Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Николаев Гавриил Васильевич

Награжден Орденом Отечественной войны I степени, другими боевыми и юбилейными медалями.

В РККА призван 29.08.1941 Алданским РВК Якутской АССР. Служил ручным пулеметчиком, минометчиком, снайпером 12-й пехотной роты 624-го стрелкового полка 137-й стрелковой Бобруйской Ордена Суворова дивизии. В апреле был ранен, 4,5 месяца по лечения в военном госпитале в г. Саратове 29 августа 1943 г. был демобилизован.
Инвалид ВОВ 1 группы.

Из воспоминаний Гавриила Васильевича: “«Ама тииҥи хараҕар таба ытар булчут, ол бүтүн киһини табыам суоҕа дуо, кыргыһыы хонуутугар кыдыйбыт өстөөҕүм сүүс эрэ буолбакка, арааһа, хас да бүк элбэх буолуо. Саамай уот сэрии кэмигэр пулеметчигынан, минометчигынан, снайперынан сылдьыбытымю. Уот сэрии толооно ынырыктаах хартыына буолар, тыһыынчанан киһи сэймэктэнэр, ону хамандыырбыт ким төһө киһини өлөрдүгүт диэн сурастаҕына, сорохтор мин оччону-баччаны өлөрдүм, мин өлөрбүттэрим ол сыталлар диэччилэр да, ким да төһө киһини өлөрбүтүн чуолкай этэр, ааҕар кыаҕа суох. Миигин: «Николаев-саха, төһө киһини өлөрдүҥ?» – диэтэҕинэ, аны сэрии кэнниттэн былаас уларыйан киһини өлөрбүтүҥ диэн хаайыахтара дии санаан, репрессия кэмигэр Учурга биир ый хаалла сыппыппын санаан, «олох таппаппын», – диирбин, хамандыырым «Тииҥи хараҕар түһэрэр киһи ол хайдах таппат үһүгүн», – диирэ.
Сэрииттэн эргиллэн кэлэн баран Алдантан Мэҥэ-Хаҥаласка көһөн бараары сырыттаҕына, фронтан бойобуой наҕараадалара Алдан военкоматыгар кэлбитин военком: «Мэҥэ-Хаҥалас военкомугар ыытыам» – диэн биэрбэтэҕэ, онтум оннук сүппүтэ. Кэлин ол Алдан военкома сэриигэ баран өлөн, наҕараадаларын кыайан ирдэһэн ылбатаҕым».

Николаев Г.В. родился 01.04.1909 в Лягинском наслеге Восточно-Кангаласского улуса Якутской области. До войны работал председателем Анамынского сельского совета Алданского района, председателем колхоза оленеводов, охотников «Саҥа олох».
После возвращения работал кадровым охотником в Мегино-Кангаласском районе, с 1945 г. в Лягинском наслеге, с 1965 г. Амгино-Нахаринском наслеге.
Умер 11.09.2001 в с. Оннес Амгинского района РС(Я).
Жена Елена Васильевна, имеют 3 детей. Дочь, внуки, правнуки живут Амгинском улусе и Якутске.

