Награжден серебряной медалью ВДНХ.
В РККА призван 15.08.1943 Чурапчинским РВК Якутской АССР. Работал на трудовом фронте в Тиксинском морском порту. Разгружали, загружали, охраняли груз, пиломатериалы прибывшие через Северный морской путь.
Матвеев А.П. родился 04.08.1921 в местности Бугуллаах Лягинского наслега Восточно-Кангаласского улуса Якутской области. Имеет 3 класса образования. Член артеля охотников «Каракаан», с 1937 г. член колхоза им. М.И. Калинина.
Кадровый охотник, весенне-летнее время работал на лесопилке, сенокосе.
После войны окончил Чурапчинскую сельскохозяйственную школу, обучался на курсах по звероводству в Бурятии. Работал бригадиром животноводческой фермы, а потом зверофермы.
За высокие показатели награжден серебряной медалью ВДНХ. Также работал продавцом, заведующим магазином в уч. Ефремовка и с. 2-й Чакыр, кадровым охотником.
Ветеран труда.
Умер 15.0.1985 в с. II-Чакыр Амгинского района.
Жена Наталья Николаевна. 2 сыновей. Младший сын, внуки и правнуки живут в г. Якутске.
Матвеев Алексей Петрович 1921 сыллаахха Лээгигэ төрөөбүтэ, Каракаан Өлөксөй улахан уолун Уһун Маппый улахан уолун Хохой Ньукулай сиэнин Матвеев Петр Афанасьевич-Бүөтүккэ уола, 3 кылаас үөрэхтээх. 1937 сыллаахха Калинин аатынан холкуос чилиэнэ. Сэрии иннинэ кыhынын бултуура, саас мас кэрдиитигэр, болуот уhаарыытыгар, сайынын окко үлэлиирэ.
Сэриигэ Чурапчытааҕы ОБК 15.08.1943 с. ыҥырыллан үлэ Фронугар Тиксиигэ муоратааҕы портка матростаан борохуот курууһугар үлэлээбитэ. Хотуг муустаах океан муораларынан Америкаттан көмөҕө диэн араас ас-үөл, таҥас-сап, араас табаар кэлбитин баржаҕа сүөккээн, биэрэккэ таһан, харабыллаан, онтон атын борохуотка тиэйэн Дьокуускайга аҕалаллар эбит.
Сэрии кэнниттэн холкуоһугар араас үлэлэргэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, 1950 сыллаахха икки холкуос холбоспутун кэннэ ферма биригэдьииринэн үлэлээбитэ, ити бириэмэҕэ Чурапчытааҕы тыа хаһаайыстыбатын оскуолатын бүтэрбитэ. Бурятияҕа звероводтар курстарыгар үөрэнэн холкуоһугар звероферма тэрийсэн, онно биригэдьиирдээбитэ. Үрдүк ситиhиилэнэн Москваҕа НХСБ кыттыыны ылбыта, үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Кэргэнэ Наталья Николаевна Степанов Семен Николаевич-Ньэкэлэй оҕонньор уолун Василий Семенович кыыһа. Григорьев Николай Михайловичка-Тоҥолло иитиллэн Григорьева Наталья Николаевна буолбута.
Көһөрүү кэмигэр кэргэнэ Матвеева (Григорьева) Наталья Николаевнаны кытта бастаан утаа Өнньүөс аттынааҕы Ефремовка (Саһыл) дэриэбинэтигэр көһөн кэлэн маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлээбиттэрэ, онтон кэлин Чакырга Лягинскай диэн ааттаммыт уулуссаҕа быраатын Афанасий Матвеев дьиэтин таһыгар улахан дьиэ туттан киирбиттэрэ. Чакырга көһөн кэлэн баран ас-таҥас маҕаһыынын сэбиэдиссэйинэн Пенсияҕа тахсыахтарыгар диэри үлэлээбиттэрэ. Хас да сыл оройуон чемпион атыыһыта буолбута. Пенсияҕа тахсан баран «Амма» сопхуоска кадровай булчутунан 1985 с. ыалдьан өлүөр диэри үлэлээбитэ. Үлэ бэтэрээннэрэ. Алексей уонна Юрий диэн уолаттардаахтар. Алексей Алексеевич Аммаҕа, Чакырга техникаҕа үлэлээбитэ, суоппардаабыта. Убайбыт барахсан тарбаҕар талааннаах, техниканы билэр уус киһи этэ. Киһи киэнэ көнөтө. Миигин кыра эрдэхпинэ маанылаан Чакыры биир гына салааскаҕа соһон иһэрин бу баар курдук өйдүүбүн.
Кини 2001 сыллаахха Чакырга өлбүтэ.
Уола Владислав Алексеевич Дьокуускайга олорор, 5 оҕолоох.
Юрий Алексеевич билигин Дьокуускайга олорор, икки уоллаах, икки кыыстаах, элбэх сиэннээх.
Алексей Петрович туһунан бу кинигэҕэ элбэхтик үтүө тылынан ахтыллыбытын, мин убайым аатынан ааттаммыт киһи киэн туттабын.
Алексей Филиппович Матвеев,
Эдьигээн, 2009