха Сталинград куоракка аатырбыт, сураҕырбыт полковник Людников хамаандалаабыт 138-с стрелковай дивизиятын 295-с артиллерийскай полкатыгар сибээс отделениетын хамандыырынан анаммыта. Бу чааьыгар 1945 сыл алтыннньы ортотугар дылы сулууспалаабыта. Карпакка сэриилэспитин туһунан бу курдук кэпсээбитэ: «Күннэри-түүннэри ардах курулаччы түһэрэ. Өстөөххө наһаа чугас кимэн киирбиппит, силбиктээх эбитэ дуу, баҕар соруйан да буолуо, адьас чугаһыахпытыгар дылы уоту аспакка сыттылар. Дьэ онтон, эмискэ пулеметунан, автоматынан уоту аспаттар дуо? олус улаханнык биһиги уңа икки чааспыт кыайтарбыта. Харса суох ытыалаһа-ытыалаһа, иннибит диэки туох баарбытынан ыстанныбыт. Өстөөх уота тобурахтаах ардах курдук хойунна, инньэ гынан сиргэ хаптайарга күһэйдэ. Ол икки ардыгар ручной пулеметпут дискэтин иитэр кыһалҕата тирээтэ. Ол олордохпуна, уһун уктаах илии кыранаатата куйаабылланан кэлэн, иннибитигэр түһэн эрэрэ баара да, төбөм биирдэ «чуң» гынан хаалла. Кэмниэ-кэнэҕэс өйдөммүтүм, сирэйдиин-харахтыын балай хаан буолан сытар эбиппин». Ити 1944 сыл алтынньы 5 күнүгэр этэ. Улахан операция оңорбуттара. Саха саллаата тулуурдааҕын быраастар сөхпүттэрэ. 1 ый эмтэнэн, 295-с артиллерийскай полкаҕа сибээс отделениетыгар командирынан анаммыта. 1945 с. кулун тутар 15 күнүгэр өстөөх 200 автоматнай ротата төгүрүйэн ылан 3 суукка хаайбыта. Төгүрүктээһинтэн утары ытыаласпытынан төлө көтөн тахсыбыттара. Полк командира Омолдин төгүрүктээһинтэн 122 миллиметрдаах пушканы илдьэ тахсалларыгар младшай сержант Балановка уонна үс саллааккка бирикээс биэрбит. Пулемет уотун аннынан хараңа буолбутун кэннэ, түүн сүтүктэнэн туран, пушкаларын таһаараллар. Бойубуой сорудаҕы чиэстээхтик толорбутун иһин «Албан аат III степеннээх» орденынан наҕараадаламмыта.
Аҕам өстөөхтөртөн Румынияны, Польшаны, Венгрияны, Чехословакияны босхолооһуңңа кыттан, Германия Камянка куоратыгар тиийэ сэриилэспитэ, «Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Мин аҕам Оройуон сэбиэтин депутата буоларынан, сэрии толоонуттан бэйэтин быыбардааччыларыгар ыыппыт суруктара «Кыым» хаһыат 1943 сыл балаҕан ыйын 12 күнүнээҕи уонна 1945 сыл олунньу 23 күнүнээҕи нүөмэрдэригэр бэчээттэммиттэрэ. Ол суруктар Д.Д.Петров хомуйан оңорбут «Саллааттар суруктара» кинигэҕэ киирбиттэрэ.
Д.Петров «Саллаат суруктара» кинигэтигэр киирбит суруктар:
Эһиги сорудаххытын толоробун
Үлэһиттэр депутаттарын Мэңэ-Хаңалас оройуонунааҕы 6-с быыбардыыр уокуругун быыбардааччыларыгар
(Фронтан аһаҕас сурук)
Мин немецкэй фашистар кыраммыт баандаларын героическайдык кыдыйар Кыһыл Армия кэккэтигэр сылдьабын. Эһиги иннигитигэр отчуоттаабатаҕым ыраатта. Онон, мин төрөөбүт ийэ дойдум иннигэр иэспин хайдах толорорум уонна бэйэни харыстамматтык сулууспалыырга соруйбут накааскытын хайдах толорорум туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Ааспыт балаҕан ыйыттан быйыл тохсунньу ыйыгар диэри сэһэңңэ киирбит 62-с армия байыастарын кытта бииргэ Сталинградскай фроңңа сылдьан бииргэ фашисткай сотуун өлүүнү кыдыйсыбытым, Сталин аатын сүгэр албан ааттаах куораты көмүскэспитим.