«Ама тииҥи хараҕар таба ытар булчут, ол бүтүн киһини табыам суоҕа дуо, кыргыһыы хонуутугар кыдыйбыт өстөөҕүм сүүс эрэ буолбакка, арааһа, хас да бүк элбэх буолуо. Саамай уот сэрии кэмигэр пулеметчигынан, минометчигынан, снайперынан сылдьыбытым“, – диирэ. Уот сэрии толооно ынырыктаах хартыына буолар, тыһыынчанан киһи сэймэктэнэр, ону хамандыырбыт ким төһө киһини өлөрдүгүт диэн сурастаҕына, сорохтор мин оччону-баччаны өлөрдүм, мин өлөрбүттэрим ол сыталлар диэччилэр да, ким да төһө киһини өлөрбүтүн чуолкай этэр, ааҕар кыаҕа суох. Миигин: «Николаев-саха, төһө киһини өлөрдүҥ?» – диэтэҕинэ, аны сэрии кэнниттэн былаас уларыйан киһини өлөрбүтүҥ диэн хаайыахтара дии санаан, репрессия кэмигэр Учурга биир ый хаалла сыппыппын санаан, «олох таппаппын», – диирбин, хамандыырым «Тииҥи хараҕар түһэрэр киһи ол хайдах таппат үһүгүн», – диирэ.
Гавриил Васильевич Аҕа дойду сэриитин I истиэпэннээх уордьанынан, Г. Жуков 100 сааһа уонна да атын үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Мэҥэ-Хаҥаласка көһөн бараары сырыттаҕына, фронтан бойобуой наҕараадалара Алдан военкоматыгар кэлбитин военком: «Мэҥэ-Хаҥалас военкомугар ыытыам», диэн биэрбэтэҕэ, онтум оннук сүппүтэ», – диэн Гавриил Васильевич бэйэтэ хомойо кэпсиирэ, кэлин ол Алдан военкома сэриигэ баран өлөн, наҕараадаларын кыайан ирдэһэн ылбатах.

Гавриил Васильевич 1909 сыллаахха муус устар 1 күнүгэр Лээгигэ Көбөх Александр уола Кутугунай Баһылай дьиэ кэргэнигэр улахан уолунан төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр тохсуолар. Холбоһуктааһын сылларыгар Анамы нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан хас да сыл үлэлээбитэ, 1927–1938 сс. диэри 47 хаһаайыстыбалаах «Саҥа олох» диэн таба иитиитинэн, булдунан дьарыктанар холкуоска бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 29 күнүгэр Учур оройуонуттан ыҥырыллыбыта. Чита куоракка ыйы кыайбат бириэмэҕэ үөрэммитэ, онтон сэриигэ барбыта. Пехотаҕа 624-с стрелковай полкаҕа 137 стрелковай дивизия 12-с ротатыгар илии пулеметчигынан, минометчигынан, снайперынан сылдьыбыта. Калуга куораты босхолуур сэриигэ кыттыбыта. Хаҥас илиитигэр бааһыран, Саратов куоракка госпитальга 4 аҥаар ый сыппыта, 1943 сыллаахха атырдьах ыйын 29 күнүгэр инбэлиит буолан дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.

1945 сыллаахха Лээгигэ сайынын оттоон, кыһынын кадровай булчутунан үлэлээбитэ. 1951 сыллаахха булчуттар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэригэр кыайан «Республика бастыҥ булчута» сибидиэтэлистибэ ылбыта. Онтон 1956 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас Лоомтукатыгар олорон баран, 1965 сыллаахха Амма оройуонугар Өнньүөскэ көһөн кэлбитэ. Манна сайынын бостуугунан, кыһынын булчутунан үлэлээбитэ. Гавриил Васильевич элбэх киһини булт кистэлэҥэр, мындырыгар, абылаҥар уһуйбута. Кинини кытары булт үөрүүтүн-өрөгөйүн билбиттэр бары киниэхэ сүгүрүйэ, махтана истиҥ иэйиинэн ахталлар.
Ииппит кыыһа Матвеева Галина Семеновна Лээги нэһилиэгин көһөрүү кэмигэр дьиэ кэргэттэриниин Чакырга олохсуйбута. Убайым Валерий Гаврильевич инбэлиит буолан, Өлүөхүмэтээҕи инбэлииттэр дьиэлэригэр олоҕун тиһэх күннэригэр дылы олорбута. Мин кэргэмминээн Яковлев Александр Александровичтыын Өнньүөскэ олохсуйан олоробут, 4 оҕолоохпут: Гаврил, Елена, Александр, Василий, сиэннэрдээхпит. Гавриил Васильевич Амма-Наахара нэһилиэгэр кыыһыгар олорон, 2001 сыллаахха балаҕан ыйын 11 күнүгэр 93 сааһыгар ыалдьан өлбүтэ.

Кыыһа Валентина Гаврильевна Николаева,
Амма-Наахара, 2009

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.