А5ам сэриигэ бэриниилээ5ин, Ийэ дойдутун чиэстээхтик кемускээбитин туоhулуур на5араадалара:
• Медаль «За победу над Германией в Великой Отечественной Войне 1941-1945 гг»
• Медаль «За доблестный труд в Великой отечественной войне 1941-1945 гг.»
Мин аꚋам Филиппов Алексей Иванович тохсунньу 22 күнүгэр 1909 сыллаахха Бүлүү оруйуонун II-c То5ус нэhилиэгэр (билиңңитэ Балаꚋаччы) күн сирин кѳрбүтэ.
А5ам 1942 сыллаахха Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олордо5уна, бэс ыйыгар сэриигэ ыңырыллан Ийэ дойдутун кѳмускүү барбыта. Кини 212 стрелковай полка5а “Великие луки” диэн байыаннай чааска түбэспитэ. Кини дойдутун чиэстээхтик кѳмүскүү сылдьан 1942 хаңас илиитигэр улаханнык бааhыран тѳннѳн кэлбит.
Сэрииттэн кэлэн тѳрѳѳбүт дойдутугар Балаꚋаччыга сал5ыы Сэбиэт бэрэсэдээтэлинэн улэлээбитэ. Кини сытыары сымна5ас майгытын, о5ону кытта о5о буолар үѳруйэ5ин, кырдьа5аска кыhамньытын, булчут бэрдэ буоларын элбэх дьон ахталлара.
Кэнники сэриигэ ылбыт бааhа ѳргѳ диэри дьарꚋа буолан, ыарытыйара. Онтон 1961 сыллаахха баара суо5а 52 сааhыгар сүрэ5инэн ыалдьан ѳлбутэ, кини ѳлуѳр бутэьик күнүгэр диэри, дьон-норуот туьугар кыhаллан, үлэлээн, билиңңэ диэри иhирэхтик ахтылларыттан биhиги о5олоро, сиэттэрэ истэн олус уѳрэбит, холобур оңостобут.
Кыайыыны уhамсыбыттар сырдык ааттарын үйэтитии, ѳйдуу -саныы сылдьар ытык иэспит буолар.
Сүгүрүйэбит! Киэн туттабыт! Махтанабыт!