Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Сивцев Василий Иванович

Сивцев Василий Иванович (1917-1966) – 1917 сыллаахха l Чочу нэһилиэгэр Ампаардаах алааска төрөөбүтэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр ыҥырыллыбыт, 282-с СД 582-с ЗСП, Забайкальскай фронт 36-с Армия 209-с СД 579-с СП рядовой саллаата. 1946 сыллаахха ыам ыйыгар демобилизацияламмыт. Бүлүү куоратыгар промкомбинатка үлэлээбитэ, 1966 сыллаахха Бүлүү куоратыгар олорон өлбүтэ.
Үлэ бэтэрээнэ Николай Иннокентьевич ахтыытыттан: “Ийэм быраата, Баһылай Уйбаанабыс айылҕаттан талааннаах мас ууһа, уруһуйдьут бэрдэ, аҕыйах саҥалаах, элбэхтик нууччалыы кинигэлэри ааҕара. Кини куоракка промкомбинатка, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа ууһунан үлэлээбитэ уонна онтон биэнсийэҕэ тахсыбыта. Н.Г.Чернышевскай хас эрэ сыллаах үбүлүөйүгэр анаан, хатыҥ мастан быһаҕынан кыһан, остуолга ууруллар бюст оҥорон быыстапкаҕа кыттыбыта. Ол оҥоһуга үрдүктүк сыаналаммыт этэ да, кэмчиэргэн киһи буолан, туохха тиксибитин кэпсээбэт этэ. Баһылай Уйбаанабыс элбэхтик ааҕарын таһынан политиканы интэриэһиргиир киһи этэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ аармыйаҕа ыҥырыллан, Арҕаа уонна Забайкальскай Фроҥҥа сылдьыбыта. Киһитэ көнөтө бэрт буолан төннөрүгэр кыайан аахсыбакка, сүүлүктэргэ үктэтэн биэрэн, харчыта да, туох да толуона суох сылдьарын, биир дойдулаахтара көрсөн аҕалбыттар этэ. Баһылай Уйбаанабыс туһунан эдьиийбит Сивцева Ефросинья Гаврильевна маннык ахтыыта баар: “…Сивцев Василий диэн сүрдээх дьоҕурдааҕа, кыра оҕо эрдэҕиттэн мастан быһаҕынан кыһан, таас алдьаммытынан аалан ыты, сүөһүнү, көтөрү, оннооҕор биирдэ киһини Таабый уола Ньукулайы оҥорбута үкчү этэ. Кэлин сэттис кылааһы бүтэрбитин кэннэ, Староватов учуутал, скульптор үөрэҕэр үс төгүл ыыта сатаабытын ” нууччалыы билбэппин, Москваҕа хайдах сылдьыамый.” – диэн отой буолбатаҕа. 1960-с сылларга культуралар, Сталин (төрөөбүт күнүгэр) төбөтүн маһынан оҥотторон Москваҕа ыыппыттара, үс тыһыынча солкуобай уонна грамота кэлбит ааттаах этэ да, харчытын илиитигэр туппакка сылдьан өлөөхтөөбүтэ”.
Сивцев Василий Иванович кэргэнэ да, оҕото да суох. Кини сэриигэ бастакы ыҥырыкка барбыт, сэрии бүтүөр диэри сэриилэспит уонна дойдутугар тыыннаах ордон кэлбит хорсун саллаат аатын аймахтара саныыллар, үйэтитэллэр.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.