Кыайыыны уһансыбытынан киэн туттабыт!
(Тыыл, үлэ ветерана Тарабукина Елена Семеновна,1929-2004)
Сандаарыччы тыкпыт сырдык күннээх, киһи сүрэҕин ортотунан киирэр сылаас салгыннаах, тулук аргыстаах сандал сааспыт тиийэн кэлбитэ үчүгэй даҕаны. Маннык үтүө кэми кытта кэтэһиилээх, өрөгөйдөөх Кыайыыбыт 60 сыла тиийэн кэллэ. 1941 – 1945 сыллар! Бу кырыктаах, хаан тохтуулаах сыллар хаһан да умнуллубаттар, сүтэ-симэлийэн хаалбаттар. Бу сыллар бүтүн аан дойдуну, норуоту, хас биирдии ыалы, хас биирдии киһини аймаабыттара. Сэриигэ кыргыспыт саллааттары, сураҕа суох сүппүт буойуттары, кэтэспит ийэлэри, кыайыылаах эргиллибиттэри, тыылга хаалан хорсуннук үлэлэспиттэри – биһиги хаһан да умнуо суохтаахпыт. Ол – биһиги ытык иэспит.Мин эбэм, Тарабукина Елена Семеновна, оҕо сааһа сэрии, сут, уот кураан сылларыгар ааспыта. Кини 1929 сыллаахха тохсунньу 7 күнүгэр Томпо улууһун Саһыл нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини 21 оҕоттон ордон хаалбыт үс оҕоттон улаханнара этэ. 8 саастааҕар СаҺыл оскуолатыгар киирбит, 6 кылаас үөрэхтээх. Ийэтэ – Өймөкөөнтөн төрүттээх Тарабукина (Вензель) Матрена Васильевна, баай ыалга дьиэ – уот үлэһитинэн сылдьыбыт, 94 сааһыгар өлбүтэ. Аҕата – төрүт Саһыл нэһилиэгин олохтооҕо, Тарабукин Семен Егорович үйэтин тухары сылгыһытынан үлэлээбит.Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕаланыытыгар эбэм 12 саастаах оскуолаҕа сылдьара. 1941 сыллаахха туох баар үлэни кыайар-хотор эр дьоннору, уолаттары сэриигэ ыҥырбыттар. Колхоз соҕотохто иччитэхсийэ түспүт. Ыарахан үлэ барыта оҕо-дьахтар санныгар сүктэриллибит. Эбэм сайынын окко улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлэспит. Үксүн оҕус сиэтиитигэр сылдьыбыт. Онно өйүөлэрэ суорат буолара, биирдэ эмэ лэппиэскэ сииллэр эбит, кыһынын үксүгэр сылбархай уунан хоноллор эбит. Саас эрдэ хаар хууллан, сир хараардаҕына, кииһилэ, үөрэ ото, чочунаах хомуйан, ону ууга буһаран сииллэр эбит. Ол эрээри төһө да аччык, сэниэтэ суох буоллаллар, күннээҕи сорудаҕы толорбокко эрэ дьиэлээбэттэр эбит. Санаалара күүстээх буолан, сэрии, кыайыы, Сталин туһунан ырыа ыллаан сэргэхсийэллэр эбит. Сталин туһунан ырыатын бырааһынньыктарга мэлдьи ыллыырын өйдүүбүн.Кыайыы кэнниттэн 1946-1947 сылларга Эбэм Саһыл нэһилиэгэр сэкэрэтээрдээбит. 1947 сыллаахха колхозка үлэлээбит. Онтон 1948 сыллаахха налоговай агенынан үлэлээбит. Онно налогун харчытын туттара, ый аайы сатыы улуус киинигэр Ытык-Күөлгэ барар эбит. Аара биир эмэ ыалга тохтоон ааһар эбит. Ону олох-дьаһах ыарахан, кытаанах күннэрэ буолан, дэлби сылайан, утатан киирбит эдэр кыыһы өйдөөн таба көрдөхтөрүнэ чэй куталлар эбит, суох буоллаҕына олорбутунан хонон тураат, салгыы айанныыр эбит. Бу курдук эдэр оҕо кыһыннары-сайыннары бэйэтин харыстаммакка үлэлээн, кэлин доруобуйатыгар оҕустаран, атаҕынан ыалдьар буолбут. Ону эбэм: «Мин саастыылаахтарым атахтарынан бары үчүгэйдэр, мин былыр сааһын, сайынын ууну-хаары кэһэн, кыһынын тоҥон-хатан атахпынан буорайдым»,- диэн кэпсээхтиирэ.1950 сыллаахха райфинотделга счетоводтаабыт. 