Иванова Варвара Федотовна 1926с. “Арбаньда” колхоһугар 10 оҕолоох колхозтаах кэргэнигэр 3 оҕоннон төрөөбүтэ. Аҕата колхозка араас үлэлэргэ үлэлиирэ, ийэтэ элбэх оҕолоох уонна ыарыһах буолан үлэлээбэт этэ. Балбаара олох кыра сааһыттан үлэни таптыы улааппыта. 1942сыл сайыныгар 16 саастаах кыыс үлэ фронугар ыҥырыллар. “Арбаҥда” колхоһуттан кини соҕотох этэ. Ол сыллар тустарынан Балбаара маннык кэпсиир: “Үөһээ Бүлүүттэн сэриигэ барааччылары кытта икки пароходунан тиэйэн Якутскайга илдьэн түһэрбиттэрэ. Онтон хас да массыыннан тиэйэн Улуу диэн сиргэ кэлбиппит. Онно тиийээт да үлэлээн барбыппыт. Үлэбит буоллаҕына суол оҥоһуута эбит. Ханааба хаһабыт, бэрэбинэнэн күргэ тутабыт, хойгуонан тааһы үлтү сынньан суол оҥорон дэхсилээһин. Ити курдук үлэлээн Амманнан Алдан диэки бардыбыт. Алдаҥҥа тиийэрбит ус кос хаалбытын кэннэ сэрии буппутэ. Үлэ диэн ыарахана, кытаанаҕа, күн тура-тура сарсыарда эрдэттэн киэһээ хойукка диэри үлэлиирбит. Үлэ ыараханын үрдүгэр ас диэн суоҕун да кэриэтэ этэ. Элбэх да кыыс үлэ ыараханыттан ыаолдьан, сыыстаран , ас суоҕуттан хогуйан өлөөхтөөбүттэрэ. Мин бу күҥҥэ тииймэх буоламмын буолуо биэрбит астарын суруогар тириэрдэ сатаан кэмчилээн аһаан тыыннаах эргиллибитим. 1945 сыл сайыныгар Якутскайтан сэрииттэн кэлээччилэри кытта төрдүө эрэ буолан төннүбүппүт. Кэлээт колхозпар ыанньыксыттаан барбытым. Онтон бу Дүллүкүгэ көһөн киирэн баран эмиэ ыаньыксыттаабытым. Уопсайа ыанньыксытынан 25 сыл үлэлээтэҕим буолуо. 1949 сыллаахха ыал буолбутум. Билигин 7 оҕолоохпун, 16 сиэннээхпин, доссо биир хос сиэннээхпин” – диэн үөрэ-көтө кэпсиир Варвара Федотовна 1990 сыллаахха.
Иванова Варвара Федотовна
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.