Награжден Орденом Отечественной войны II степени, медалями «За оборону Сталинграда», «За победу над Германией в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.».
В РККА призван 15.06.1942 Чурапчинским РВК Якутской АССР. Служил в 991 СП 258 СД. После лечения в госпитале по состоянию здоровья в 1943 г. демобилизован (ЭГ 3060, 1687, 3058).
Инвалид ВОВ II степени.
Никифоров Н.М родился 23.12.1919 в Лягинском наслеге Восточно-Кангаласского улуса Якутской области. 3 класса образования. Работал пионервожатым, писарем в колхозе им. Чкалова Лягинского наслега Амгинского района Якутской АССР.
После фронта работал в милиции, счетчиком в колхозе, лесопилке, охотником, коневодом. Умер 01.05.2001 в с. II-Чакыр.
Жена Марфа Петровна. Дочь и 3 приемных детей. Дети и внуки, правнуки живут в Амгинском улусе и г. Якутске.
Никифор Михайлович 1919 сыл ахсынньы 23 күнүгэр Лээгигэ Никифоровтар дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон төрөөбүтэ. Ийэтэ Өнньүөс Устиновтар (Үүтүмсэхтэр) кыыстара Никифорова (Устинова) Ольга Елисеевна Лээгигэ кэргэн тахсан барбыт. 1965 сыллаахха 83 сааhыгар олохтон туораабыта. Аҕата Никифоров Михаил Николаевич (Улардьыт) Лээги төрүт олохтооҕо.
Убайа Никифоров Николай Михайлович сэриигэ баран өлбүтэ. Никифор Михайлович 3 кылаас үөрэхтээх. Оскуолаҕа комсомол сэкирэтээринэн, пионер баһаатайынан, кэлин холкуоска суруксутунан уонна араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. Чкалов аатынан холкуоска Промкомбинакка мас бэлэмнии сылдьан, 1942 c. сэриигэ Чурапчытааҕы ОБК 15.06.1942 с. ыҥырыллан 991 СП 258 СД. ЭГ 3060, 1687, 3058 – Чебоксары куорат Чувашскай АССР сулууспалаабыта. 1943 сыллаахха ыалдьан төннөн кэлбитэ.
Сталинград анныгар госпитальга сыта сылдьыбыт докумуона көстөн «3060 №-дээх эвакогоспитальга 991 №-дээх стрелковай полк красноармееhа Никифоров Никифор Михайлович 1943 с. кулун тутар 11 күнүттэн ыам ыйын 6 күнүгэр диэри эмтэннэ», 1992 сыллаахха сэрии II группалаах инбэлиитэ буолбута.
Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх уордьанынан, «Германияны кыайыы иhин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
«Өйдөбүнньүк: 1941–1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара – Саха сирин буойуннара уонна тыыл бэтэрээннэрэ» мемориал-кинигэҕэ «Сталинграды көмүскээһин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт Сталинград кыргыһыытыгар кыттыбыт дьон испииһэктэригэр «Никифоров Никифор Михайлович, Амма оройуона» диэн киирбит. (9-с кинигэ. Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 2004.-С.247)
Фронтан кэлэн баран милицияҕа үлэлээбитэ, сэрииттэн куота сылдьар дьону тутууга сылдьыспыта. Кэлин холкуоһугар суотчутунан, мас кэрдээччинэн, булчутунан, сылгыһытынан үлэлээбитэ.
1954 с. мин ийэбин 3 оҕолоох Максимова Марфа Петровнаны кэргэн ылан кыыстара мин Нина төрөөбүтүм. Ийэм холкуоска бухгалтерынан, суотчутунан уонна сэбиэккэ сэкирэтээринэн Лээги нэһилиэгэ көһүөр диэри үлэлээбитэ.
Биhиги ийэбит бухгалтердыыр буолан, Покровкаҕа (Майскайга) көhөн кэлбиппит. Ол кэмҥэ мин Лээгигэ төрдүс кылааhы бүтэрэн Амма орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. 1977 сыллаахха балаҕан ыйыгар ийэм Чакырга олорон ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.
Аҕам Пенсияҕа тахсан баран, Чакырга бэтэрээннэр звеноларыгар оттообута уонна атын звеноларга асчытынан сылдьыбыта.
2001 сыллаахха ыам ыйын 1 күнүгэр 81 сааhыгар сылдьан өлбүтэ.
Нина Никифоровна Иванова,
II Чакыр, 2008