Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Никифоров Николай Васильевич

В РККА призван 28.08.1941 Чурапчинским РВК Якутской АССР. Служил в 136-м кавалерийском полку 2-й гвардейской кавалерийской дивизии.
Погиб 28.11.1941 в с. Павлово-Воронцово Тульской области.

Никифоров Н.В. родился в 1908 г. в Лягинском наслеге Восточно-Кангаласского улуса Якутской области. Член ВКП (б). До войны работал лесорубом в «Союззолоте» в золотодобывающем прииске «Незаметный» Алданского района, оленеводом прииска с. Тырканда Алданского округа, бригадиром колхоза им. Пушкина, председателем правления колхоза «Холбос» Амгино-Нахаринского наслега, председателем колхоза «Буденный», председателем правления Абагинского сельпо, агентом конторы «Заготскот» Амгинского района.
В 1935 г. был делегатом II Всесоюзного съезда колхозников-ударников. Был на приемах “всесоюзного старосты”, члена Политбюро ЦК М.И. Калинина и маршала Советского Союза, инспектор кавалерии РККА С.М. Буденного.

Жена Прасковья Павловна. Дочь, внуки и правнуки живут в с. Болугур Амгинского улуса и Якутске.

Никифоров Николай Васильевич-Бассабыык Ньукулай Тоторбот аҕа ууһуттан төрүттээх Могдойо Баһылай иккис уола. Николай олус элбэх саҥалаах, орто уҥуохтаах, кэлбит-барбыт, олус сытыы, түргэн хамсаныылаах, кыһыл маҥан киһи этэ.
Лээгигэ бассабыык партия идеятын ким хайа иннинэ пропагандалаабыт, олоххо түргэнник киллэрээри бэрт элбэхтик араатардаабытын иһин доҕотторо Бассабыык диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, салайар-тэрийэр үлэҕэ ис-иһиттэн дьоҕурдааҕын билэннэр, холкуостар тэриллиилэрин саҕана, бастакы Ымыйахтаах холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан, 1935 сыллаахха холкуостаах удаарынньыктар, бэрэссэдээтэллэр Бүтүн Россиятааҕы бастакы съезтэригэр делегатынан талыллан Москва куоракка баран кыттыбыта. Съезд кэмигэр Бүтүн Сойуустааҕы староста Михаил Иванович Калинин уонна гражданскай сэрии аатырбыт полководеһа Семен Михайлович Буденнай приемнарыгар сылдьыбыта, кинилэри кытта хаартыскаҕа түһэр чиэскэ тиксибитэ. Ол туһунан 1935 сыл кулун тутар 21 күнүнээҕи «Правда» хаһыакка, онтон 1987 сыл балаҕан ыйын 24 күнүгэр «Кыым» хаһыакка бэчээттэммитэ.
Съезтэн кэлэн баран Хоомолдьуга Буденнай аатынан холкуоска бэрэссэдээтэлинэн талыллан холкуоһу улаханнык бөҕөргөппүтэ, оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ үчүгэй үлэлээх холкуос буолан киэҥник биллибитэ. Онтон 1939–1941 сылларга заготскот тэрилтэтигэр үлэлээн Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта (Москва к., 29.03.1941, № 2518).
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаланаатын кытта 1941 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр бэйэтэ тылланан фроҥҥа барбыта. Москва анныгар сэриилэһэ сылдьан 1941 сыл сэтинньи 28 күнүгэр сэрии толоонугар охтубута. Тульскай уобалас Павлово-Воронцово сэлиэнньэҕэ көмүллүбүтэ.
Николай Васильевич кэргэнэ Прасковья Павловна. Кыыһа Николаева Светлана Николаевна Пенсияҕа тахсыар диэри учууталлаабыта, Болугурга олорор. Эһэтин Бассабыык Ньукулай туһунан хос сиэнэ Илья Ларионов, Амма улууһун Болугур орто оскуолатын үөрэнээччитэ бу курдук суруйар: «1935 сыллаахха Москваҕа холкуостаах удаарынньыктар Бүтүн Союзтааҕы иккис Съезтэрэ буолбута. Съезд үлэтигэр кыттыыны ыларга Саха сирин холкуостаахтарыттан бастыҥнартан бастыҥнара талыллан барбыттара. Кинилэртэн биирдэстэринэн мин хос эһэм Николай Васильевич Никифоров буолар. Кини съезкэ Амма улууһун «Хоомолдьу» холкуоһуттан (Омоллоон нэһилиэгэ) кыттыыны ылбыта. Москваҕа кинилэр массыына тутар заводка, театрдарга сылдьыбыттара. Ивановскай уобалас сопхуостарын уонна холкуостарын бастыҥ үлэһиттэрин кытта билсибиттэрэ. Саха сириттэн сылдьар дьон Бүтүн Россиятааҕы Ситэриилээх Комитет бэрэссэдээтэлэ М.И.Калинины уонна гражданскай сэрии легендарнай геройа С.М.Буденнайы кытта көрсүһэр дьолломмуттара. Делегацияны приемнуур кэмигэр М.И.Калинин ыраах Саха сириттэн кэлбит производство бастыҥнарыттан тыа хаһаайыстыбатын коллективизациялааһын ситиһиилэрин уонна ыарахаттарын тустарынан сиһилии ыйыталаспыта.
