Иванов Николай Сергеевич 1915 сыллаахха (1914) Тойбохой нэьилиэгэр 8 оголоох ыалга тердус огонон тереебутэ. Оскуолага хойутаан киирбитэ. Сэттэ кылааьы бутэрэн баран Дьокуускайга педагогическай училищега уерэммитэ. 1933 сыллаахха бутэрэн Кэбээйи оскуолаларыгар учууталлаабыта. Онтон дойдутугар кэлэн Тэцкэ начаалынай оскуолатыгар 1937 – 1940 сс. Учууталынан сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ.
Балаган ыйын 1941 сыл 1-5 куннэригэр байыаннай комиссия буолбута. Сэриигэ ыцырыллыбыттар Туруктанан сатыы 750-ча буолан барбыппыт. Мин Николайы кытта бииргэ ыцырыллыбытым. Иркутскайга тиийэн, ус ацы араартаан ыыталаабыттара. Мин убайбынаан 551-с байыаннай чааска бииргэ сулууспалаабыппыт. Онтон кинини учебнай ротага уерэттэрэн баран, сержант званиетын биэрэн, полковой оскуолага отделение командирынан хаалларбыттара. Миигин Иркутскайга Черниговскай байыаннай инженернай-офицерскай училищега ыыппыттара. Онтон ыла сэрии бутуер дылы керсубэтэхпит. Аадырыспыт уларыйан суруйсубатахпыт даганы.
Сэрии буппутун кэннэ, кини бииргэ сэриилэспит киьитэ, Москвага олорор Козлов Николай Алексеевиьы, нуучча киьитин кытта, суруйсубутум.
1942 сыллаахха Сталинградтаагы кыргыьыыга барарыгар, Козловка отделение командирын солбуйтара хаалларбыт. Козлов убайбын сурдээх «рассудительнай», «Хорсунун иьин» мэтээллээх, «Кыьыл Сулус» орденнаах диэн суруйара. Ити кэнниттэн Полтава куоракка офицерскай училищега уерэнэ сылдьан, балаьыанньа кытааппытыгар фроцца хос ыытыллыбыт. Онно Куокуну киьитинээн, Петров Егор Константиновиьы кытта сэриилэьэ сылдьан елбуттэр диэн сурах баар.
1942 сыллаахха Сталинград кыргыьыытыгар Советскай Союз маршала Чуйков Василий иванович командалаабыт 62-с армиятын састаабыгар сэриилэьэ сылдьан охтубутун туьунан эрэ истибитим.
Николай 1926 с Тойбохой начаалынай оскуолатыгар уерэнэ киирбитэ. 1933 с. колхозтаах ыччаттар оскуолаларын (ШКМ) 7 кылааьын бутэрээт, Дьокуускайдаагы педагогическай техникумца уерэнэ киирбитэ. Биир сыл Кэбээйи оскуолатыгар учууталлыыр, онтон дойдутугар кэлэн ус сыл (1939-1941) Тэцкэ начаалынай оскуолатыгар учууталлыыр.
1941 с бастакы хомуурга тубэьэн Ийэ дойдутун кемускуу барбыта. Николай сэриигэ бастакы киириитэ 56-с армия 2-с гвардейскай дивизия састаабыгар буолбут. Онтон Литовскай байыаннай училищега уерэнэн истэхтэринэ Сталинградка 64-с армия 7-с гвардейскай дивизиятыгар ыыппыттар. 1942 с. Ыам ыйыгар эдьиийдэригэр «Хорсунун иьин» медалынан нагараадаламмытын туьунан телеграмманы Харьков куораттан ыыппыта. Оччотоогуга бу Сунтаарга бастакы сонун этэ. Онтон икки ый буолан баран иккис телеграммата Ростов-на- Дону куораттан «икки тегул чэпчэкитик бааьырдым» диэн кэлбитэ. Дьэ итинтэн ыла кини ханнык да суруга биллэриитэ дьонугар кэлбэтэгэ.
Кэлин 1978 с. Волгоград технологическай техникумун курсаннарын «Гренада» диэн кыьыл суолдьуттара суруйбуттара. Ол суруктарырар Иванов Николай Сергеевич кинилэр техникумнарыгар урут уерэммитин уонна харса суох сэриилэспитинтуьунан ахтыбыттар.