Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Филиппова Екатерина Прокопьевна

Медаль “Материнская слава 3 степени»
Медаль “Материнская слава 2 степени»
Медаль “Материнская слава 1 степени»
Удостоверение «Ветеран труда» 2012 г.
Удостоверение «Участник ВОВ» 2004 г.
Орден «Материнская слава» 3 степени 1979 г.
Мин – Филиппова Екатерина Прокопьевна, 1934 сыллаах төрүөх Сунтаар оройуонун Күүкэй сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Билигин кыыспын Васильева Зинаида Григорьевнаны кытта Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтигэр 87 хаарбар үктэнэн олоробун. Күүкэйгэ Бассабыыкка олорбуппут. Аҕам бииргэ төрөөбүт аймахтара Фёдоровтар (Күөһэҥкэстэр). Аҕам Күүкэй Маарын олохтооҕо Моотохоон уола Уйбаан 1 саастаахпар өлбүтэ. Арааһа, сабаҕалааһыммынан хаан уруу аймахтарым Хатаска олорор Самсоновтар буолуо дии саныыбын. Бииргэ төрөөбүт убайым Сэмэн миигиттэн уонча сыл аҕа буолуохтаах. Ханна баарын билбэппин. Баҕар, сэриигэ ыҥырыллан өлбүтэ дуу дии саныырым да, кэнники Ньурба5а олохсуйан олордохпуна Күүкэй дьахтара тохтоон ааспыта. «Убайыҥ Сэмэн куоракка олорор», – диэн кэпсээбитэ. Мин убайым миигин була сатаабатаҕыттан хомойобун.
Тулаайах хаалан баран детдомҥа олоро атынан айаннаабыппын өйбүүбүн. Сэрии кэмигэр Бордоҥтон 7 биэрэстэ тэйиччи детдомҥа олорбутум, 6-7 саастаахпын. Кыралар сир астыырбыт, бурдук туораҕын хомуйарбыт, обургу оҕолор сүөһү көрсөллөрө. Сэрии ыар сылларыгар бэйэбит бэйэбитин хааччынан олорбуппут. Детдом үлэһиттэрэ наһаа үчүгэйдэрэ. Сэрии буола турар диэбэккэ оскуолаҕа үөрэтэллэрэ. Детдоммут оһоҕунан оттуллара, наараларга утуйарбыт, сорохтор оһох үрдүгэр утуйаллара. Кэнники детдоммун сабыллыбыта, бары үрүө-тараа барбыппыт. Бастаан утаа 2 сыл Анисимов учууталлаахха хамначчыт курдук олорбутум,оҕолорун көрсөрүм, дьиэ үлэтигэр көмөлөһөрүм. Ийэлэрэ үрүҥ көмүс кырабыайка (баттахха анньынар тараах), подстаканник уонна дьааһык (сундук) бэлэхтээбитэ.
Онтон салгыы 15-16 сааспыттан ыанньыксыттаабытым. Биирдии ыанньыксыкка атыыр о5ус, 20-лии ынах туттараллар этэ. Миигин сулумах диэн ферматтан фермаҕа көһөрө сылдьаллара.
Кыайыы буоларыгар 11 саастаахпын. Биһиги сэлиэнньэттэн тэйиччи олорор буоламмыт Кыайыыны хойутуу истибиппит. Ол гынан баран Кыайыы хас биирдии киһи, оҕо сүрэҕэр этиллибэт үөрүүнү-көтүүнү аҕалбыта, саҥа үчүгэй олох саҕаланыа диэн эрэли үөскэппитэ.
аграды. Подразделение где служил, воспоминания и биография.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.