Эһээбит-Варламов Алексей Андреевич III, эбээбит-Спиридонова Елена Николаевна Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылаахтара, тыыл уонна үлэ ветерааннара. 1942 сыллаахха Чурапчы оройуонун 41 колхуоһун Хоту Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Булуҥҥа өстөөхтөрү кытары сэриилэһэ сылдьар саллааттарга ас үөл бэлэмнээһинигэр диэн сыаллаах соруктаах көһөрүллүбүттэрэ. Эһээбит булчутунан, балыксытынан үлэлээбит.Түүлээҕи биир сылга 2500 солк.туттарар эбит, тэҥнээн көрдөххө биир андаатар сыаната 18 харчы (копейка). Үлэлиир эрэ киһиэхэ нуорма быычыкаайык бурдук уонна испиискэ хоруопкатын саҕачча килиэп биэрэллэр эбит, оҕолор уонна кырдьаҕас дьон ол нуормаҕа тиксибэттэр. Аччыктааһын, өлүү сүтүү күүскэ турбут. Балыктаабыт балыктара, бултара барыта фроҥҥа. Ыал ыалынан эстибит.Оччотооҕу олох ыараханын этинэн хаанынан билэн, чугас аймахтарын сүтэрэн 5 сылыгар эргиллибиттэр. Үлэлээн, олорон ааспыттары өйдүүр буоллахпытына инникилээхпит. Улуу Кыайыы күнүнэн!
Варламов Алексей Андреевич III Спиридонова Елена Николаевна
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.