Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Попов Семен Николаевич

Попов Семен Николаевич Ленскэй оройуон, Бэтинчэ сэлиэнньэтин А5а дойду сэриитин ветеранын ахтыытыттан.
Мин а5ам сэриигэ 1941с.бастакы хомуурга барбыта. Кол5озка от оттуу сырыттахтарына Бэтинчэ урэ5ин баьыгар улахан уот туран, эр дьону бары уоту умуруортара ыыталаабыттар, онно сэбиэттэн илдьит киьи кэлэн сэриигэ хомуйуу повесткатын туттартаабыт. Дьон урэх баьыттан киирээт да, улахан ыгылаанынан хомуна туьээт, кулууп дьиэтин иннигэр мустубуттар. Мухтуяттан тахсыбыт байыаннай танастаах командир стройдаталаан баран: “Фашистскай Германия туох да сэрэтиитэ суох Советскай Союзка сэриинэн тустэ, онон эьиги Ийэ дойдугутун комускуу остоо5у утары сэриигэ бараары тура5ыт! “-диэбит. Дьон бары алдьархай буолбутун ойдоон, чуумпуран дьоннорун, о5олорун кытары быраьаайдаьа туьээт стройга турбуттар, уонна командир бирикээьинэн айан суолун устун бара турбуттар. Олохтоох дьон ойуур са5атыгар диэри корон, дьонноро кырыктаах остоох сэриитигэр бараахтаатылар диэн, уйадыйан, ор саната суох туран хаалбыттара. Аара баран иьэн “Урдук дабаанна” сынньанан, табаахтаабыттара, Бэтинчэ диэки хайыьан туран, харахтарынан быраьаайдаьан салгыы 60км.сири сатыы бара турбуттара. Мухтуя5а кинилэри Осетрово5а илдьэр пароход куутэн турара. Мальта5а байыаннай лаа5ырга ор байыаннай дьыала5а уорэтэлээбиттэрэ. 1942сыл олунньу ый 27 кунугэр поездка олордон ар5аа сэриигэ ыыталаабыттара. А5ам 1029 стрелковай полка5а стрелогунан анаммыта, кини Волховскай фронна, Ленинград оборонатыгар сэриилэспитэ, Финскэй хомо5о тиийэ сылдьыспыта. Ор бэлэмнэнэн кимэн кииригэ, олус кырыктаах сэриигэ уна фалангатыгар араанньы буолан коьоро сылдьан икки госпиталга эмтээбиттэрэ. Ол кэннэ Челябинскайга байыаннай собуокка улэлээбит. Дойдутугар 1946 с.эргиллибитэ, кэлээт колхоз араас улэлэригэр, мас кэрдэн уьаарыыга, от улэтигэр улэлээбитэ, кыьын бултуура, а5ам сурдээх мас ууьа этэ, этээстээх иьит уурар ыскааптары, танас угар комодтары, остуоллары, булт тэрилин барытын сатыыра. Ийэм Попова Феодосья Михайловна сэрии ыар сылларыгар звеноводунан бурдук ыьыытыгар улэлээн, урдук ситиьиилэри кордорон оройуон, республика сыаннай бэлэхтэрин туппута, мэтээлгэ туьэриэхтэрин диэбит этилэр. Тороппут 4 кыргыттарыттан мин эрэ ордубутум, 2кыра кыысчааннара сэрии ыар оло5ор ыалдьан ойо5остотон суох буолбуттар, эдьийим Христина 7кыласска уорэнэ сылдьан ыалдьан 1957с олбутэ. Мин оскуола5а 44 сыл изо, труд, черчение учууталынан торообут Бэтинчэм оскуолатыгар улэлээн РСФСР уорэ5ириитин туйгуна, Саха республикатын методист учуутала, СР уорэ5ириитин бочуоттаах ветерана ааты сугэн, ийэм, Попова Федосья Михайловна уонна а5ам Попов Семен Николаевич сырдык кэриэстэрин толорон, 3 о5олонон, 5 сиэннэнэн, кинилэр олохторун салгыы туруохпут, ааттарын ааттата сылдьыахпыт.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.