Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Раев Дмитрий Петрович

Раев Дмитрий Петрович (1919-1967) – Сыралта нэһилиэгэр Бахымахха 1919 сыллаахха төрөөбүт, сэттэ кылаас үөрэхтээх, армияҕа 1943 сыл от ыйыгар ыҥырыллыбыт, Хотугу Кавказтааҕы фроҥҥа 15-с ЗСП 7-с маршевай ротаҕа автоматчигынан сэриилэспитэ, Керчь хомотун уонна Тамань сирин өстөөхтөн босхолуур иһин кыргыһыылар кыттыылааҕа, 3209 N-дээх ЭГ быһаарыытынан армияттан демобилизацияламмыт, Бүлүү куоратыгар олорон 1967 сыллаахха
өлбүтэ. Дмитрий Петрович армияҕа ыҥырыллыан иннинэ народнай суут сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. 1943 сыл сэтинньи ыйга “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Наҕараадалыыр
бирикээскэ суруллубутунан, Дмитрий Петрович хаста да өстөөҕү утары илиинэн киирсиигэ сылдьыбыт, өстөөҕү эккирэтиигэ мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар, хаста да өстөөх тыылыгар баран сыаналаах сибидиэнньэни аҕалбыт. Маны таһынан, “Германияны кыайыы иһин” бойобуой мэтээлинэн, “1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” бойобуой мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Дмитрий Петрович бииргэ төрөөбүт быраата Афанасий сураҕа суох сүппүтэ, убайа Михаил араанньы буолан эргиллибитэ. Хорсун саллаат Дмитрий Петрович Раев олоҕо оҕолоругар, сиэннэригэр салҕанар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.