Бойобуой нагараадалара :«Хорсунун иьин» мэтээл, «Москва оборонатын иьин» мэтээл, Ага дойду Улуу сэриитин 2 степеннээх ордена
Биографията:
Сэрии туьунан сурах, сэриигэ барыы- бу барыта соьуччу уонна ынырык этэ. Михаил Прокопьевич Дьокуускайга рабфакка уерэнэ сылдьан 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар сэриигэ барбыта Саха сириттэн ыцырыллыбыттары уксулэрин Горькай куорат таьыгар турар резервнэй чааска анаабыттар. Онно ый устата бэрт суьаллык кэккэнэн хаамарга, бинтиэпкэнэн ытарга уерэтэ туьээт Советскай Союз столицатын- Москва куорат кемускэлигэр бырахпыттар Кинилэртэн угустэрэ генерал Белов командалаабыт 1-гы гвардейскай кавалерийскай корпуьун чаастарыгар холбоьон, сэтинньигэ сэриигэ киирбиттэрэ, кинилэр ортолоругар 542 саха саллаата баара. Михаил Прокопьевич Гуляев теье да Кавалерийскай корпуска сулууспалаатар пехота байыаьынан сэриилэспит. Ол маннык быьаарыллар: «… Часть якутян, которая не имела к тому времени соответствующей конной подготовки, была направлена в стрелковые части 49-й армии, а также использована для укомплектования тылов их подразделений. Но вскоре и они были введены в бой». Передовой линия5а, Волоколмскай шоссе5а, сэрилэьэ сырыттахтарына естеех разведкатын улэтэ сытыырхайбыт кэмэ эбит. Биир туун Кыьыл Армия офицерын кытта иккиэ буолан разведка5а барбыттар. Онно естеех разведчигар тубэспиттэригэр Советскай офицер ытан елерен кэбиспит. Михаил Прокопьевич: «Дьицэр, ол фашиьы тыыннаахтыы тутан а5албыппыт теьелеех ордук буолуо этэй, ону сэриилэьэр тактикатын, сэрии уерэ5ин билбэт буоламмыт оннук тубэлтэ та5ыста5а. Мин испэр сыыьаны билэ-билэ урдук званиялаах киьиэхэ туох да диэбэтэ5им. Олбут немецпыт планшетын а5алан командования5а туттаран ол иьигэр сыаналаах сведениялар баар буолан нуучча офицера орден ылбыта. Мин, кыра-хара омук буолан, награда5а туьэриллибитим урдунэн фамилиям туора сотуллубут этэ», – диэн кэпсиирэ эбитэ уьу Михаил Прокопьевич.
Ахсынньы ый 17 кунугэр Москва куорат босхоломмутун кэннэ, кинилэр полкаларын Челябино дэриэбинэни босхолооьуцца бырахпыттар. Сахалар 4 эбиттэрэ уьу. Ыраас ча5ылхай кун остуол ньуурун кене, аьа5ас сиринэн атаака5а туруорбуттар. Сурдээх дьулаан хартыына эбитэ уьу: тыьыынчанан саллаат хаьытыы-хаьытыы утары суурэн иьэн естеех автоматын, орудиетын уотуттан от курдук охтоллоро, ол да буоллар ытыалаан куьуйаллар, сэрии толоонуттан бэриллибит боеприпаьынан толору ыппакка тахсыбыт киьи сэриилэспэтэ5инэн аа5ыллар эбит. Дьэ ол улугэр ким кими да ытара биллибэт буолара уьу. Ол уот будул5ацца Михаил Прокопьевич хара5ар суурэн испит икки Саха уола- иккиэн хотуттан теруттээхтэрэ уьу, охтубуттар. «Биирин ба5ас бэйэбит дьоммут елербуттэрэ быьылаах, кехсе буппут этэ», – диэн Михаил Прокопьевич Гуляев хараастара. Ол да буоллар, елер елууну ецейен туран ере суурэн киирэн дэриэбинэ таьынаа5ы немецтэр окуопаларын былдьаабыттар. Онно кердехтерунэ- дэриэбинэ ичигэс тацаьын барытын а5алан олохтоохтук оцостубуттар эбит. Угус сыранан дэриэбинэни босхолообуттар, барыларын на5араада5а туьэрбиттэр, ол гынан Михаил Прокопьевич бааьыран госпитальга тубэьэн бэйэтин полкатыттан хаалан хаалбыт, на5араадатын булан ылбатах.
