Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Оконешникова Зинаида Иннокентьевна

Награды. Подразделение где служил, воспом1934 сыллаахха Ленскэй оройуонун Бэчинчэ бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааhа сэрии ыар сылларыгар ааспыта. Ити сылларга аҕата үлэ фронугар сылдьара, ол кэмҥэ ийэтэ өлөн, эhэтин эҥэрдэhэн сылдьыбыта. Эhэтэ Прокопий Гаврильевич «Прожектор» колхоз мельницатыгар бурдук таттарыытыгар үлэлиирэ, кыракый кыыс онно ат үүрээччинэн көмөлөhөрө. Оҕуруокка хортуоппуй, турнепс уонна эриэппэ үүннэриитигэр улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьан, сыыһын ыраастыыллара, көрөллөрө-харайаллара, сарсыарда эрдэттэн киэhэ хойукка диэри бугул түгэҕин харбыыллара. 1945 сыллаахха оскуола боруогун атыллаабыта. Билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах кыысчаан, хара маҥнайгыттан үөрэххэ тардыһан туран үөрэммитэ. Ол да иһин буолуо, 1955 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы медицинскэй училище фармацевтическай отделениетыгар үөрэнэ киирбитэ. 1958 сыллаахха үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар ананан кэлбитэ. Оройуон киинигэр эдэр специалиһы 20-чэ күн стажировкалаан баран, Павловскайга 2 сыл үлэлээн баран сабыллан турар аптечнай пууну сөргүттэрэ үлэҕэ анаабыттара. Ол кэлэн барытын саҥалыы тэринэн, эми-тому Майаттан ылан үлэлээбитинэн барбыта. Аптечнай пуун эминэн-томунан нэһилиэнньэни, оҕо балыаһатын уонна улахан дьон сытар стационардарын тэҥэ, ыаллыы сытар Хаптаҕай, Ороссолуода нэһилиэктэрин хааччыйара. Ол саҕана аптекаҕа убаҕас эмп, маас, харах эмин арааһын, тымырга биэрэр укуол эмин, оргутан, стериализациялаан оҥорор этилэр. 1969 сыллаахха нэһилиэнньэ кэҥээн 6 категориялаах аптека буолбута. Онтон ыла Зинаида Иннокентьевна бочуоттаах сынньаланҥа тахсыар диэри 22 сыл аптека сэбиэдиссэйинэн, 10-ча сыл фармацебынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини үлэтин киниискэтигэр – үлэлээбит тэрилтэтэ биир – 46№-дээх Павловскайдааҕы аптека. Зинаида Иннокентьевна салайар коллектива нэһилиэнньэни эминэн-томунан хааччыйыыга түмсүүлээхтик үлэлиирэ, үгүс дьон махталын ылара, нэһилиэк общественнай олоҕор активнайдык кыттара.
1961 сыллаахха эдэр үлэhит кыыс, дьылҕа хаан ыйааҕынан үс оҕолоох огдообо киһиэхэ кэргэн тахсан, онтон эбии түөрт кыыстанан, сэттэ оҕону барыларын үөрэттэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэннэрбиттэрэ. Олоҕун аргыhа – Оконешников Дмитрий Петрович, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, нэhилиэк, улуус бочуоттаах олохтооҕо, колхоз, совхоз араас үлэлэригэр биригэдьииринэн таhаарыылаахтык үлэлээбит, нэhилиэк ытык кырдьаҕаhа этэ. Зинаида Иннокентьевна Дмитрий Петровичтыын 50-тан тахса сыл иллээхтик-эйэлээхтик олорон, бэйэлэрин үлэлэринэн-хамнастарынан эдэр дьоҥҥо чахчы да холобур буолар олоҕу олорон кэлбит «Ытык ыал» бэлиэ хаhаайыннара буолаллар. Оҕолоро бары ыал аҕата, эhэтэ, ийэлэрэ, эбэлэрэ буолан, төрөөбүт улуустарыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Элбэх сиэн, хос сиэн үөрэхтэнэн, үлэһит буолан, оҕолонон-урууланан удьуор утумун салгыыллар.
инания и биография.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.