Биһиги аҕабыт, эһээбит Егоров Василий Дмитрьевич (1911-1981)
Биһиги аҕабыт, эһээбит Егоров Василий Дмитрьевич – Тойон Мурун, 1911 сыллыыхха тохсунньу 14 күнүгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ Хара нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕабыт үөрэхтээх этэ. урукку саха алфавитынан латыынныы буукубанан суруйара. Сэрии иннинэ дьокуускай куоракка байыаннай оскуолаҕа үөрэммитэ, онно сылдьан хомсомуолга киирбит буолуохтаах.
Аҕам ахтарынан Боссоойко дьонун тутарга сылдьыспыт, онно Боссоойко балаҕан эркинин тоҕо көтөн куоппутун, кини күүһүн-уоҕун, бөдөнүн-саданын сөҕөн кэпсиирэ. Аҕабыт Василий Дмитрьевич хонуу биригэдииринэн үлэлии сырыттаҕына Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланар. Кини дойдутун көмүскүү тылланан сэриигэ барыан баҕарбытын, бронялааххын диэн ыыппатахтар. Ол гынан баран аҕам сэриигэ ыҥырыллыбыт дьону кытта холбоһон, от ыйын 30 күнүгэр 1941 сыллаахха, барса турбут. Аҕа дойду улуу сэриитигэр сержант званиялаах Ленинградскай фроҥҥа Старай Руссоҕа тиийэ сэриилэспит.Уоттаах сэрии кэмигэр төгүрүктээһиҥҥэ түбэспиттэр. Мин аҕам онно ручной пулеметчигынан сылдьыбыт. Бэйэтэ кэпсииринэн төгүрүктээһини тоҕо көтөн тахсан иһэн атахтарыгар таптаран хаалан хаалбыт. Арай өйдөнөн кэлбитэ ниэмэстэр сэрии хонуутугар дьону хомуйа сылдьаллар эбит. Кини мас кэннигэр сөрүөстэн саһан сыппытын көрбөккө ааспыттар. Киэһэ халлаан хараҥарыыта бэйэтин чааһын диэки быарынан сыыллан икки суукка устата айаннаан дьонун дьэ булбут. Уһуннук госпиталга эмптэнэн, сэриилэһэр кыаҕа суох буолан бэс ыйын 10 күнүгэр 1943 сыллаахха баттыкка тэптэрэн дойдутугар эргиллэн кэлбит. Аҕам наҕараадалара «Орден Славы 3 степени», мэдээллэрэ «За победу над Германией в ВОВ 1941-1945гг», «За добл. Труд в годы ВОВ 1941-1945», «За боевые заслуги»
1944 сыллаахха Колесова Марфа Гермагеновнаны кэргэн ылан биир кыыс, үс уол оҕону төрөтөллөр. Нэһилиэккэ араас үлэттэн чаҕыйбакка үлэлээбитэ. 1959 сыллаахха Россолуода5а «Лаабый» диэн сайылыкка көһөн киирэн оҕуруокка үлэлээбиппит. Икки убайбын уонна төрөппүттэрбин кытары хортуоппуй көрбүппүт. Аҕам оҕуруокка туттуллар тэрили бэйэтэ анаан оҥороро, кини мындыр өйүнэн оҥорбут тэриллэрэ, оччотооҕуга оҕуруот үлэтигэр күүс-көмө буолара. Аҕыйах сыл буолан баран Павловскайга кэлэн охлохсуйан, эмиэ оҕуруокка үлэлээбиппит. Бу үлэлээбитин тухары бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьан элбэх граматаларынан наҕараадаламмыта. Кыһыҥҥы кэмҥэ Хара нэһилиэгэр кырамахтаах хара саһыл ферматыгар, сылын аайы 1981 сылга дылы саһыл тириитин таҥастааһыҥҥа солбуллубат биир төһүү үлэһит этэ.
Мин билигин Павловскайга дьонум уһаайбатыгар, кинилэри утумнаан ыал буолан олоробун. Биһиги оҕуруокка үлэлиир кэммитигэр ийэбит Марфа Гермагеновна тэҥҥэ үлэлэһэрэ уонна аспытын астыыра, таҥаспытын-саппытын көрөрө-истэрэ. Дьонум түөрт оҕолорун таһынан, аймахтарын тулаайах кыыһы ылан улаатыннарбыттара. Мин бэйэм түөрт оҕолоохпун, сиэннэрдээхпин.
Егоров Василий Дмитрьевич кыра уола
Егоров Иван Васильевич Мэңэ-Хаңалас улус Нөөрүктээйи нэһилиэгин
Павловскай олохтооҕо.