В РККА призван 15.08.1943 Чурапчинским РВК Якутской АССР.
Николаев Н.П. родился в 1909 г. в Лягинском наслеге Восточно-Кангаласского улуса Якутской области. Кадровый охотник.
Умер в 1978 г.
Жена Варвара Филипповна, имеют 4 детей. Дети, внуки и правнуки живут в Хангаласском улусе и Якутске.
Аҕам Николаев Николай Павлович (Хоччоорун) Такыр Байбал дьиэ кэргэнигэр төрдүс уолунан Лээгигэ төрөөбүтэ.
Кини сэриигэ Чурапчытааҕы ОБК 15.08.1943 с. ыҥырыллыбыта.
Аҕам Ньукулай ийэбинээн Балбааралыын ыал буолан 4 оҕоломмуттара.
Николаев Александр-Көбөх Алдан оройуонуттан, ийэтэ Николаева (Алексеева) Ульяна Хачыкааттан төрүттээхтэр эбит. Түҥ былыр дьон биирдиилээн олорор кэмнэригэр бултаан-алтаан иитиллэн Алданынан, Амманан олорбуттар. Өлөксөөндүр оҕонньор уҥуоҕунан олус кыра буолан баран, бэйэтин кыанар, тыанан-хонуунан көҥүл сылдьан, тымныыттан-итииттэн толлубакка бултаан-алтаан 9 оҕотун ииттэҕэ. Эбэм эмээхсин олус суон эбитэ үһү. Сайын алта таба тардар сыарҕатыгар олордон баран көһөллөрө үһү. Бу олус дьаһаллаах, тыллаах-өстөөх эмээхсин эбит. Хаһаайыстыбаны барытын кини дьаһалынан тутан ыал буолан олорбуттар. Кинилэр 6 уоллара Николаевтар диэн араспаанньанан сылдьаллар, үс кыыстаахтар эбит.
Ийэм Николаева (Архипова) Варвара Филипповна эһэтэ Архипов Өлөксөй I Дьөппөҥҥө Боотулуга олорбут.
Ульяна Николаевна Протодьяконова,
Покровскай, 2008