Мин хос эһээм Сотников Федот Иванович 1900 сыллаахха Мөҥүрүөн( Араҕас ) нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1943 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыта.
Уһун киэҥ айаны айаннаан Бурятия киин куората Улан-Удэ аттыгар баар Кяхта станциятыгар тохтообуттар. Манна кинилэр түүннэри-күнүстэри Аҕа дойду сэриитигэр барар аттары көрөн, айааһаан, үөрэтэн баран тимир вагоннарга тиэйэн илдьэн биэрэр эбиттэр. Кини 2 сыл сулууспалаабытын кэннэ Японияны утары сэриигэ Сахалин арыытыгар илдьибиттэр, манна 1945-1946 сыллаахха сылдьыбыт.
Сэрии бүппүтүн кэннэ тутууга үлэлээбит. Онтон дойдутугар 1946 сыллаахха кэлбитэ. Кэлээт да, “Социализм Суола” холкуозка араас үлэҕэ үлэлээбит. Мин эһээм үлэ тыыл бэтэрээнэ.
Улуу Кыайыыны уһансыбыт бары ветераннарга барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Наҕараадалара:
1941-1945 сыллаахха Аҕа дойду улуу сэриитигэр ” Кыайыы 20 сыла”- мэтээл.
И.В.Сталин мэтээлин хаһаайына.
1941-1945 сыллаахха Аҕа дойду сэриитигэр “Кыайыы 30 сыла” -мэтээл.
Медаль “За доблестный труд в ВОВ 1941-1945гг.”