Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Андреев Афанасий Павлович

Ньурба оройуонун Өҥөлдьө дэриэбинэтигэр 1927 сыллаахха, холкуостаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ 12-тэ оҕоломмуттарыттан, былыргы ыар олоҕу тулуйбакка, 9 оҕо суорума суолламмыттара. Афанасий Павлович соҕотох хаалан төрөппүттэригэр эрэл кыымын сахпыта. Кини 6-тын туолуутугар утуу-субуу уоллаах кыыс оҕолор төрөөбүттэрэ. Ол иhин Афанасийы «оҕо батыhыннарыылаах» диэн төрөппүттэрэ маанылаан ииппиттэрэ. 8-с сааhыгар Өҥөлдьө оскуолатыгар киирэн, 5 кылааhы бутэрэн, дьонугар күүс – көмө буолбута.

18 сааhыгар 1945 сыллаахха бэс ыйыгар армияҕа ыҥырыллан, 67-с запасной стрелковай полкаҕа сулууспалаабыта. Онно кини стрелогунан сылдьыбыта. Япония халабырдьыттарын утары сэриигэ сылдьыбыта, онтон хаалан салгыы Сэбиэскэй Армия кэккэтигэр сулууспалаабыта.Дойдутугар 6 сыл буолан баран эргиллибитэ.

1951 сыллаахха тохсунньу ый 28 күнүгэр төрөөбүт, үөскээбит дойдутугар кэлбитэ. Дойдутугар кэлэн 1951–1954с. Марха нэһилиэгэр налоговой агенынан үлэлээбитэ. Кыра кэмҥэ маҕаһыыҥҥа бэрэдэбиэстээбитэ. Ол сылдьан, ыаллыы Чуукаар нэhилиэгин кыыhын, Михайлова Татьяна Алексеевнаны кэргэн ылбыта. Кинилэр 9 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. 1966-1980с. Өҥөлдьө почтатыгар почтальонунан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.1980-1982с. Өҥөлдьө 8 кылаастаах оскуолатыгар хачыгаарынан үлэлээбитэ. 1982с. бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Үлэ, тыыл, сэрии бэтэрээнэ.

1948с. “XXX лет Советской Армии и Флота” юбилейнай мэтээлинэн, 1992с. ыам ыйын 16 күнүгэр “За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945гг.” мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

1994с. атырдьах ыйын 27 күнүгэр күн сириттэн туораабыта.

Кини сырдык олоҕун кини оҕолоро, элбэх сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыыллар, кини аатын ааттаталлар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.