Участник войны с импер. Японией. Награжден орденом отечественной войны 2 ст., медалью «За победу над Японией».
Эhэм Давыдов Прокопий Иванович 1926 с. Сахса5а Ньурба оройуонугар тереебутэ. Бииргэ тереебут 8 бырааттыы этилэр. Ийэлэрэ хара5а ыалдьар буолан ыарахан улэни улэлээбэтэ, а5алара икки хара5а суох буолан дьиэ5э олороро. Улахан убайдарын Сэмэни сэриигэ илдьэ баран о5олор колхоз улэтигэр киирбиттэрэ. Сайын от мунньаллара, сир табыйаллара, кыhынын ыалга улэлииллэрэ. Колхозка улэлээтэхтэринэ биир муунта лэппиэскэ, биир муунта суорат биэрэллэрэ. Олохторо улам ыараан, ас-танас суох буолбута. Улахан аар-туор аччыктааhын кэлбитэ. Онон бары ыал аайы кумалаанна сылдьан тыыннах хаалбыттара. А5алара икки хара5а суох сытан елбутэ. Убайдара Сэмэн армияттан 1943 сыллаахха ханас хара5ын ылларан теннен кэлэн дьэ бары тумсэн ыал курдук олорбуттара.
1942 с. Мудан начальнай оскуолатын уерэнэн бутэрбитэ. 1942 с. «II пятилетка» колхозка чилиэнинэн киирбитэ, колхозка араас улэ5э илиитинэн улэлээбитэ.
1945 с. армия5а ынырыллыбыта. Япония сэриитигэр хааччыйар чааска сылдьыбыта. 1950 сыллаахха армияттан эргиллэн кэлбитэ.
1950-1959сылларга колхозка бастаан кладовщигынан, онтон УТФ биригэдьииринэн улэлэбитэ. 1959-1969 сыллырга 10 сыл ыанньыксыттаабыта. Ити кэмнэ эр дьоннортон аан маннай 1500-лаах кирбиини ылбыта. 1969-1973 сылларга «Марха» совхозка УТФ биригэдьииринэн иккистээн улэлээбитэ.
1973 сыллаахха ыалдьан уурайбыта, кыра араас улэ5э улэлээбитэ. 1974 – 1978 сс. 1 группалаах инбэлиит буолар. 1978-1983сс. Совхозка иккиhин кладовщик буолар. Пенсия5а тахсан баран Акана интернатыгар 1983-1985сс. кочегардыыр. Улэлиир кэмин устатыгар чиэhинэйин, дьулуурдаа5ын кердербутэ. Өр сылларга ыанньык ынахтарга улэлээбит буолан, сүөhү иитиитин технологиятын учугэйдик баhылаабыт, специалистары кытта тэннэ быhаарсар, дириҥник идэтийбит улэhит. Ыччат ахсаабат наставнига, активнай народнай хонтуруол. Элбэх төгүл цеховой партийнай тэрилтэ партбюротун чилиэнинэн, нэhилиэк Сэбиэтин депутатынан талыллар, партийнай – советскай сорудахтары энкилэ суох толорбута. Оройуонна5ы партийнай конференция5а делегатынан талыллыбыта. Передовиктар оройуоннаа5ы слеттарыгар хаста да кыттыбыта. Уус тыллаах араатар, итэ5эстэргэ эйэлэспэт принципиальнай коммунист, оскуола5а о5олор кунду ыалдьыттара этэ. Кэргэнэ эрдэ елен, тулаайах хаалбыт элбэх о5отун учугэйдик ииппит бастыҥ – а5а. Билигин 21 сиэннээх, 16 хос сиэннээх. Биhиги бары эhээбитинэн киэн туттабыт, куруук өйдүү-саныы сылдьыахпыт.
Давыдов Прокопий Иванович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.