Ветеран тыла и труда, дети войны
Симон Яковлевич олунньу ый 13 күнүгэр 1929 сыллаахха Байаҕантай нэһилиэгэр колхозтаах бааһынай кэргэнигэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ.
Аҕата Яков Николаевич Егоров 1931-1941 сылларга “Тыраҕатталаах”, “Пятилетка” колхозтарга бэрэссэдээтэллээбит, онтон үп салаатын агенынан үлэлии сылдьан 1942 сыллаахха бэс ыйыгар сэриигэ ыҥырыллыбыт. 1943 сыл сэтинньи 4 күнүгэр Псковскай уобалас Невельскэй оройуонун Березово диэн дэриэбинэтин таһыгар кыргыһыы хонуутугар охтубут, онно братскай могилаҕа көмүллэн сытар.
Ийэтэ Наталья Ивановна Егорова (Кривошапкина) огдообо хаалар, оҕолорун бэйэтэ атахтарыгар туруорбут. Ол сылларга оскуолаҕа дьиэ сууйааччынан,интернакка ас астааччынан, остуораһынан үлэлээбит. 1961 сыллаахха Бороҕоҥҥо ыалдьан өлбүт.
Симон Яковлевич алта бииргэ төрөөбүттэр. Кинини биэс сааһыгар абаҕатыгар Роман Николаевич Егоровка, саҥаһыгар Васильева Варвара Павловнаҕа иитиллибит.
Сэрии ыар сылларыгар кини эмиэ төһө күүһэ кыайарынан түүннэри-күнүстэри аахсыбакка бары сыратын биэрбитэ. Цой Уйбааҥҥа илии-атах буолан көмөлөһөр, ол быыһыгар аһыҥа туран умуһах хаһар түбүгэр түһэн быа соһон умуһахха түһэрэллэрин кэпсиирэ. Сэриигэ барар дьон хомуллан киирэн, Боро5оҥҥо баанньыкка, баттахтарын кырыйан, таҥастарын паардаан биэрэллэр эбит, ииппит аҕата Роман Николаевич Егоров баанньыгы үлэлэтэр бириэмэтигэр кини онно үлэлээбит, элбэх киһи таҥаһын паардаабыт уонна баттахтарын кырыйсар эбит. Хаарыан үчүгэй эдэркээн, киппэ доруобай уолаттар, эр дьоннор кэлэн бараахтаабыттара диирэ.
А5абыт Мүрү орто оскуолатын сэттэ кылааһын 1945 сыллаахха бүтэрэр, ол кэннэ түөрт сылы быһа, армияҕа барыар диэри, оҕонньоттор балыксыт биригээдэлэригэр үлэһитинэн киирэн үлэлиир.
1949 cыл от ыйыгар Советскай Армияҕа ыҥырыллан Камчаткаҕа 74314 нүөмэрдээх военнай чааска курсант суоппар идэтигэр үөрэнэр. 1952 сыл балаҕан ыйыгар ытык иэһин чиэстээхтик толорон дойдутугар эргиллэн кэлбит. Ол сыл алтынньы ый 1 күнүгэр райисполкомҥа суоппарынан үлэҕэ киирэр. Мантан ыла араас мааркалаах массыыналарга- ЗИС-5,ГАЗ-53 1953, УАЗ, 1955-1956, Волга М72, Москвич райком секретардарыгар, райисполком бэрэссэдээтэллэригэр суоппардаабыт.
35 сыл эҥкилэ суох суоппардаан, 1984 сылга пенсияҕа тахсан баран, алтынньы ый 1998 сылга диэри Уус-Алдан админстрациятыгар үтүө суобастаахтык охраннигынан үлэлээбитэ, онон уопсайа 46 сыл наар биир тэрилтэҕэ үлэлээн кырдьаҕаһынан үлэтиттэн уурайбыта.
Өр үлэлээбит үлэтин түмүктэрин элбэх Хайҕал суруктар, юбилейнай медаллар, нагрудной знактар туоһулууллар:
15.04.1970 с. юбилейнай медаль “В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан үлэҕэ килбиэнин иһин“
28.02.1977 с. знак „1976 с.-Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа“
30.05.1986 с. медаль „Ветеран труда“
29.12.1992 с. медаль “Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941-1945 сыллар килбиэннээх үлэтин иһин”
Кини «Саха Республикатын Ытык кырдьаҕаһа”, “Уус –Алдан улууһун социально-экономическай сайдыытыгар кылаатын киллэрбит”, “Уус-Алдан уһун үйэлээхтэр” знактар хаһаайыннара, Мүрү нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.
Симон Яковлевич 2019 сыл 90 сааһын олоххо интириэһин сүтэрбэккэ, ыраас, сырдык санаалаах атаҕар тура сылдьан көрсүбүтэ. 2019 сыл муус устар 11 күнүгэр ыалдьан күн сириттэн суох буолбута.
А5абыт, эьээбит, хос эьээбит Симон Яковлевич олорбут уһун, чиэһинэй олоҕо сырдыгынан сыдьаайан оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр үтүө холобур буолан салҕаныаҕа.
Кыргыттара Людмила, Галина, Валентина дьиэ кэргэттэрэ
06.05.2020