Соҕотох Ампаар диэн сиргэ Устин, Иулита Винокуровтарга төрөөбүтэ. Кинини оҕолоро суох ыаллар иитэн Постников Петр Михайлович буолбута. Оскуолаҕа үөрэммэтэх, биир киһи үөрэтэн ааҕар, суруйар буолбут. 1931 сылтан “КыҺыл салаа” табаарыстыбаҕа киирбит, ”Төрүт Ворошилов” холкуоска үлэлээбит. 1941 сылга Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан Забайкальскай байыаннай уокурук Бурятия, Монголиия кыраныыссаларыгар, Маньчжурияҕа сулууспалаабыт. Доруобуйата мөлтөөн 1943 төттөрү дойдутугар кэлбит. Онтон бу сылга иккиһин ыҥырыллан эмиэ урукку сиригэр сулууспалаабыт. 1945 сыллаахха дойдутугар кэлэн Калинин аатынан холкуоска звеновод, биригэдьиир. Хрущев саҕана аан бастаан кукурузаны үүннэриигэ Спиридон Бехтюевтыын биригээдэ тэрийэн үүннэрбиттэрэ, үчүгэйдик үүммүтэ. Кэлин доруобуйатынан иккис группалаах инбэлиит буолбута. Дьиэтигэр илиитин араарбат үлэһит, отчут. Кэргэнинээн Александра Николаевналыын оҕолорун иитэн атахтарыгар туруорбуттара. Наҕараадалара: “Японияны кыайыы иһин”, “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллэр.
Постников Петр Михайлович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.