Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Агеев Дмитрий Александрович

Дмитрий Александрович Агеев сэрии кэмин ахтыыта

Мин 1942 сыллаахха 18 сааспын туолан Ийэ дойдубун көмүскүүргэ Советскай армия кэккэтигэр ыҥырыллыбытым. Биһиги оройуонтан 230-ча буолан барбыппыт. Саха сириттэн 2000-тан тахса буолан Урал-Молотов куорат таһыгар “Воршед” диэн улахан военнай чааска атырдьах ыйын 3 күнүгэр тиийбиппит. Тиийээппитин кытта оһуобай хайыһар бригадаларыгар тарҕаппыттара, онно 19,20,21,22,23 хайыһар бригадалара бааллара, сахалар үксүбүт 19-с хайыһар бригадатыгар түбэһэн военнай бэлэмнэниини барбыппыт. Биһиги эдэрдэр дойдубутугар үөрэнэ сылдьан всеобуһу барбыппыт, онно военнай үөрэниниини, военнай техниканы хайдах ыытары, туттары үксүн билэр буолан ыарырҕаппатахпыт. Хайыһарынан сылдьан үксүн үөрэнэр этибит, военнай билиибитин өссө чиҥэтэн, өстөөҕү кытта хайдах сэриилэһэргэ, охсуһарга военнай бэлэмнэниини барбыппыт.
Тохсунньуга 19-с бригадаттан аҕыйах саханы 21-с хайыһар бригадатыгар көһөрбүттэрэ. Онно кулун тутар саҥатыгар дылы военнай бэлэмнэниини барбыппыт. Ити кэмҥэ өстөөх бэрт киэҥ сиринэн Ийэ дойдубутун ылан олорор кэмэ. Кулун тутар ый саҥатыгар 3 хонукка землянкабытыттан араҕан дивизионнай тактическай занятияҕа сырытыннаран баран, тимир суол баара, улахан военнай эшолон кэлэн турар этэ, вагоннарга олорон сэриигэ барбыппыт. Молотовынан, Челябинскайынан, Свердловскайынан, Москва аннынан айаннаан тигинэтии бөҕө. Москваны 20-чэ километры ааһааппытын кытта сэрии буолбут сиригэр тиийбиппит, онно көрдөххө Москва кытыыта бүттэтэ суох алдьаныы, кээһинии. Старай Русса куоракка маҥнайгы сүрэхтэниини барбытым, онтон Новгород анныгар. Фронт бу учаастагар ыам ыйыгар диэри сылдьыбыппыт кэннэ биһиги чааспытын 4-с салгыннааҕы десантнай гвардейскай дивизияҕа холбообуттара. Онтон Курскай уобаласка от ыйын 5 күнүттэн атырдьах ыйын 23 күнүгэр диэри кыргыһыыга тохтобула суох кыттыыны ылбыппыт. Биһиги чааспыт Попыри станция иһин кыргыһыыга хас да төгүлүнэн баһыйар күүстээх өстөөҕү урусхаллаабыта уонна стратегическай өттүнэн улахан сүүйүү ситиспитэ.
Боевой сорудахтары килбиэннээхтик толорбутун иһин биһиги чааспыт “Кыһыл знамя” орденынан наҕараадаламмыта.
Мин фашисткай дьиккэрдэриттэн бэрт элбэх куораттарбытын, сэлиэнньэлэрбитин, заводтарбытын, фабрикаларбытын күл-көмөр буолан урусхаламмытын илэ харахпынан көрбүтүм. Мин көрбүтүм-немец аһыныгаһа суоҕун, сордоон өлөрүллүбүт салааттаары, нэһилиэнньэ олохтоохторун өлүктэрин.
Курскай куорат иһин кыргыһыыга сэриилэһэ сылдьан ыараханнык бааһыран госпитальга атаарыллыбытым, госпитальга үс ый эмтэнэн үтүөрбүтүм кэннэ сэриигэ салгыы службалыыр кыаҕа суохпунан төрөөбүт дойдубар ыыппыттара.
Сэрииттэн кэлэн баран салгыы үлэлээн барбытым. Маҥнай Бор детдомугар воспитателинэн, радиокомитекка литературнай секретарынан, ааҕар балаҕан заведующайынан. Промкомбинакка 9 сыл биригэдьииринэн үлэлээбитим. Онтон 1962сылтан 1975 сылга дылы Бэрдьигэстээх отделениятыгар управляющейынан үлэлээбитим, онтон гострахха агенынан. Оройуонум, совхоһум экономиката сайдыытыгар күүспүн харыстаабахха үлэлэһэн кэлбитим.
Совхозка үлэлээбит кэммэр үрдүк көрдөрүүлээх буолан тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар Москваҕа баран кэлбитим. Икки төгүл бастыҥнар слеттарыгар Дьокуускайга баран кыттыбытым. Үс төгүл оройуон Советын депутатынан, райком чилиэнинэн үлэлээбитим. Район социалистическай куоталаһыы знагынан, В.И.Ленин үбүлүөйүнэн медалынан, райком, райсовет элбэх грамоталарынан наҕараадаламмытым.
Сэриигэ сылдьыбыт бэлиэм Аҕа дойду сэриитин I степеннээх ордена, слава lll степеннээх ордена уонна юбилейнай мэдээллэр.
Мин олоҕум аргыһынаан Надежда Семеновналыын олохпут дьолун 1947 сыллаахха тохсунньу 5 күнүгэр холбоһон, 10 оҕоломмуппут. Уһуннук дьоллоохтук олорбуппут. Кыһыл көмүс сыбаайбабытын оҕолорбутун, сиэннэрбитин, аймахтарьытын кытта ылбыппыт.

Сэрии бэтэрээнэ, I группалаах инбэлиит
Агеев Дмитрий Александрович
2000с

10 оҕолоох, 30 сиэннээх, 70 хос сиэннээх, 3 хос, хос сиэннээх.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.