Кыһыл Армия өстөөҕү урусхаллыырыгар дойду бүтүннүүтэ, ол иһигэр эһиги эмиэ көмөлөспүккүт. Ону биһиги Кыһыл Армияҕа кэлэ турар модун күүстээх бойобуой техникаҕа, аска-үөлгэ уонна эһиги ыытар бэлэхтэргитигэр көрөбүт. Маны барытын биһиги өйдүүбүт уонна биһиги норуоппутун немецкэй империализм хаһан даҕаны кулут оңостуо суохтааҕын билэбит. Ол курдук Кыһыл Армия Сталинград аттыгар чабыламмыт немецкэй армияны урусхаллаабыта уонна салгыы урусхаллыы турар.
Өстеех билигин Кыһыл Армия модун охсууларыттан ыарахан хотторууну ылла. Ол эрээри, Верховнай Кылаабынай Командующай Советскай Союз Маршала табаарыс Сталин өстөөх өссө да күүстээх, кини үлтүрүтүллэ илик, онон өстөөҕү урусхаллааһыңңа биһиги союзниктарбыт өттүлэриттэн 2-3 итинник охсуулар наадалар диэн муударай тылларын, табаарыс Сталин 195-с №-дээх прикаһын үөрэтэбит, бойобуой маастарыстыбабытын үрдэтэбит.
Табаарыс быыбардааччылар, билигин дойду бүтүннүүтэ Сталин прикаһын толорууга, Кыһыл Армия өстөөҕү түргэнник урусхаллыырыгар көмөлөһөргө ис сүрэҕиттэн баҕарар. Онон мин Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриилэһии быһаарыылаах кэмигэр, эһигини илиини араарбакка өссө үчүгэйдик үлэлииргитигэр, фроңңа өссө элбэх сэби-сэбиргэли, боеприпаһы уонна аһы-үөлү биэрэргитигэр ыңырабын, оттон биһиги манна фроңңа фашисткай сотуун өлүүнү аһыныыта суох кыйдыахпыт.
Мин сибээс отделениетын командирабын .Сэмэй бойобуой өңөлөрүм иһин төрөөбүт Ийэ дойду, биһиги правительствобыт миигин «Хорсунун иһин» медалынан наҕараадалаабыта. Эһиги, табаарыс быыбардааччылар, хайдах олороргут уонна үлэлииргит туһунан суруйаргытыгар көрдөһөбүн. Миэхэ маннык аадырыска суруйуң: Полевая почта 19661-С эбэтэр ити почтанан биһиги фронтовой хаһыаппытыгар «Сталинскай знамяҕа» суруйуң
Н. Баланов
Үлэһиттэр депутаттарын Мэңэ-Хаңалас оройуонунааҕы советын депутата.
Сэриилэһэр армия 1943с. от ыйын 15 күнэ
Кыым.- балаҕан ыйын 12 күнэ.- 1943 с
Эһиэхэ махтанабын
Үлэһиттэр депутаттарын Мэңэ-Хаңалас оройуонунааҕы 6-с быыбардыыр уокуругун быыбардааччыларыгар
Мин эһигини билбэппин, ол эрээри эһиги депутаккытын таб. Баланов Николай Егоровиһы үчүгэйдик билэбин. Кини мин чааспар отделение командирынан үлэлиир уонна сулууспалыыр.
Таб. Баланов бэйэтэ чаас туйгунунан, оттон кини отделениета чаас бастаан иһэр отделениетынан буолар. Төрөөбүт Ийэ дойду иннитигэр, эһиги быыбардааччылар иннигитигэр бэйэтин эбээһинэстэрин чиэстээхтик уонна килбиэннээхтик толорор. Таб. Баланов курдук хорсун буойунунан киэн туттуох тустааххыт. Кини Сталинград аттыгар немецкэй оккупаннары кытта охсуһууга бэйэтин хаанын уонна тыынын харыстаабакка кыдыйсыбыта.
Биһиги советскай правительствобыт таб. Баланов немецкэй-фашистскай сидьицнэри кытта охсуһууга көрдөрбүт өңөлөрүн иһин «Хорсунун иһин» медалынан наҕараадалаабыта.
Итинник боевой табаарыһы иитэн таһаарбыккытыгар эһиэхэ махтанабын уонна инники өттүгэр Кыһыл Армияҕа эмиэ итинник хорсун дьоннору биэрэргитигэр баҕарабын.
