Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Иванов Иннокентий Семёнович

Иванов Иннокентий Семёнович (1910-1943) – l Чочу нэһилиэгэр Алааска 1910 сыллаахха төрөөбүт, баартыйата, үөрэҕэ суох. М.Горькай аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр ыҥырыллыбыт, рядовой саллаат, 1942 сыл сэтинньитигэр сураҕа суох сүппүт.
Уола Семён Иннокентьевич аҕата сэриигэ барарыгар 5-6 саастаах оҕо хаалбыт. Кини аҕата
сэрии аҕай иннинэ кулууп дьиэтэ үлэҕэ киирбитин үөрэн-көтөн, солбуһа-солбуһа үҥкүү тылын этэллэрин өйдөөн хаалбыт. Оччотооҕу дьон Эҥиэнтэйи олус үчүгэйдик үҥкүү тылын этэрин, куолаһа, хоһооно үчүгэйин бэлиэтээн хайгыыллар эбит. Саллаат уола Семён Иннокентьевич Иванов кэпсиир: “Мин аҕам үөрэҕэ суох эрээри ааҕарга, суруйарга, үөрэнэргэ
кыһаллан ааҕар, суруйар буолбут. 1946 сыл диэки сурук кэлбитэ. Ону мин кыайан аахпатаҕым. “Аҕаҥ сураҕа суох сүппүт” – диэбиттэрин эрэ өйдүүбүн. Аҕам Иванов Иннокентий Тихонович диэн буолуохтаах эбит, бу төрөппүт аҕата Тиэхээн диэн киһи. Иванов Тиэхээн уонна мин аҕам бииргэ төрөөбүттэр. Аҕам чиэппэр күүстээх киһи эбит. Арыыга – Михеев олоҕор “Даамай тааһа” диэн баар үһү. Аҕам тустан Буучугураһы ыһыахха охторон турар. Ону Кондаков Михаил диэн Сыралта ыччата кэпсээбитэ, “бэйэм илэ харахпынан көрбүтүм” диэн. Мин дьонум Үөһээ Бүлүүгэ от сии тахсыбыттар, онно Чөҥөрөҕө төрөөбүппүн. Мин иннинэ түөрт оҕо төрөөн өлбүттэр. Ийэм этэринэн, сир уларытан төрөөбүт буоламмын биэс оҕоттон соҕотоҕун тыыннаах хаалбыппын”. Сэрииттэн эргиллибэтэх буойун
Иванов Иннокентий Семёнович уола Сэмэн билигин Сахатын сиригэр киэҥник биллэр алгысчыт, олҥхоһут, тойуксут, оһуокайдьыт.
Иннокентий Семёнович Иванов аатын уола, элбэх сиэннэрэ, хос сиэннэрэ үйэтитэллэр.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.