Яковлев Тихон Семенович
Дата рождения: 1920-1952г
Место рождения: Якутская АССР, Амгинский р-н, с. Алтан
Дата и место призыва: 22.07.1942
Воинское звание: красноармеец
Причина выбытие из воинской части: 07.09.1943 получил тяжелые ранения и в 1943 году вернулся на малую Родину. После возвращения работал в колхозе.
Вместе с женой Матреной Иннокентьевной Нестеровой родили 4 детей. Умер от последствий полученных ранений во время войны в возрасте 32 лет.
Эhээм кэпсээниттэн быhа тардыы …
Савва Тихонович төрөппүттэрин туһунан ахтыыта.
Төреппут аҕабын ахтан санаан аастахха… Мин аҕам Тихон Семенович Яковлев Чоймороох Сэмэн улахан уола. Аҕам 1920 сыллаахха кун сирин кербут. Аҕа дойду улуу сэриитэ са5аламмытыгар, бэбиэскэ тутан Саха сирин хоьууттарын кытта ол кырыктаах сэриигэ аттаммыттара. Сэриигэ сылдьан ыараханнык бааһыран, эрдэ дойдутугар төннөн кэлбитэ. А5абыт сэрииттэн кэлэригэр на5араадалаах элбэх мэтээллээ5ин ейдуубун. Биьиги ол мэтээллэринэн оонньуур оностон оонньуурбутун түүл-бит курдук онон – манан ейдеен хаалбыппын. Ол са5ана мин 4 саастаах орой-мэник о5о этим.
Оччолорго биьиги о5о буоламмыт, а5ам бойобуой мэтээллэригэр улахан суолтаны биэрбэтэх эбиппит.
Мин төрөппүттэрим боростуой колхозтаах дьон этилэр. Бэйэлэрэ үөрэҕэ суох, көннөрү аагар уонна суруйар эрэ буоларга дылы үөрэммиттэр. Ол да буоллар урукку киhи сиэринэн ийэлээх а5ам улэ5э -хамнаска олус сыһыаннаах дьон эбиттэр.
Кинилэр киэҥ нэлэмэн сыһыылардаах, минньигэс соболоох күөллэрдээх кэрэ көстүүлээх Санкычах сиригэр “Сана дэриэбинэ” диэн колхозка үлэлии-хамсыы сылдьан 1944с. биьиги ийэбитин Нестерева Матрёна Иннокентевнаны кэргэн ылан, дьоллоох кэрэ кэмнэрэ, олохторо чыычаах кетен ааспытыныы элэннээн ааспыттара.
Ийэлээх, а5ам сыспай сиэллээхтэрин, хоро5ор муостаахтарын, керен-истэн, дьиэлэрин- уоттарын, 4 о5олорун иитэн – аьатан, атахтарыгар туруоран эн-мин дэьэн олордохторо. А5ам бэйэтин харыстаммакка, төһө күүһэ-уоҕа тиийэринэн, колхозка күнүстэри-түүннэри үлэлээн сэниэтин бараабыт. А5ыйах да кэм дьоллоохтук олоробуттар. Кини биьигини олус таптыыра, атаахтатара диэн билэр дьон кэпсииллэрэ.
Өлүү суола кинини талбатаҕа эбитэ буоллар, өссө да үлэлии – хамсыы сылдьыа эбитэ буолуо. Ол гынан баран кылгас дьылҕалаах буолан 1952 с. бааһыран кэлбит бааһа оспокко, ыарахан ыарыыттан 32 эрэ саастааҕар бу орто дойдуттан барбыта. Тулаайах хаалар дьыл5абыт барыта оноьуллан турда5а. Бу санаатахха, аҕам барахсан эдэр күөгэйэр күнүгэр сылдьан бу олохтон туораабыт эбит. Мин кинини үчүгэйдик өйдөөбөппүн, ол саҕана 4 эрэ саастаах кырачаан уол этим. Аҕабын дьон кэпсээниттэн эрэ истэн билэбин.
Аҕам Тихон Семенович сытыары сымнаҕас, көнө майгылаах, киэҥ-куоҥ көҕүстээх, үлэни-хамнаһы өрө туппут киһи эбит. Көстөр көрүҥүнэн сахаҕа орто унуохтаах, сырдык сэбэрэлээх, күөх харахтаах эбитэ үһү. Арааһа быраатын Бырантабыык Ылдьааҕа майгынныыра эбитэ дуу дии саныыбын.
Кини бэйэтин сааьыгар сурдээх кыайыгас эбит. Сайын наар от охсуутугар өрүү бастакы күөҥҥэ сылдьар эбит. Ону биир дойдулаахтара, Алтаннар тустарынан кинигэ5э киллэрбиттэринэн, биир Стахановскай декадаҕа 2 гаттан ордук сири хотуурунан охсубутун туһунан суруйбуттар . Оннук уhулуччу кыанарын дьон сөҕөн кэпсииллэр, ахтан аhараллар эбит.
Эhээм Яковлев Савва Тихонович кэпсээниттэн сиэнэ Иванова Айыына Евгеньевна суруйда 07.05.2020с.