Эҕэрдэни кытта чаас командира, гвардия капитана Мотринов.
Кыым.- балаҕан ыйын 12 күнэ.- 1943 с
Ѳстөөҕү бэйэтин арҕаҕар дьакыйыахпыт
Биһиги, 4-с Украинскай фронт сэриилэрин иннилэригэр, бойобуой соруктар тустарынан, биһиги историческай тускулбут туһунан мин сулууспалыыр чааһым командира гвардии капитан Мотринов куруутун өйдөтөр.
Биһиги Чехословакия сиригэр баарбыт. Наһаа аатырбыт улахан сис хайалардаах, хойуу дороххой ойуурдаах Карпат хайаларын ыарахан усулуобуйатыгар сэриилэһэн, фашизм сиэртибэтинэн аан бастаан буолбут дойдуну гитлеровскай ороспуонньуктартан ыраастыыбыт. Оборонаҕа наһаа тоҕоостоох, барыстаах усулуобуйаны туһанан фашистар дьаныардаахтык утарсаллар.
Биһиги, советскай бухатыырдар, модун күустээх охсуубутун тулуйбакка немецкэй венгерскай сэриилэр хоттороллор, төттөрү чугуйаллар. Ѳстөөх букатыннаахтык урусхалланар чааһа чугаһаата. Ол эрээри, биһиги кыайыыларынан уоскуйбаппыт, сэриилэһии хаамыытыгар тахсар бастың опыты үөрэтэн, баһылаан туран, өссө саңа суоһарыылаах охсуулары оңоруу, өстөөҕү түргэнник кыайыы соруга турар.
Ийэ дойдум, народум чиэһин, көңүлүн, тутулуга суох буолуутун көмүскүүр, фашизмы букатыннаахтык имири эһэр бу ытык сэриигэ бааһыран, госпиталга киирбитим. Мин билигин үтүөрэн эрэбин, онон өстөөҕү бэйэтин арҕаҕар дьакыйыыга кыттыыны ылыам.
Сержант Н.Е.Баланов 4-с Украинскай фронт
Кыым.- олунньу 23 күнэ.-1945с

1945 сыл балаҕан ыйын 25 күнүгэр ССРС Верховнай Сэбиэтин Президиумун кырдьаҕас саллааттары дьиэлэригэр босхолоон ыытар туһунан Ыйааҕа тахсыбыта. Ити Ыйаахха олоҕуран 1945 сыл алтынньы ыйга Германия Камянка куоратыттан дойдутугар барбыта. Поеһынан айаннаан иһэн табаарыһын Петр Прокопьевыһы санаабыт, түүлүгэр көрбүт. Иркутскайга тимир суол вокзалыгар саха саллааттара баҕар бааллара буолуо диэн көрдөөбүт. Хас да сахалар бааллар эбит. «Манна Колосов Петр Прокопьевич баар дуо?» диэн ыйыппыт. Дьоно дьиибэргээбиттии көрөн баран: «Баар кэлиэ. Баанньыктана барбыта» диэбиттэр. Дьэ ити курдук, икки табаарыстыылар сэриигэ Саха сириттэн иккиэн бииргэ баран баран, 1941 сыллаахха икки аңы арахсыбыт вокзалларыгар сэрии уоттаах толоонун туораан, Кыайыы көтөллөөх 1945 сыллаахха эмиэ ол вокзалга көрсөн, үөрэн-көтөн, дойдуларыгар төннүбүттэр. Маннык курдук түбэлтэ сэрии историятыгар хас баара эбитэ буолла дии саныыбын.