Делегация чилиэннэрэ көрсүһүү бэлиэтигэр кинини кытта хаартыскаҕа түспүттэрэ. Бу көрсүһүү туһунан «Кулун тутар 21 күнүгэр табаарыс М.И.Калинин Саха АССР холкуостаахтарын делегациятын Приемнаата диэн» төбөнөн «Правда» хаһыат суруйбута.
1980 сыл кулун тутар 24 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы партийнай архыыпка хос эһэм Николай Васильевич Никифоров туһунан ыйытык суругу эбэм ыыппыт. Ол суругар архыып сэбиэдиссэйэ Н.Игнатьев илии баттааһыннаах маннык хоруй кэлбитэ.
«По документам Партийного архива обкома КПСС установлено, что товарищ Никифоров Николай Васильевич родился в 1908 году в Лягинском наслеге Амгинского района в семье крестьянина-бедняка. Членом ВКП(б) принят 31 мая 1940 года. С июня 1923 года по 1925 год работал лесорубом в «Союззолоте», в Незаметном Алданского округа.
С сентября 1927 года по сентябрь 1930 год занимался сельхозтрудом. С июня 1925 года по сентябрь 1927 года – оленевод транса с.Тырканда Алданского округа. С сентября 1930 года по ноябрь 1931 года – бригадир колхоза им. А.С. Пушкина Амгино-Нахаринского наслега. С ноября 1931 года по ноябрь 1933 года – председатель правления колхоза «Холбос» Амгино-Нахаринского наслега. С ноября 1933 года по июль 1938 года – председатель правления Абагинского сельпо. С июля 1939 года – агент конторы «Заготскот» Амгинского района».
«Болугур орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Людмила Иванова «Эбэм тыыл уонна үлэ ветерана» диэн «Амма олоҕо» хаһыат 1995 сыллааҕы 54-с №-гэр суруйбут ыстатыйатыгар эбэтэ Ларионова Пелагея Игнатьевна кэпсииринэн, 1930 сыллаахха «Түмсүү» ТСОЗ «Буденнай» диэн холкуос буолбут.
«Ити сылларга бэрэссэдээтэллии олорбут Никифоров Николай Васильевич эбэбин кыһамньылаах үлэтин иһин үс буут сэлиэһинэй бурдугунан уонна үс киилэ арыынан бириэмийэлээбит. Эбэм бастакы бириэмийэтэ буоларын быһыытынан, бу түгэни куруук өйдүү-саныы сылдьар», – диэн суруйар ыстатыйа автора Л.Иванова».
1940 сыл ахсынньытыгар хос эһэм хос эбэбинээн Александрова Прасковья Павловналыын ыал буолбуттар. Хос эбэм кэпсииринэн, хос эһэм мунньахтарга элбэхтик сылдьар, кэлэр-барар эбит. Кэллэҕин аайы, кыра да буоллар, кэһиилээх буолара үһү. Хос эһэм соҕурууттан аҕалбыт икки чааскыттан биирин хос эбэм харыстаан илдьэ сылдьыбыт. Билигин ол чааскы эбэбэр баар. Хос эһэм хос эбэбинээн сэттэ ый кэриҥэ бииргэ олорбуттар. 1941 сыл атырдьах ыйын 28 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллыбыт.
Хос эһэм аатыгар Москваттан нарком Смирнов илии баттааһыннаах ССРС эт уонна үүт промышленноһыгар народнай комиссариатыттан «Амгинской конторе «Заготскот» за отличную работу» диэн суруктаах хайҕал грамотата хос эһэм сэриигэ барбытын кэннэ кэлбит.
