Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Роев Григорий Иванович

Күн сирин көрдөрбүт, Олох кэрэтин бэлэхтээбит ытык-мааны дьоммутун ахтан-санаан ааһыахпытын баҕарабыт…

Биһиги аҕабыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Роев Григорий Иванович 1928 сыллаахха Өлүөхүмэ оройуонун I Нөөрүктээйи нэһилиэгин кыракый Бүрүк дэриэбинэтигэр колхуостаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата Иван Яковлевич, ийэтэ Марфа Никитична, ол саҕанааҕы Олоохуна сирин төрүт олохтоохторо, үйэлэрин тухары колхуос үлэтигэр көлөһүннэрин тоҕон, иитинэн олорбут дьоннор. Ол кэм угэһинэн бастаан чугас ыалларын, аймахтарын кытта олорон, онтон кэлин бэйэлэрэ дьиэ-уот туттан, хаһаайыстыба тэринэн олорбуттара.
Аҕабыт, ыал соҕотох оҕото да буоллар, дьонун кытта хара улэҕэ миккиллэн улааппыта. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмэ алтыс кылааһынан түмүктэммитэ, онтон ыла колхуос ыарахан үлэтигэр сыстан, сайыннары кыһыннары үлэ үөһүгэр сылдьыбыта.
1949 сыллаахха, бэс ыйыгар Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, дойдутуттан тэйэн
ыраах сытар Иркутскай уобалаһыгар сулууспалыы барбыта. Нөөруктээйи сириттэн төрдүө буолан арахпыттара. Бу кэмҥэ 1950 сыллаахха , аан дойду политикатыгар сабыдыалы оҥорбут Корея сэриитэ биллэриллэр. Историяҕа биллэринэн, бу сэриигэ биьиги дойдубут байыаннай самолеттарынан көмөлөһөн, АХШ байыаннай күүстэрин кытта күөн көрсүбүттэрэ. Ити бириэмэҕэ ытык иэстэрин төлүү сылдьар саллааттары, кылгас кэмнээх куурустарга үөрэтэн, Корея сэриитигэр хомуур саҕаланар. Биһиги аҕабыт биир дойдулаахтарын кытта, билбэт омук дойдутугар тиийэн сулууспаларын салҕаабыттара.
Кинилэр тутуспутунан бары зенитнай чааска тубэспиттэрэ,манна баар кистэлэҥ байыаннай аэродрому харабыллаан күннэри түүннэри бэлэм тураллара. Өстөөх самолеттара көтөн кэллэхтэринэ түүнүн прожекторынан тыктаран, сиртэн сэрии уотунан көрсөллөрө. Ол кэм эдэр саллааттара, сэрии дьиҥҥээх тыынын, кыһалҕатын билбиттэрэ.
Бу сэрии 1953 сыллаахха түмүктэнэн, аҕабыт табаарыстарын кытта этэҥҥэ дойдуларыгар төннүбүттэрэ. Сэбиэскэй Сойуус бу сэриигэ кыттыыта олох кистэлэҥ этэ, кэлин политиктар Корея сэриитин «биллибэт сэрии» диэн ааттаабыттара. Биһиги аҕабыт бу Корея сэриитигэр кыттыыны ылбытын хойукка дылы билбэт этибит, ити кэми ахтыбат, кэпсээбэт этэ.
1990 сыллар эрэ кэннэ, манна кыттыбыт ол саҕанааҕы саллааттары «Аҕа Дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ» ааатыгар киллэрбиттэрэ.

