1942 сыллаахха Нам военкоматынан ыҥырыллан сэриигэ барбыта. А5а дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Прибалтийскай фронт 72-с стрелковай полкатыгар снайперынан, автоматчигынан сулууспалаабыта, Эстонияны, Риганы, Кенигсберы босхолооһуҥҥа кыттыһан Польша кыраныыссатыгар тиийэ сэриилэспитэ, Сэрии кэмигэр иккитэ чэпчэкитик уонна биирдэ ыараханнык бааһырбыта. «Албан аат» III степеннээх, «Аҕа дойду сэриитин» I степеннээх орденнардаах, «Килбиэннээх үлэлэрин иһин Аҕа дойду сэриитин сылларыгар 1941-1945с.с.», «Германияны кыайыы иһин Аҕа дойду сэриитин сылларыгар 1941-1945с.с.», «Жуков аатынан», мэтээллэр кавалердара, элбэх юбилейнай мэтээллэринэн, наҕараадаламмыта. Дойдутугар 1945 сыллаахха эргиллэн кэлбитэ.
Сэрии кэнниттэн Ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, Сельсовет председателинэн, кадровай булчутунан, үлэлээбитэ. Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай Грамоталарынан икки төгул наҕараадаламмыта.
1999 сыллаахха күн сириттэн барбыта.
Крылов Семен Гаврильевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.