1952 сыллаахха анны Мэҥэ-Алдаҥҥа налоговай агенныыр. Онтон 1955 сыллаахха мин эһэбэр, Колодезников Афанасий Афанасьевичка, кэргэн тахсан, «Сырдаабыт» колхозка рабочайынан үлэлээбит.1957 сыллаахха Рыбка тубдиспансер аһыллар, онно бастакы санитарканан үлэлиир. «Наһаа үчүгэй дьону кытта үлэлээбитим, сүрдээх иллээх-эйэлээх коллектив этибит»,- диэн эдэр сааһын ахтан куруутун кэпсиирэ. Онтон оҕолорун үөрэттэрээри Мэҥэ-Алдаҥҥа көһөн кэлэллэр. Ол кэмтэн ыла Мэҥэ-Алдан участковай балыыһатыгар пенсияҕа тахсыар диэри санитарканан, завхоһунан үтүө суобастаахтык үлэлээбит.Эбэм, Тарабукина Елена Семеновна, олоххо мэлдьитин активнай позициялааҕа, били-көрүү иһин сыламтата суох охсуһара. Төрөөбүт оройуона сайдарын туһугар сыралаах үлэтин туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ куруутун киэн тутта кэпсиирэ. Бэйэтин үлэттэн дьолломмут киһинэн ааҕара.Эбэм уһун сыралаах үлэтин Правительство үрдүктүк сыаналаабыта. Ол курдук, «1941-1945 сыллаах Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин» Сталин мэтээлинэн 1946 сыллаахха наҕараадаламмыта (№ удостоверения 0133802). 1970 уонна 1972 сыллардаахха «Ударник коммунистического труда» знактарынан бэлиэтэммитэ. Кыайыы 40, 50 сылларыгар мэтээллэринэн, «Маршал Советского Союза Жуков» диэн үбүлүөйүнэй мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1979 сыллаахха «Үлэ бэтэрээнэ» буолбута.Дьэ, бу курдук мин эбэм үлэлээн-хамсаан, 4 оҕону атахтарыгар туруоран, билигин үлэһит дьон, туспа ыаллар. Онон эбэм 4 оҕо күн-күбэй ийэтэ, 11 оҕо тапталлаах эбэтэ, 3 оҕо хос эбэтэ буолан, бу орто дойдуга ытык иэһин төлөөн, былырыын 75 сааһыгар ыалдьан олохтон туораабыта.Биһиги эбэбит, Елена Семеновна, дьоҥҥо олус үчүгэй сыһыаннааҕа, аһыныгаһа, киһиэхэ барытыгар үтүөнү эрэ оҥоро сатыыра. Кинини биһиги- оҕолоро, сиэннэрэ – истиҥ-иһирэх тылларынан ахтабыт, кини үтүө аатыгар сүгүрүйэбит, Улуу Кыайыыны уһансыбытынан киэн туттабыт!
Колодезникова Мария Сергеевна ахтыыта.
Мин Елена Семеновнаны кытта бастакы билсиим, кини нолуогабай аген буолан үлэлии сырыттаҕына этэ. Кини Саһыл нэһилиэгэр үлэлиирэ. Саһылтан хас ый аайы отчуоттуу сатыы Ытык-Күөлгэ тахсара. Онно баран-кэлэн иһэн Дабаччымаҕа чэйдээн ааһара. Онно хам-түм көрсөрбүт. Кэлин оҕолорун үөрэттэрээри Саҥа Олоххо Кырдьаҕас өтөххө дьиэ атыылаһан олохсуйбуттара. Онтон ыла дьүөгэлэспиппит. Наһаа үлэһит, хаһаайыстыбаннай ыал ийэтэ этэ. Уопсайынан, үчүгэй майгылааҕа. Хаһан да кыһалҕатын дьоҥҥо соҥнообот, наар үөрэ-көтө, сүбэлии-амалыы сылдьааччы. Үлэлиир тэрилтэтигэр хайҕалга сылдьара. Хам-түм сылдьыһарбыт. Кэпсээн-сэһэн элбэх буолара да, биирдэ да туора дьону куһаҕаннык саҥарбытын өйдөөбөппүн. Үчүгэйгэ наһаа тардыһара, өй-санаа өттүнэн сүбэлиирэ даҕаны. Онон миэхэ Елена Семеновна туһунан үчүгэй эрэ өйдөбүл хаалбыт. Бу кыракый ахтыыны суруйдум дьүөгэтэ Мария Сергеевна Колодезникова (90 саастаах), 3.02. 2016. Мэҥэ-Алдан
