Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Иванова Ольга Михайловна

1973 с. – үлэ ветерана.
1978 с. – Социалистическай куоталаһыыга урдук ситиһиилэрин, совхоз общественнай олоҕор актыыбынай кыттыытын иһин «Степан Аржаков аатынан совхоз» дирекциятын Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.
1981 с. – 1980 сыл түмүгүнэн социалистическай куоталаһыы кыайыыларын, үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Бочуотунай грамота («Степан Аржаков аатынан совхоз» дирекциятыттан).
1982 с. – 1981 сыл түмүгүнэн сылгы иитиитигэр үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Бүлүү улууһун Оройуоннай Сэбиэтин, райком КПСС Бочуотунай грамотата.
1985 с. – «Степан Аржаков аатынан совхоз» ыарахан балаһыанньатын өйдөөн босхо сүөһү туттаран көмөлөспүтүгэр Махтал сурук («Степан Аржаков аатынан совхоз» дирекциятыттан).
1985 с. – Улуу Кыайыы 40 сылыгар Социалистическай куоталаһыыга кыайыыларын иһин – «Степан Аржаков аатынан совхоз» дирекциятын Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.
1986 с. – 1985 сыл түмүгүнэн социалистическай куоталаһыы кыайыыларын, үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Бочуотунай грамота («Степан Аржаков аатынан совхоз» дирекциятыттан).
1989 с. – сылгы иитиитигэр үрдүк ситиһиилээх үлэтин иһин Бүлүү улууһун агропромышленнай холбоһуктарын Бочуотунай грамоталара.
1995 с. – Улуу Кыайыы 50 сылынан Бүлүү улууһун дьаһалтатын Махтал суруга.
«1941-45 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
1995 с. – тыыл ветерана.
Ийэбит Иванова Ольга Михайловна 1 Чочу нэһилиэгэр «Сэргэх» диэн алааска 1929 сыллаахха ыам ыйын 31 күнүгэр колхуостаах дьиэ кэргэҥҥэ 4-с оҕонон күн сирин көрбүтэ . 1941 сыллаахха 6-с кылааска үөрэнэ сырыттаҕына сэрии буолан үөрэҕиттэн уурайан «Максим Горькай» аатынан колхуоска чилиэнинэн киирэр, эдэр сааһыттан колхуос ыарахан үлэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. 1942 сылтан 1945 сылга диэри «Эбэҕэ» баран I –II биригээдэлэргэ аан бастаан бурдук ичигэстээһиниттэн саҕалаан сир паардааһыныгар сылдьыбыт. От үлэтигэр оҕус сиэппит, бурдук быһыытыгар, астааһыныгар үлэлээбит. Онно үлэлии сылдьан комсомолга киирбит.1956 сыллаахха II Чочуга кэлэн ыал буолбута. «Степан Аржаков» совхозка ыанньыксытынан үлэҕэ киирэр. Кини 30- тан тахса сыл пенсияҕа тахсыар диэри ыанньыксытынан үлэлээбитэ. 1973 сыллаахха Чернышевскай сельсоветын депутатынан талыллыбыта. Ситиһиилээх үлэтин иһин 1984 сыллаахха Москваҕа норуот хаһаайыстыбатын Бүтүн Союзтааҕы быыстапкатыгар барар чиэскэ тиксибитэ.

Ийэбит нэһилиэккэ буолар тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттарын сөбүлүүр этэ. Ол курдук араас ырыа куонкурустарыгар кыттан элбэх грамоталарынан, дипломнарынан наҕараадаламмыта.
Кини 2007 сыллаахха 78 сааһыгар олохтон туораабыта. Билигин кини удьуорун салгыыр сиэннэр, хос сиэннэр эбиллэн иһэллэр.

Ахтыыны суруйда Иванова Маргарита Васильевна (орто кыыьа)

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.