Томскай Макар Семёнович (1923-1943) – Кыадаҥда нэһилиэгэр “Халгый” диэн сиргэ 1923 сыллаахха төрөөбүт, баартыйата суох, 1942 сыллаахха Бүлүү педучилищетын бүтэрэн учуутал идэтин ылбыт. Ол сыл от ыйын 28 күнүгэр армияҕа ыҥырылоыбыт, 247-с СД 916-с СП рядовой стрелогунан сэриилэһэ сылдьан ылбыт араанньытыттан 1943 сыл кулун тутар 18 күнүгэр өлбүт. Смоленскай уобалас Сухиничи оройуонун Котовичи дэрибинэтиттэн 1 км кэриҥэ хоту диэки хараллыбыт. Кини бииргэ төрөөбүттэрэ Фёдор уонна Григорий эмиэ Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара, этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэрэ. Кинилэр ыччаттара Макар Семёнович аатын ааттата туруохтара.
“Братская могила воинов, погибших в боях с немецко- фашистскими захватчиками в ВОВ 1941-1945 г.г. в у Котовичи Любиновского района Калужской области. В этой могиле вместе с другими воинами, павшим в боях за населённый пункт Котовичи похоронен и мой брат Томский Макар Семёнович (18/lll.43г.) рядовой 916 стрелкового полка, 247 стр. дивизии, 1923 года рождения. Старший брат Томский Григорий Семёнович”..
Томскай Макар Семёнович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.