Ийэбитинээн Ксения Иннокентьевналыын 1954 сыллаахха олохторун холбоон ыал буолбуттара. Биһиги ийэбит Чаара нэһилиэгин Молбо сириттэн төрүттээх.
1944 сыллаахха сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрэн, ол кэннэ колхуоска кыладыапсыгынан, кэлин Токо райпотун иһинэн тэриллибит Молбо отделениетыгар сэбиэдиссэйдээбитэ. 1952 сыллаахха Дьокуускайдааҕы кооперативнай техникум булҕаахтар салаатыгар үөрэнэ киирбитэ уонна доруобуйатын туругунан ситэ үөрэммэккэ дойдутугар төннүбүтэ.
Биһигини, бу элбэх оҕону төрөтөн, көрөн – харайан, атахпытыгар турарбытыгар олоҕун тухары элбэх сыратын биэрбит киһиннэн Ийэбит буолар. Кини улаханнык санааҕа баттаппакка, толкуйдаабытын тобулан, иннин хоту баран иһэр тулуурдаах майгылаах этэ. Үөрэххэ тардыһыыбыт бастакы олугун ууран, ону ыра санаа оҥостон барыбытыгар куускэ иҥэрбитэ.
Аҕабыт кыылы иитээччи куурсугар үөрэнэн 60-с сыллартан саҕалаан кырымахтаах хара саһылы иитэр фермаҕа ийэбитин кытта өр сыл үлэлээн, туох баар санааларын ууран биир өрөбүлэ суох үлэлээбиттэрэ. Бу ыарахан, барыта киһи эт илиитинэн үлэлиир үлэтин толору баһылаан, хара саһыл төрүөҕин үрдэтэн, үрдүк хаачыстыбалаах күндү түүлээҕи туттарар этилэр. Кинилэр мэлдьи сопхуос туруу үлэһиттэрин ахсааннарыгар сылдьыбыттара.

Дьиэ иһинээҕи эркиммит, эбээбит барахсан Марфа Никитична, бу улахан дьиэ кэргэн аһын-үөлүн астаан, сүөһүтүн көрөн күнү быһа түбүгүрэрэ. Эбээбит үтүө майгылаах, сырдык сэбэрэлээх, түргэн наһаа ыраас туттуулаах этэ. Биһигини, кыргыттары батыһыннаран сир аһын хомуйа сылдьан ,оту-маьы көрдөрөн, айылҕалыын алтыһыннаран үөрэтэрэ такайара. Эбээбит минньигэс аһын аһаан, киниттэн элбэххэ үөрэнэн улааппыппыт.
Аҕабыт байанайдаах булчут – саас, куһун быыс буллар эрэ тыатыгар бултуу тахсара. Аар тайҕа бэйэтин баайыттан хайаан да өлуулээбит буолааччы. Элбэх оҕолоох Аҕа баһылыга буолан бэйэтин кыаҕынан бултаан-алтаан, дьонун хааччыйан олорбута.
Биһиги дьиэ кэргэн бары сөбүлүүр дьарыкпыт кинигэни ааҕыы буолара, ордук аҕабыт олох үлүһүйэн туран ааҕар этэ. Ол кэмнэргэ хаһыат, сурунаал бөҕөнү суруттарар этэ. «Огонек», «Роман-газета» сурунаалларга тахсар араас элбэх айымньылары көтуппэккэ ааҕара. Маны таһынан биһигиннэн библиотекаттан кинигэ ыллаттарар этэ. Бу сөбүлүүр дьарыгын хойут сааһырыар дылы бырахпатаҕа.

Ийэлээх аҕабыт биһигини үөрэҕи баһылаан, үлэһит дьон буоларга, барыбытын оннук өйгө-санааҕа ииппиттэрэ. Оскуола кэнниттэн үөрэҕи салгыырбытыгар, идэ ыларбытыгар улахан сыраларын биэрбиттэрэ, иккиэн биир санаанан биһиэхэ улахан куус-көмө буолбуттара.
Кэм-кэрдиис, олохпут ааһарын тухары, күндү дьоммутун сүрэхпитигэр иҥэрэ, муҥура суох махтана сылдьабыт. Кинилэр олорбут олохторо сиэннэригэр, хос сиэннэригэр үтүө холобур буолан бэриллэн бара туруоҕа.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.