Аҕам дойдутугар кэлэн, Социальнай харалтаҕа сэбиэдиссэйинэн, нэһилиэк исполкомун председателинэн, сельпо председателинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. «Советскай кооперация туйгуна» знагынан, Саха АССР Верховнай Советын Президиумун, Цетросоюз уонна Саха Сиринээҕи Роспотребсоюз Почетнай грамоталарынан наҕараадаламмыта. Кыайыы 25 сылын көрсө Хара бөһүөлэгэр сэриигэ кыттыбыт уонна сэрии толоонугар өлбут буойуннарга анаан памятникта тутуоҕуң диэн этии киллэрэн, нэһилиэнньэттэн үп хомуйан, памятник тутуутугар бэйэтэ сүүрбүтэ-көппүтэ, тэрийбитэ. Памятник билигин Хараҕа Кыайыы болуоссатыгар турар.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу Кыайыы 25 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир улахан түмсүү Сталинград-Волгоград герой-куоракка ыытыллыбыта. Манна Советскай Союз бары республикаларыттан Сталинграды босхолооһуңңа кыттыбыт ветераннары ыңырбыттара. Мэңэ-Хаңаластан 4 ветеран: Н.Н.Антонов, М.Р.Толстяков, Н.И.Колосов, мин аҕам уонна «Ленинскэй знамя» хаһыат фотокорреспондена Васильев В.Т. кыттыыны ылбыттара. Мамаев Кургацца тутуллубут мемориальнай комплекска сылдьан, бойобуой табаарыстарын көрсөн, сэриилэспит куората хайдахтаах курдук саңалыы тутуллубутун көрөн, астынан кэлбитэ. 2018 сыллаахха Кыайыы күнүгэр Волгоград куоракка мин кыра уолбун кытта аҕам портретын тутан, Бессмертнай полкаҕа хаамсан, Ытык булгунньахха Мамаев кургаңңа сүгүрүйэн, 62-с армия командующайа Советскай Союз икки төгүллээх Геройа, маршал Василий Иванович Чуйков уңуоҕар сибэкки дьөрбөтүн ууран, аҕам сэриилэспит герой-куорат Сталинград устун экскурсиялаан кэлбиппит.
Мин аҕам олоҕо биһиэхэ, оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр, инникитин кэлэр ыччаттарыгар мэлдьитин холобур буолуоҕа.
Кыыһа Мария Николаевна Пономарева, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, Майа с. Муус устар ый, 2020 сыл.

Баланов Н.Е. туһунан кинигэҕэ, хаһыакка киирбит ыстатыйалар, ахтыылар:
1. Петров Д.Д. Якутия в годы Великой Отечественной войны.ч.1: Якутяне в боях с немецко-фашисткими захватчиками.-1979.-354,(2)с.:ил., портр.
2. Петров Д. Саллааттар суруктара. Саха Сирин буойуннара 1941-1945сс. сэрии толоонуттан ыыппыт суруктара. (Письма солдат) Якутск. Якуткнигиздат. 1967. 208с.
3. II-30 Илья Петров-Мастаах Уола «Холбос» респотребсоюз, рынок, саллаат.-Дьокуускай: НИПК «Сахаполиграфиздат», 1997-288с.
4. Оройуон бастакы бочуоттаах гражданина. /(Р.М.Гермогенов, составитель) ГУП НИПК «Сахаполиграфиздат», 2006
5. Афанасий Аржаков Кыргыһыылаах кэм кыттыылаахтара:очеркалар уонна ахтыылар /Дьокуускай: Бичик, 2008.-136с.
6. Эйэлээх 70 сылы аҕалбыт саллааттар /( составительФ.Н.Кычкина-Егорова).-Дьокуускай, Сахаада. 2015.-152с.
7. Үйэлэргэ өйдөбүнньүк: Мэңэ-Хаңалас улууһуттан Аҕа дойдуну кемүскүүр Улуу сэриигэ кыттыбыт буойуннарга ананар /(хомуйан оңордо Н.И.Никанорова)-Дьокуускай: Офсет, 2010.-232с.
8. Сэрии оспот суоллара /Незаживающие раны войны./ (автор проекта Сосин Олег Константинович)-188с. УДК 957.156 «1941/1945»-37 ББК 63.3(2Рос.Яку-5)622.78 я43 С97
9..Мегино-кангалассцы в золотом Алдане (1930-е годы) (составитель Харитонова Ксения Алексеевна) с.Майя, май 1995г.
10. В.Васильев «Сир үрдүгэр Эйэ, Эйэ, Эйэ! « Ленинскэй Знамя» хаһыат, 09.05.1970с
11. Мария Пономарева «Ийэлээх, аҕабытыгар сүгүрүйэбит» «Эркээйи» хаһыат №53 25.04.1995 с.
12. Афанасий Аржаков «Сталинграды көмүскэспитэ» «Эркээйи» хаһыат, 08.05.1996с.
13.Сосин И. Лена эбэбит кытылларыттан-Якутскай,1984.-С.110-112.

