В РККА призван 04.09.1941 Чурапчинским РВК Якутской АССР. Стрелок 34 мотострелкового полка, 34-й мотострелковой бригады. Погиб во время боевых действий полка 22.06.1942 в с. Новоивановка Шевченского района Харьковской обл. Украинской ССР. В этот день их полк понес 426 потерь личного состава. (ЦАМО ф. 58, оп. 818883, дело № 1844, № донесения 23234 от 09.09.1942).
Никифоров Н.М. родился в 1911 г. в Лягинском наслеге Восточно-Кангаласского улуса Якутской области. Учился в ликбезе, затем в Абагинской школе, комсомолец. Избирался председателем комитета по социальной защите, секретарем, председателем сельсовета, также работал на золотодобывающем прииске в Алдане, в нефтеразведочной экспедиции.
Погиб на фронте 22.06.1942
Жена Вера Васильевна. 2 дочерей. Младшая дочь, внуки и правнуки живут в г. Якутске.
Николай Михайлович (Рыков Николай) 1911 сыллаахха Лээгигэ Никифоров Михаил Николаевич дьиэ кэргэнигэр бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Аҕата Тоторбот улахан уола Моҕус Киргиэлэй уола Петров Никифор Григорьевич уолун Григорьев Михаил (Чына) уола Михаил (Улардьыт) буолар. Ийэтэ Өнньүөстэн төрүттээх, Устиновтар (Үүтүмсэхтэр) кыыстара Ольга Елисеевна, кини 1965 сыллаахха 83 сааhыгар өлбүтэ. Николай бииргэ төрөөбүт быраата Никифор Михайлович (Харабыл).
Николай Михайлович Абаҕа оскуолатыгар үөрэнэ сырыттаҕына үрүҥнэри кытта сэрии буолан үөрэҕин тохтотон дойдутугар төннөн кэлбитэ, ол да буоллар хоп курдук ааҕар-суруйар буолбута. Нэһилиэккэ актыыбынай общественник быһыытынан биллибитэ. Нэһилиэккэ аан бастаан кыамматтар кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн, кэлин нэһилиэк Сэбиэтин сэкирэтээринэн, бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьыбыта. Оччотооҕуга дойдуну салайан олорбут Рыков Политикатын өйөөбүтүн иһин, Рыков диэн хос ааттаммыта. Саҥа олох тутуутун мөккүөрүттэн үлэтиттэн уурайан, Алдаҥҥа көмүс хостуур бириискэҕэ үлэлээбитэ. Онтон Лээгигэ нефтеразведка экспедициятыгар Тыһаҕастаах арыытыгар, Хомустаахха, Улахан Күрүөҕэ үлэлээбитэ.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941 сыллаахха балаҕан ыйын 4 күнүгэр Чурапчытааҕы ОБК ыҥырыллан, 34 МСП, 34-с МСБ сулууспалаабыта. 1942 бэс ыйын 22 күнүгэр өлбүт, Украинскай ССР, Харьковскай уобалас, Шевченковскай оройуонун Ново-Ивановка сэлиэнньэтигэр көмүллүбүт.
1942 сыллаахха ыам ыйыгар Смоленскай – Ленинград диэки сураҕа суох сүппүт диэн САССР Мэҥэ-Хаҥалас оройуонунааҕы комиссариатын 1975 сыл ыам ыйын 22 күнүнээҕи 72 №-дээх ыспыраапката баар.
1933 сыл Федорова Вера Васильевналыын холбоhон ыал буолбуттар. Лээги маҥнайгы комсомолецтара этэ, ликбезкэ үөрэммиттэрэ, икки кыыс оҕолоохтор.
Михаил Васильевич Григорьев архыыбыттан