Кыра кыыһа Васильева Лидия Афанасьевна ахтыыта
Мн ийэм, Тарабукина Елена Семеновна, аҕабар Колодезников Афанасий Афанасьевичка кэргэн тахсан, Рыбзаводка Саһылтан көһөн кэлбит. Ийэм түөрт оҕону сыры-сыллата оҕолонон. Бастаан үлэлээбэккэ олорбута. Онтон Сырдаабыкка көһөн, ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Кини үлэлиир кэмигэр биһигини, кыра оҕолору, эдьиийбит Валя көрөрө. Үлэтигэр сарсыарда эрдэ баран баран. Киэһэ хойут кэлэрэ. Ынахтарын күҥҥэ түөртэ ыыллара уонна сайынын ыам быыһыгар оттууллара. Сырдаабыкка өр олорботохторо, төттөрү Рыбзаводка көһөн кэлбиттэрэ. Онно как раз тубдиспансер үлэҕэ киирбитэ. Ийэм бастакы дежурствота диспансер бастакы күнүгэр түбэспитэ. Суукканан үлэлиир этилэр. Санитаркалыырын таһынан, кини өссө тубдиспансерга килиэп буһурааччынан үлэлээбитэ. Кини үлэтигэр бэриниилээх буолан, коллектив убаастабылын ылбыта. Ийэлии истиҥ сыһыаннаах буолан, элбэх махтал тылы ыарыһахтартан истибитэ. Мин оскуолаҕа киирэр күһүммэр, 1965 сыллаахха Мэҥэ-Алдаҥҥа көспүппүт. Мэҥэ-Алдаҥҥа көһөн кэлэн баран, балыыһаҕа эмиэ санитарканан үлэлии киирбитэ уонна пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ.
Улахан кыыһа Булдакова Валентина Дмитриевна ахтыыта
Мин ийэм, Тарабукина Елена Семеновна, Байаҕантай улууһун Саһыл нэһилиэгэр 1929 сыллаахха тохсунньу 7 күнүгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Тарабукина (Винокурова) Матрена Васильевна Өймөкөөнтөн Сордоҥноох диэн бөһүөлэктэн төрүттээх. Аҕата Семен Егорович төрүт Саһыл нэһилиэгин олохтооҕо. Бииргэ төрөөбүттэр үс кыргыттар этэ, улаханнара биһиги ийэбит. Сэрии сылларыгар Байаҕантайга оскуолаҕа үөрэнэр этэ. Сайынын колхозка үлэлиир этэ. Сэрии кэмигэр, төһө да оҕо буоллар, күүһүн-уоҕун харыстаабакка үлэлээн, Кыайыы буолбутунан сибээстээн, Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 7 кылааһы бүтэрэн баран, Ытык-Күөлгэ налоговай агенынан үлэлээбитэ. Ол үлэлиир сылларыгар эдэркээн кыыс Саһылтан, Мэҥэ-Алдантан нолуоктары хомуйан баран, сатыы Ытык-Күөлгэ барар этэ. Биирдэ эмит аттаах, сыарҕалаах киһи көстөн аргыстаһан барара. Соҕотоҕун баран иһэн, түүнүн кэбиһиилээх окко хонон турара. Ытык-Күөлгэ улахан кыыһын миигин 1951 сыл блаҕан ыйын 1 күнүгэр оҕоломмута. Оҕолонон баран дойдутугар сыарҕа суола турарын кытта төннүбүтэ. Дойдутугар кэлэн баран, олохтоох нэһилиэк сэбиэтигэр сэкэрэтээринэн үлэлээн барбыта. 1954 сыллаахха Рыбзаводка Колодезников Афанасий Афанасьевичка кэргэн тахсан. Көһөн барбыта. 1941-45 сылларга сүөһүтүнэн үлэлээбитэ. 1945 сылтан комсомол чилиэнэ, активистка этэ. Ыанньыксыттарга активнай агитационнай үлэ ыытар этэ. Сылга 400 үлэһит күнүн өлөрөрө. Атырдьах ыйын 1 күнүгэр 1948 сыллаахха Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сталин мэтээлин номүөрэ 0133802.
Толордо: Мэҥэ-Алдан орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Колодезников Альберт, 2005 сыл.
Тарабукина Елена Семеновна
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.