Наград нет, военные части: Волховский пересыльный пункт, 305 стрелковый полк 44 стрелковой дивизии, 48 зсп 36 зсд, 4 гв.ск., безвести пропал….
Улуу сэрии кыттыылаага Петров Тимофей Петрович 1917 сыллаах теруех 1941 сыллаахха ынырыллан естеех фашист утары кыргыьыыга 1942 сыллаахха сурага суох суппутунэн аагыллыбыта.
Бу кэлин көстүбүт “Подвиг народа” сайт нөҥүө архив дөкүмүөннэриттэн көрдөххө:
Икки ый байыаннай уерэххэ уерэтэ туьээт Ленинград аннынан Волховскай туһаайыынан кырыктаах сэриигэ 305 стрелковай полка 44 стрелковай дивизятыгар стрелогынан киирэр. Хаста да естеех фашист тегуруйуутугэр тубэспиттэр, ол кырыктаах кыргыьыыларга киирэн хайдах эрэ тыыннаах хаалан испит.
1942 сыллаахха саас биир кырыктаах кыргыьыыга араанньа буолан госпитальга киирбитэ. Госпиталь кэннэ сэриилэьэр кыахтаах диэн быьаараннар 48 запасной стрелковай полка киирэр.
1942 сыл ыам ыйын 29 кунугэр 4 гвардейскай стрелковай корпуска киирэр, салгыы сэриилэьэр.
Хара дьайдаах сэриигэ дойдубут туһугар тыыннарын толук уурбут аймах дьоммут сырдык ааттара өйбүтүгэр сүрэхпитигэр хаһан да умнуллубат.
Петров Тимофей Петрович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.