Призван в 1942 году Олекминским РВК, демобилизован в 1945 году, награжден медалью «За победу над Германией».
“Кирилл Афанасьевич хос эьэбит бастакы о5ото, революция кэнниттэн төрөөбүт, “Киэҥ Үрэх” диэн сиргэ. Мухтуйаттан тахсан иһэн сурдьунуун Баһылайдыын кэпсэппиттэр. “Дьон бары сэриигэ баран эрэллэр. Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай. Көрдөһөн барыахха”, – дэспитгэр. Көрдөһөн барбыт, Читаҕа тиийэн резервэҕэ хаалбыт. Баҕар, саллааттары бэлэмниир курстарга үлэлээбитэ буолуо. Бурят – Монголиява 1943 с. аҕатын көрсө түспүт. Остолобуойга киирэн иһэн хараҕын кырыытынан көрдөҕүнэ, аҕатын курдук киһи ааһан иһэр үһү. «Аҕаа», – диэбитигэр, «Ээ», – диэбитинэн эргилллэ түспүт. Куустуһуу, ахтыһыы бөҕө буолбут. Оччотооҕуга билэр киһигин көрсөрүҥ дэҥ кэриэтэ буолара, Бурятия олус ыраах дойду курдук этэ. Сахаларга маннык корсуьуу – дьол тосхойуута буолар.
Кирилл Афанасьевич сэрии кэннэ Саха АССР Верховнай Советын депутатынан талылла сылдьыбыта. Аймахтар ахтыыларынан Мухтуйаҕа кетен кэлбит бастакы самолетунан кэлбитэ үһү. Хайыһардаах Ан-2 самолет буолуон сөп.
Кэлин Иннялыга олохсуйан олорон лесхозка улэлээбитэ. Ус оҕолоох: кыргыттара Клавдия Кирилловна Якутскайга, уола Дмитрий Кириллович Чамчаҕа олороллор. Алта сиэнннээх, 2 хос сиэннээх.”
Никонов Кирилл Афанасьевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.