Ручной пулеметчик 3 стрелкового взвода, 3 стрелковой роты, 3 стрелкового батальона, 1310 стрелкового полка, 19 стрелковой дивизии, 3 танковой армии Воронежского фронта.
Кавалер Орденов “Великой Отечественной войны” i, II степеней, медаль “За оборону Москвы”.
«… Ханас оттубэр икки миэтирэ сиргэ граната эстэн, кулгаагым «чун» гынан хаалла. «Таптардым ээ» диэн санаа кылам гыммыта. Ойдонон кэлбитим, халлаан сырдаан эрэрэ. Ыараан хаалбыппын. Кохсубэр киhи илиитэ сытарын тутан ылан тардыбытым иннибэр кэлэн тустэ. Сиэ5э миэннигэр майгынныыр. Соhуйдум. Тутан корбутум-муус курдук тымныы, тугу да билбэт, атын киhи илиитин курдук. Эмиэ ойдонон кэллим. Ханас кулгаахпар туох эрэ ньыллыр5аабытыгар илиибин уган, бэргэhэм оройо барыта оhох хаан буолбутун биллим. Ыксаатым, остоохтор кэлэннэр тыыммын сылгыыhыктар эбэтэр бу курдук сытан олууhукпун диэн».
Иван Мелентьевич Иосифов 1922 с. Муус устар 4 кунугэр, Уус-Алдан улууhугар, I Оспох нэhилиэгэр торообутэ.
А5ата Мелентьевич Иосифов тимир уонна мас ууhа, байыаннай хирург Т.Сосин конуллээбитэ унуох тутааччыта, рационализатор.1995 с.Уhун-Куолгэ икки таастаах бурдук тардар миэлинсэни айан улэ5э киллэрбитэ билигин да5аны бутун турар. Куннэ 120 буукка тиийэ (1800 кг) бурдугу туhэрэрэ, кыhыннаары улэлиирэ! Куустээх Уйбаан (Александров Иван Яковлевич) убайа 90-ча саастаах Сээбэс Уйбаан оттугун унуо5а алдьыммытын тутан хаамтарбыт мындыр киhи.
Иван Мелентьевич 1941 с. Муру орто оскуолатын а5ыс кылааhын удаарынньыгынан бутэрэн Уhун-Куолгэ.
Уоттаах сэрии, са5аланан Уьун Куолгэ аа5ар бала5ан сэбиэдиссэйинэн ананар. Ыарахан куннэр-дьыллар кэлэллэр. Эhэтин уолаттара Иван, Николай Макаровтар, кутуоттэрэ Василий, Николай Лыткиннар маннайгы хомуурга барбыттар. Кинилэртэн Николай эрэ ата5а бааhыран тыыннаах эргиллэн кэлбит.
1942 с. от ыйын 14 кунугэр 19 саастаах Иван Иосифовка бэбиэскэ кэлэр. Сарсыныгар оройуонтан 40-тан тахса киhи 20 ыныыр, 20 тэлиэгэлээх атынан Майалыыллар. Саллаат Иосифов Ленин орденнаах 19 дальневосточнай стрелковой дивизия 1310 стрелковой полкатын 3-с батальонун 3-с ротатын 3-с взводугар тубэспитэ. Сэриигэ маннайгы сурэхтэниитэ Смоленскай туhаайытынан буолбут. Куну-тууну быhаарбат быhыыга майгыга киирбиттэр. Взводка 24 байыас хаалар. Уол ого уйана-хатана биллэр куна-дьыла ууммут. Унуогунан торол, сэриигэ барыан иннинэ кылгас сиргэ сууруутэ уонна тустууга иннин улахан да дьонно биэрбэтэх уолга илии пулеметун туттараннар атыттардаагар ыарахан таhагастанар. Дивизия урдунэн 30-тан тахса саха баарыттан, взводтарыгар ус саха тубэспиттэр, ол иhигэр пулемет иккис нуомэринэн Чурапчыттан В. Филиппов сылдьыбыт.
Кинилэр чаастарын 1943 сылга олунньу бастакы анаарыгар поеhынан Москва анныгар агалан оборонага сытыарбыттар. Эбии куус биэрбэтэхтэр. Онтон олунньу 22 кунугэр со5уруу фронна илдьэннэр, Харьков куорат иhин кыргыыhыга киирэллэр. Ол туhунан Иван Мелентьевич бэйэтин ахтыытыгар бу курдук суруйбут: «Биhиги Харьков куораты ортотунан сатыы баран, урусхал буолбут куорат Холодная Гора оройуонугар тохтообуппут. Кулун тутар 8 кунэ уунэр туунугэр взводунан икки о5олоох эмээхсиннэ хомуппут. Кутуотун фашистар дьиэтин балконыгар таhааран ыйаабыттар, кыыhын утарылыспытын иhин олбуорун иhигэр ытан олорбуттэр. Кинилэртэн хаалбыт туортээх уонна биэстээх кыыстаах уолу иитэ сылдьарын, ына5ын ньиэмэстэр илдьэ барбыттарын туhунан ытыы-ытыы кэпсээбитэ.