Хос эһэм сэрии ханнык толоонугар охтубутун, көмүс уҥуоҕа ханна көтөҕүллүбүтүн билээри кэккэ инстанциялартан суругунан эбэм туоһуласпыт. Онуоха 1980 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр ССРС Оборонатын министерствотын Киин архыыбыттан маннык эппиэт суругу туппут: «Сообщаю, что по документам учета персональных потерь сержантов и солдат Советской Армии установлено: рядовой 136-го кавалерийского полка 2-й гвардейской кавалерийской дивизии Никифоров Николай Васильевич, 1919 года рождения, уроженец Якутской области Амгинского района, призван в Советскую Армию Амгинским РВК, погиб 28 ноября 1941 года. Похоронен в Воронино».
Оттон 1995 сыллаахха тахсыбыт «Память» 3-с кинигэтигэр суруллубутунан: «Никифоров Николай Васильевич урож. Амгинского района, якут, приз. МегиноКангаласским РВК, погиб 28.11.1941 захоронен в с. Павлово-Воронцово Тульской области».
Бу сэриигэ хос эһэм икки бырааттара эмиэ ыҥырыллыбыттара. Кыра быраата Никифоров Спиридон Васильевич фронтан төннүбэтэҕэ. Кини икки уол оҕолооҕо. Орто быраата Никифоров Терентий Васильевич сэрииттэн этэҥҥэ эргиллибитэ. Тутууга үлэлээбитэ. Кэлин ииппит оҕотугар Майаҕа олорон өлбүтэ диэн эбэм кэпсээбитэ.
1942 сыл кулун тутарга эбэм Николаева Светлана Николаевна төрөөбүтэ.
Кини үрдүк үөрэҕи Томскай государственнай университеты бүтэрэн, биология учууталынан төрөөбүт оройуонугар үлэлээбитэ. Икки уол, икки кыыс оҕолоох. Бары үлэһиттэр. Эбэм түөрт сиэннээх, мин улаханнарабын. Эбэм үлэ ветерана, пенсияҕа олорор.
Стахановка Ларионова Пелагея Игнатьевна аҕабынан мин хос эбэм. Кини 95 сааһа, Аммаҕа сиэнигэр олорор. Хос эбэм Александрова Прасковья Павловна сэрии сылларыгар кыайыгас, толоругас буолан эр киһи үлэтин үлэлиирэ. 1943 сыллаахха Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыспыта. Кэнники сэрии кыттыылааҕар кэргэн тахсыбыт. Кэргэнэ эрдэ өлбүтэ. Барыта аҕыс оҕону көрөн-истэн улаатыннаран, үөрэттэрэн үлэһит оҥорбута. Билигин сааһа 85-һэ Өнньүөс дэриэбинэтигэр кыра уоллаах кыыһыгар олорор.
Мин хос эһээбинэн киэн туттабын.
«Ил Түмэн» хаһыакка (26.02.2003) ити Бассабыык Ньукулай туһунан кыыһа, Болугур олохтооҕо, ветеран учуутал, пенсионерка Светлана Николаевна (Никифорова) «Аҕам Калинины кытта көрсүбүтэ» суруйуута тахсыбыта. Онтон ааҕыаҕыҥ: «Аҕам сааһын аччатынан, сэриигэ барарга тылламмыт. Ол түүн аҕам дэлби долгуйан хоммут. «Чэ, сэрииттэн төннүбэтэхпинэ да, дьыалам тыыннаах» диэбит. Оҕонньор аҕам кэпсээнин тута өйдөөбөтөх. «Бары ол түүн наһаа долгуйбуппут», – диирэ. Кэнники оҕонньор миэхэ: «Ньукулай бокуонньук аармыйаҕа баран иһэн биһиэхэ түүнүгэр «Дьыалам тыыннаах», – диэбитэ.
Ол эн буоллаҕыҥ дии. Тоҕо уол буолбатаххыный? Дьэ оччоҕо Бассабыык диэн ааттыа этибит», – диэбитэ. Аҕабын өрүү Бассабыык Ньукулай диэн ааттыыллара. Ол аатыттан өһүргэммэт этэ диэн ахтар ийэм».
«Дьыалам тыыннаах» диэбит. Бассабыык Ньукулай, ити партия дьыалатыгар муҥура суох бэриниилээх буолан, фашистар хайдах да кыайыахтара суоҕа, Ленин-Сталин дьыалата, мин дьыалам тыыннаах диэн эппит буолуон эмиэ сөп. Ол оннук, өйдөрүн-санааларын сүүйтэрэр гына бэриниилээх бассабыыктар, кырдьык, бааллара. Дэлэҕэ даҕаны дьон кинилэри Бассабыыктар диэн хос ааттыахтара дуо.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.