1942 сыл бэс ыйыгар бэбиэскэ туппут, биьиги эьээбитин Мальта куоракка учебнай сыантырга уерэтэ туьэн баран Япония кыраныыссатыгар ыыппыттар. Дарсун куоракка 10 кун устата сэниэ ылларан баран ар5аа фронна ыыппыттар, ити 1943 сыл саната эбит. Керчь куоракка 55-с автоматнай полкага тубэспит. Туун кинилэр полкаларын оборона5а ыыппыттар. Иннилэригэр а5ыйах хардыылаах сиргэ, естеех саллааттара кулуннэьэн кестеллер эбит. Бу куоракка ый анарын курдук кэм сыппыттар. Харабылга дьуьуурустубалыы туран еттугэр бааьыран госпитальга киирбит. Онтон арыый буолбутун кэннэ 1-Белорусскай фронна 96-с гвардейскай чааска снайперынан анаабыттар. 1944 сыллаахха Варшаваны босхолооьунна кыттыбыта. Кыргыьыыга бааьыран эьээбит Баку куоракка госпитальга ый кэринэ эмтэнэр. Госпитальтан тахсыбытыгар 1261-с артиллерия полкатыгар саперунан анаабыттар. Варшаваны ненуелээн куннэ 6-7 биэрэстэни сатыы баралар эбит. Берлиннэ тиийбиттэригэр бэрт кыратык сынньата туспуттэр уонна сапернай взводтарын миинэни ыраастааьынна ыыппыттар. Туун сыылла сылдьан, миинэлэри илиилэринэн ыраастыыллар эбит. 1947 сыл бала5ан ыйыгар демобилизацияланан дьиэтигэр этэннэ эргиллэн кэлбит. Биьиги эьээбит Иванов Е.И. хорсун буойун буоларын курдук, А5а дойду 2-с степеннээх орденнаах, За отвагу, За победу над Германией уонна атын да юбилейнай мэтээллэрдээх. Сэттэ амарах кыргыттардаах биир уоллаах уонна отуттан тахса сиэннээх. Биьиги герой эьээбитинэн киэн туттабыт!
Иванов Егор Иванович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.