Кулун тутар 12 кунэ уунэр туунэ ордук тынааhыннаах буолбута. Ураты харана тууннэ туун уоhэ ааспытын кэннэ кэннибиттэн «Катюша» ытыалаан субурутта. Снарядтар уотунан уhууран тиийэн, тыа са5ытыгар эстэн кулумнэстилэр. Биhиги сытар сирбитигэр остоох куустээх уоту аhан, снарядтар сиирэ-халты туhутэлээн сии сыспыттара.
Халлаан лаппа сырдаабытыгар тогуруллубуппутун билбиппит. Остоохтор тыа са5атыгар кэлбиттэригэр, командирбыт бирикээhинэн 500 м чугаhатан баран, биhиги утары уоту ааспыппыт. Толоон иhэ уотунан уhуура туспутэ.Остоо5у кытта кун быдан уоhэ ойуор диэри ытыаласпыппыт. Тоhо да элбэх сутуктэннэр, остоох санаттан-сана атааканы онорон испитэ. Ол да буоллар кимиитин тохтоппуппут. Ити кирсиигэ полкабыт политруга Лазаревич уонна Иванов, Петров диэн пулеметчик нуучча уолаттара геройдуу охтубуттара. Харса суох кыргыhыы тумугэр 1310 стрелковай полкаттан а5ыйах киhи ордон хаалбыппыт. Салгыы дьиэттэн дьиэ5э соруостэ сылдьан хас да кун да сэриилэhэн тракторнай собуоту ааhаат эмискэ тула уот ортотугар баар буолан хаалбыппыт, киэhэ харана буолуор диэри ытыаласпыппыт.
Кулун тутар 14 кунунээ5и сарсыарда халлаан сырдыыта уулусса нонуо кытыытыгар. В.Филипповы корон уорбутум. Кини уhус взводтан сэттэ эрэ киhи тыыннаах хаалыбыт диэбитэ. Оттон манна 1-2 взводтан 6 киhи ордон сылдьар этибит.
Харьков куорат аннынан ааhар Уды орускэ киирэн эмиэ остоох тогуруктээhинигэр тубэспиппит. Ити кулун тутар 16 кунугэр этэ. Остоох «Бэринин, тыыннаах хаалларыахпыт!» диэн листовкалары самолеттан ыспыта. Бааhырбыттарга тута комону онорор кыах суо5а, аhыыр ас быстыбыта. Ус «Катюша», икки таанка бааллара снарядтара бутэн хаалбыт этэ. Байыастар «билиэн эрэ барыахпыт суо5а» диэн быhаарыы ылыммыттара. Итинник бигэ санааланан, 80 байыас буоламмыт тогуруктээhин иитин иhигэр баар дэриэбинэни эмискэ штурмалаан ылбыппыт. Соhуччута бэрт буолан остоохтор чугуйан биэрбиттэрэ. Ньиэмэс самалеттара сатыылаан туран буомбалыы сырыттахтырына В.Филипповым кохсугэр пулемету туруоран куорэтэлээбитим табыллар эрээрилэр сууллубаттара. Аhыллыбыт суолунан Уды орускэ саба суурэн киирэн унуор тахса сатыыр остоохторго кэннилэриттэн уоту аhаммыт элбэх сутуктэммимиттэрэ. Орускэ снарядтар эстэннэр уу фонтана орускэ уhууран тахсан, ууга киhи былдьаныыта элбээбитэ. Ол да буоллар уонча эрэ хаалан утары хайа аппата баарын булан ордон хаалбыппыт.
Салгыы остоох эккирэтэ сылдьан ытыалааhынын, тоhуурдарын сатабыллаахтык муучу туhутэлээн Севернэй Донец оруhу Змиев станциянан туораан кулун тутар 17 кунугэр генерал-лейтенант Малиновскай командующайдаах Со5уруунну-Ар5аанны фронт чаастырыгар тиийбиппит. Кулун тутар 23 кунугэр уhус танковай чаас састаабыгар киирэн, мантан 20-чэ км ыраах сытар Печенеги боhуолэги комускуур бирикээс ылбыппыт. Биhиги чааспыт тобо5о боhуолэккэ тиийбитэ. Кулун тутар 25 кунэ уунэн эрэрэ. Боhуолэги аннынан ааhар Севернэй Донец оруhу туораан эрдэхпитинэ остоохтор куустээх уоту ааспыттара. Эмиэ аhа5ас халлаан анныгар уот будул5ан ортотугар киирбиппит. Эмискэ ойон туран «Ураа!» хаhытыы-хаhытыы харса суох ытыалаан, граната быра5а-быра5а остоох боhуэлэк аттынаа5ы оборонатын то5о котон киирбиппит».
Официальнай байыаннай сводка (Совинформбюро) быhыытынан «Харьков куорат уhун, ыарахан сэриилэhии кэнниттэн остооххо хаалларылынна» диэн кулун тутар 16 кунугэр иhитиннэриллибитэ. Оччолорго Харьков куорат анныгар тогуруктээhинэ тубэhэн 4 советскай армия уонна чехословацкай корпус кыргыллыбыта байыаннай кистэлэн этэ…(С.Ч.).
