1919 с. балаҕан ыйыгар Хаҕын нэhилиэгэр Кировка элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр, 1943 с. бэс ыйыгар ыҥырыллан, Читинскэй уобаласка кылгастык үөрэтэ түhэн баран, уоттаах сэриигэ ыыппыттар. Кини 17-ис гвардейскай полкаҕа стрелок быhыытынан сэриилэспит. 1944 сыл Витебск куорат таhыгар, атаҕар таптаран, госпитальга сытан эмтэнэн баран, дойдутугар этэҥҥэ тыыннаах эргиллэн кэлбит.
Үлэҕэ үтүө суобастаах сыратын түмүгүнэн «Ветеран труда», «1941-1945сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэн үлэтин иhин», араас грамоталар, махтал суруктар, «Үлэ ударнига» значок буолаллар. Наҕараадалара: «Орден отечественной войны 1 ст.», «20 лет Победы ВОВ», «За победу над Германией в ВОВ», «30 лет Победы в ВОВ», «60 лет Вооруженных Сил СССР», «40 лет Победы в ВОВ», «70 лет Вооруженных Сил СССР» уо.д.а.
Михайлов Иван Тимофеевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.