КАРПАТ ХАЙАТЫГАР

– Куорат үлтүркэйигэр даҕаны, таас хайаҕа даҕаны сэриилэһэр тэҥ эрэйдээхтэр. Мин иккиэннэрин ыараханын билбитим. Сталинград уулуссалара да, Карпат чочумаастара да миигин сыанан аҕаабатахтара, – диэн Николай Егорович Баланов доҕотторугар кэпсии олорорун истибитим. Кини уһуннук сэриилэспитэ. Орденынан, бойобуой медалларынан наҕараадаламмыта.
Николай Егорович, связистар отделениеларын командирынан сылдьан, Сталинградка тус бэйэтин хорсун быһыытынан холобур буолбута. Алтынньы 25 күнүгэр кини, өстөөх минометун уотун аннынан сылдьан, телефоннай станция уонна 62-с армия туоруур сирин икки ардыгар, икки километр уһуннаах сиргэ, линия быстыбытын сүүрбэччэ сиринэн салҕаабыта. Ол туһунан сэрии саҕана бэйэтин колхоһун дьонугар суруйбутун өйдүүбүн.
– Биирдэ Карпат хайатыгар эрэй бөҕөнү көрбүппүт, – диэн Николай Егорович кэпсиир. – Биһиги подразделениебыт сүрүн сэриилэрбититтэн быстан хаалбыта. Эргиччи сыгынньах таастар, суулла турар дириҥ хапчааннар. Биир буулдьа түстэҕинэ, тааһы үлтү тэбэн, сүүс аҥы кыыраттарга дылы. Окуопа оҥостон хаххаланарга сирэ таас.
Балаһыанньабыт ыарахан. Онон-манан разведка ыытан көрдүбүт да, наар өстөөххө кэтиллэ түһэллэр. Бэйэбит дьоммут ханан барбыттара биллибэт. Сэрии тыаһыттан сылыктаатахха, кэтэх өттүбүтүгэр баар быһыылаахтар. Аһылыкпыт быһынна, иһэр уубут баранна. Сэриилэһэр сэппит аҕыйаабыта. Танканы утарар аҕыйах гранаталар бааллара. Автоматтарбытыгар иккилии-үстүү дискалар хаалбыттара. “Сэби харыстааҥ, сэрэнэн ытыалааҥ!” – диэн буолбута.
Икки суукканы арыый кыайбат кэмҥэ аһа, иһэр уута суох сэриилэспиппит кэннэ, чугуйан биэрэргэ күһэлиннибит. Хайа быыһыгар соҕотох пушка турара. Снарядтара бүтэн, ыппатахпыт да өр буолла. Чааспыт командира Омолдин: “Пушканы өстөөххө хаалларар сатаммат. Бэйэбитин кытары хайаан даҕаны илдьэ барабыт”, – диэн бирикээстээтэ.
Биһиги, төрдүө буолан, пушканы таһаарарга сорудах ылбыппыт. Дьиҥэр, дөбүгүс кыаллыбат, ыарахан сорудах буоларын кэлин өйдөөбүппүт. Хайаҕа пушканы соһорго суол-иис кэлиэ дуо? Саатар, хаххаланар сирдээҕэ буоллар, наҕылыччы толкуйдаан, таһаарыллыа эбитэ буолуо. Ол суоҕа. Эргиччи өстөөх хараҕын ортотугар сылдьан үлэлиигин. Сүбэлэһэн, пушка турар сирин үөрэппиппит. Онуоха кыракый эниэ баарынан, массыынаны кэннинэн хаамтаран киллэрэн, пушканы, холбоон биэрэн, состоруохха сөптөөх диэн быһаарбыппыт.
Киэһэ хараҥарбытын кэннэ, автомашинабытын икки өттүнэн арыаллаан, иннибит хоту сыҕарыйабыт. Немецтэр массыына тыаһын хоту автоматтарынан ытыалаан субуруттулар. Буулдьалара аттыбытынааҕы таастарга табыгырастылар. Хабыс-хараҥаҕа, илиибит иминэн харбыалаһан, массыынаҕа пушкабытын холбуурбут табыллыбыта. Ол кэннэ бэйэбитин кытта илдьэ барбыппыт.
Николай Егорович сэрии кэнниттэн Майаҕа райпоҕа бэрт өр кэмҥэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Эдэр ыччаттарга, ордук оскуола оҕолоругар, бэйэтин көлүөнэтин үтүө үгэстэрин туһунан үгүстүк кэпсиирэ.

/Баланов Н.Е. ахтыыта.//Сосин И. Лена эбэбит кытылларыттан-Якутскай,1984.-С.110-112.

грады. Подразделение где служил, воспоминания и биография.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.