Наҕараадата – Орден Отечественной войны II степени.
357 стрелковая дивизия 1182, 1159 стрелковый полк.
Биһиги эһээбит Толстоухов Егор Степанович 1913 сыллаах Чурапчы Мугудай Бүөчээнититтэн төрүттээх. Эһэбит холкуос тутаах үлэһитэ, байанайдаах булчут бэрдэ эбит.
1941 сыллаахха Аан дойдуну аймаабыт Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар, Чурапчы Мугудайыгар эһээбит бэбиэскэ тутан аармыйаҕа барар. 1942 с. саҕалаан инники кирбиигэ киирэр. Бастакы кыргыһыыга бааһыран биир ый эмтэнэн чааһыгар төннөр. 1943 с. Великие Луки куорат аттыгар киирсиигэ өстөөх төгүрүктээһинигэр түбэһэллэр. Үс күнү быһа хантан да көмөтө суох кыргыспыттар. Дьөгүөр эһээбит сиһигэр, өттүгэр бааһыран, өйө суох сытар киһи билиэҥҥэ түбэһэр. Дьэ ити кэмтэн ыла өстөөх билиэнигэр төһөлөөх сору-муҥу көрбүтүн бэйэтэ эрэ билэн бардаҕа.
Сэрии бүтэрэ, фашистар кыайтараллара чугаһаан, билиэннэйдэри төттөрү хомуйан ылбыттар. Итиэннэ баарсаҕа симэн ууга тимирдээри илдьэн истэхтэринэ, американецтар босхолообуттар. Кыайыы буолбутун кэннэ, аны бэйэтин дьоно кытаанах бэрэбиэркэни ыытан баран, 1945 с. алтынньыга босхолообуттар. Эбээбит эһээбитин түөрт сылтан ордук кэтэспитэ. «Хара сурук» кэлбитигэр, төрүт итэҕэйбэтэх:
— Эс, мин Дьөгүөрүм хайдах өлүөй, тыыннаах буолуохтаах, — диэн сэрии бүппүтүн да кэннэ кэтэһэрин тохтоппотох.
Эһээбит Егор Степанович уоттаах сэрииттэн, өстөөх билиэниттэн тыыннаах ордон, сору-муҥу муннунан тыыран, дойдутун 1945 с. ахсынньытыгар булар.
Сэрииттэн кэлээт төрөөбүт колхоһугар үлэлиир: булчут, хонуу үлэһитэ, бостуук.
Биһиги эһээбитинэн киэн туттабын, эйэлээх олоҕу уһансыбытынан. Сэриигэ кыттыбытын туһунан 5 мэтээл кэрэһэлиир.