Дьэ ити курдук тыьыынчанан советскай саллааттар елер елуу тацнары сатыылаабыт кыргыьыы хонуутугар киьи-аймах кэлэр кэскилин иьин эдэр олохторун толук ууран,уоттаах сулустуу умайан сутэллэрэ. Оттон тыыннаахтар уоту-буур5аны эцэрдэнэн, серуе са5а советскай сири босхолоон, тус ар5аа диэкэ дьулуьаллара. 1942 сыл ыам ыйын 15 кунугэр Воронежскай фроцца 25 гвардейскай дивизия5а тубэспит.
Фронт линията 1942 сыл от ыйыттан 1943 сыл тохсунньн 25 кунугэр диэри Воронеж куоратынан ааспыта. Воронежскай фронт сэриилэрэ естеех ити туьаайыынан биьиги сирбитигэр дирицник етен киирэр сорунуутун тулуурдаахтык утарсан тохпуттара. Биьиги сэриилэрбит 1943 сыл тохсунньу 13 кунуттэн 27 кунугэр диэри Острогоржско-Россошанскай, онтон салгыы Воронежско-Кастроненскай операциялары ситиьиилээхтик ыыппыттара. Бастакы операция тумугэр естеех 86 тыьыынча офицердара уонна саллааттара билиэн ылыллыбыттара, оттон иккис операция5а естеех 125 тыьыынча киьилээх беле5е ултурутуллубутэ. Ол тумугэр советскай сэриилэр Курскайга, Харьковка тиийэр кыахтаммыттара.
От ыйын мацнайгы куннэригэр Курскай- Воронеж икки ардыларынаа5ы кирбиигэ Забайкальеттан кэлбит 229-с курсантскай стрелковай бригада кыргыьыыга киллэриллибитэ. Манна Селячино куораты босхолооьуцца кыргыьыы инники линиятыгар хорсуннук сэриилэспитин иьин Михаил Прокопьевич «За отвагу» мэтээлинэн на5араадаламмыт уонна Уматов генерал бирикээьинэн 1942 сыл сэтинньи 5 кунугэр уоппуска5а ыытыллыбыт
Дойдутугар кэлээт Боро5оццо Осовиахимца инструктордыы олордо5уна иккис хомуурга ыцыран ылбыттар. Манна да5атан эттэххэ, Уус-Алдан улууьуттан сэриигэ иккитэ ынырыллыбыт 3 эрэ киьи баарыттан биирдэрэ – Михаил Прокопьевич. 2 сыл устата хаста эмэ бааьыран, араас муччургэннээх сырыыларга тубэьэн, уоттаах сэриини ортотунан сылдьыбыт. 1944 сыл Туркмения5а иккис Туркестанскай пулеметнай училище5а младшай командирдары бэлэмниир кууруска ыыппыттар, ол кууруьун бутэриитигэр кыайыы буолбут. Ол да буоллар кинини дойдутугар ыыппакка Байыаннай Комиссариат аны Ташкент куоракка кадровай эписсиэрдэри бэлэмниир Ленинскэй училище5а уерэнэ барарыгар бирикээстээбиттэр. Михаил Прокопьевич Гуляев санаа-оноо бе5е5е туспут: «Училищены бутэрдэхпинэ аны хайаан да 3 сыл службалыыбын, онтон эмиэ туох буолуо биллибэт» диэн дойдутун ахтыбыта баьыйан, сэрииттэн салпыта бэрт буолан аккаастаабыт. Инньэ гынан «Улэни ба5ас улэлэниллиэ» диэн стройбакка тылланан барбыт. Учугэйдик улэлээн каменщик 5-с разрядын ылбыт, махтал сурукка туспут. Дьоллоох соргулаах буолан, етех тецургэьэ хаалан, а5атын ууьун уьатаары, ийэтин ууьун кэцэтээри этэццэ 1946 сыл атырдьах ыйыгар тереебут сирин- Хайыыкатын алааьын булбут.