Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Ким Кын (Хын) Хо

Киһи олоҕо сир ньуурун курдук көнө буолбат, биһиги эһэбит-хос эһэбит Ким Кын (Хын) Хо ыраах Корея Республикатыгар күн сирин көрбүт, дьон кэпсииринэн, устудьуоннар хамсааһыннарыгар кыттан дьоно Союзка күрэппиттэр. Бастаан Бодойбого кэлэн шахтага үлэлээбит, онно шахта синньэн өлө сыспыт. Биһиги ыччаттара кини урукку олоҕун тугу да билбэппит хомолтолоох. Урук оччотоогу кэм бириэмэтинэн эһэбит куттанара дуу хайдах эбитэ дуу, иннэ гынан кини тугу да кэпсээбэт эбит,онон биһиэхэ ыччаттарыгар хомолтолоох, эһэбит олоҕун билбэппит.
Умса нөрүччү туттубут, кыра хатыҥыр уҥуохтаах кэриэй оҕонньро сис туттан, Күөх оттоох кырдалынан бэдьийэ хааман иһэн, сытыы кыараҕас хараҕынан киэҥ бааһыналары одуулуур, тугу эрэ ботугуруур. Бу маннык дэриэбинэтин дьоно биһи эһэбитин ойуулаан санаан ааһаллара.
Ким Кын (Хын) Хо отуччалаах сааһыгар биир уол оҕолоох сэрии иннинэ Хаҥалас оройуонун Тойон Арыы диэн дэриэбинэҕэ кэлэн олохсуйбут. Эһэбит Тойон Арыыга “Өктөөп суолунан” холкуоска сэрии кэмигэр оҕуруоттар биригээдэлэрин тэрийэн, салайан үлэлэппит, сайынын оҕуруокка, кыһынын подвалга оһох оттон олорпут астарын харайан, сиэмэлэрин бэрийэн үлэлээбитэ, өлүөр дылы. Дьон кэпсииринэн оҕуруота куруук өлгөм үүнүүнү биэрэрэ.
Ханнык да дойдуга олордор, үлэһит, чиэһинэй үтүө сүрэхтээх киһи өлөн-охтон биэрбэт эбит. Кини дьоҥҥо элбэх үтүөнү оҥорбута, бар дьонун махталын, убаастабылын ылбыта. Ким Кын Хо сиргэ ыспыт сиэмэтэ өлгөм үүнүүнү биэрэрин тэҥэ, киниттэн ыччаттар төрөөн-тарҕанан, үтүө дьон буолан олороллор, үлэлииллэр. Ити курдук туора омук киһитэ Ким Кын Хо ис сүрэҕиттэн бэриниилээхтик үлэлээн, аас-туор сэрии ыарахан сылларга нэһилиэнньэтин дьонун хоргуйан өлүүттэн быыһаабыта, көмө-тирэх буолбута чиэһинэйинэн, көнө-ыраас майгытынан бар дьонун махталын ылбыта.
Ким Кын (Хын) Хо со5отох уолуттан 7 сиэннээх, 22 хос сиэннэрдээх, 40 хос хос сиэннээрдээх, 1 хос хос хос сиэнннээх.
Тойон Арыы нэһилиэгин дьоно эһэбитигэр махтанан өйдөбүнньүк памятник 2019 с. туруорбуттара.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.