Оттон биhиги байыастарбыт кулун тутар 25 кунугэр диэри уот будул5ан ортотугар хорсуннук сэриилэhэ сылдьыбыттар! Тиhэ5эр, ити кыргыhыы кэмигэр Иван Иосифов ыарахан бааhырыыны ылар – тоботун унуо5ун ханас оттугэр 2x1x3 см алдьаныы тумугэр мэйиитин 1,5 куб. см кэринэ маассата оронон хаалар, биир оскуолак 2 см иhирдьэ киирэн уна мэйиитигэр тиийэн хатанар, уна хомур5ана тостор.
Ойо суох сытар саха саллаатын бастаан Москва анныттан бииргэ сэриилэспит бэйэтин ротатын политруга тубэhэ туhэн, икки саллаатынан наhыылкалатан таhааран истэ5инэ аны буомбалааhынна тубэhэллэр. Иван биирдэ ойдонон кэлбитэ урдук даамба5а суол ортотугар сытар эбит. Политруга саллааттарынаан суохтар. Урдунэн свастикаллаах самолеттар намыhа5ынан элиэтээн ааhаллар, хойуу таммах курдук буомбалар саккырыыллар эбит. Хайыыр да кыах суох. Бу тугэннэ аны чааhын командира тубэhэ туhэн, икки бинтиэпкэ урдугэр уураннар, 3 км тухары остоох уотун аннынан санчааска а5алан туттараллар. Бу – норуоттар до5ордоhууларынан, олор-тиллэр тугэннэ бииргэ сомо5олоhууларын ча5ыл5ай туоhута буолбатах дуо?!
Иван Мелентьевич маны «мин чиэhинэйдик сэриилэспит иhин бырахпатахтара буолуо» диэн сыаналыыр. Центнертэн ордук ыйааhыннаах, ойо-тойо суох сытар омугу нуучча уолаттара уот будул5антан мээнэ5э таhаарбатахтара буолуо диэ5и ба5арыллар.
Ити курдук Иван Мелентьевич сэриилэhэн буппутэ. Хомур5анныгар биирдэ, тоботугэр устэ эпэрээссийэ онороллор. Сылтан ордук эмтэнэн 1944 с. муус устарга киhи комотунэн хаамар саллаат торообут дойдутун булар. Кэлиэн биир ый иннинэ ийэтэ тымныйан, убайа Прокопй сэрииттэн ылбыт бааhа гангреналаан олбуттэрин истэр. Анардас «Кыhыл сардана» холкуостан Ийэ дойду комускэлигэр 25 киhи торообут алааhыгар эргиллибэтэ5э.
Иван Мелентьевич медицина комотунэн ороhуллэн алта сыл устата «Кыhыл сардана» холкуоска салайар улэ5э, ол иhигэр икки сыл бэрэссэдээтэллиир. Салгыы Уус-Алдан райисполкомун кылаабынай бухгалтерынан 35 сыл, Уус-Алдан Намы кытта холбоhор кэмигэр 2 сыл коммунальнай хаhаайыстыбага кылаабынай бухгалтерынан улэлиир. Улуус, нэhилиэк общественнай ологор кохтоохтук кыттыбыта. Кини сап сагаттан салгаммыт ологун билигин 3 кыыhа, 8 сиэнэ, 18 хос сиэнэ салгыыллар. Кини туhунан Муру I номердаах уонна Дьокуускай куорат уорэнээччилэрэ «Мэйиитигэр оскуолактаах саллаат” – диэн дакылаат суруйбуттара.
«Сэрии баастара оспоттор» диэн мээнэгэ эппэттэр. Тайахха тэптэрэн хаамар Иван Мелентьевич, саха дьоргоох сурэхтээх саллаата, 25 сыл буолан баран 1968 сыллаахха сэриилэспит сиригэр бара сылдьыбыта. Харьков анныгар тогуруктээhиннэ кинилэр чаастарыттан 826 киhи олбут испиэhэгин корбутэ, тоhо киhи сурага суох суппутэ биллибэт этэ. Харьков куорат иhин кыргыhыыга, уобалас военкомун даннайынан 17000 киhи комуллэ сытарын, 70000 эрэ киhи аата биллибитэ элбэги этэр.
Харьков куорат военнай горнизонун историческай музейыгар И. М. Иосифов туhунан ахтыылардаах «Саха сирэ Ага Дойдуну комускуур сэрии сылларыгар» диэн Д. Д. Петров кинигэтэ уурулла сытар.
Москваны комускээбит, Харьков анныгар тогуруктээhиннэ ротаттан ус буолан тыыннаах ордон тахсыбыт, Ага Дойду сэриитин I, II истиэпэннээх орденнарын кавалера, саха хорсун уонна чиэhинэй саллаата Иван Мелентьевич Иосифов туhунан биhиги сурэхпитигэр оруу тыыннаах.