Орден “Красная звезда”, Орден Отечественной войны, Медали “За оборону Сталинграда”, “За победу над Германией”, юбилейные медали.
Участник Западного фронта и Забайкальского фронта;
1941 г. – стрелок Ленинградского фронта направление 1-го батальона 3 гвардейской дивизии;
1943 г. – стрелок 59 стрелковой бригады;
1944 г. – Забайкальский военный округ.
1917 сыл муус устар 7 күнүгэр Хадан нэhилиэгэр Толстой учаастагар дьадаҥы ыал кэргэҥҥэ тɵрɵɵбүтэ. Ийэтэ – Сыбырова Александра Ивановна, аҕата – Сыбыров Петр Иванович, балта – Антонова Мария Петровна.
1941 сыллаахха сайын оттуу сырыттаҕына сэриигэ ыҥырыы сурук кэлбитэ. Магнайгы хомуурга барбыт, 900 киhи буолан Туруктаҕа сатыы быhа түспүттэр, иккитэ ранения ылан, биирдэ икки аҥаар ый госпитальга эмтэммит. Хаста да атаакаҕа киирэн сэриилэспит ол сылдьан иккиhин ытыска бааhыран госпиталламмыт, 6 ыйга инбэлииккэ таhаарбыттар.
Дьиэтигэр ыам ыйын 1 күнүгэр 1943 сыллаахха эмтэнэ кэлбит. Кэлбитэ ийэтэ, балтыта аччыктаан ɵлɵɵрү олороллорун быыhаабыт. Эбэм чооруччаннан оҥоhуллубут хап-хара кыбыс кытаанах лэппиэскэни кытта ууну иннигэр ууран биэрээхтээбит. Аҕам олус кыhыйбыт, колхоз бырабылыанньатыгар баран айдаарбытыгар, аhылык бɵҕɵтүн биэрбиттэр.
Колхозка үлэлэспитин кэннэ 1944 сыллаахха бэс ыйын 25 күнүгэр иккиhин сэриигэ ыҥырбытттар. 1946 сыллаахха дойдутугар кэлбитэ. Кыhыл сулус орденынан уонна 7 бойобуой мэтээллэринэн наҕараадаламмыт этэ.
Бэйэтин ахтыыларыттан быһа тардыы:
Ленинград куорат көмүскэлигэр
Илин үөрэнэн баран поеһынан ый көрдүк айаннаан 1942 сыллахха саас Ленинград таһыгар тийэн тохтообуппут. Аҕыйах чаас буолааппытын кыттары тревога биллэрбиттэрэ. Немецтэр атаакалаан киирэн иһэллэр диэтилэр. Хаар халыҥ этэ, балтараа метр курдуга, чугас дэриэбинэҕэ баар немецтэри баран билиҥ диэн бирикээс биэрбиттэрэ. Биһиги уоy буолан ол дэриэбинэҕэ бардыбыт, мин ручной пулеметтаахпын. Аргыстарбыт Сунтаар олохтооҕо Иван Быков диэн нуучча киһитэ уонна «Партизан» колхозтан Гаврил Павлов диэн дьоннор баалларын өйдүүбүн. Дэриэбинэ кытыытыгар баанньык баар, онно тийэн тугун-ханныгын билиэххэдиэбиттэрэ. Чугаһаан 15-20 метр курдук хаалбытын кэннэ баанньык иһигэр хорҕойбут өстөөхтөр биһигини автомаатынан ытыалаабыттара сүтүктэммит быһыылаахпыт. Мин биир табаарыспыныын туора ойон хаарга киирэн сыппыпыт. Онтон туран сүүрэн эрдэхпинэ ракета уота сандаарбыта, онно билбитим ракета диэн тугун. Ити курдук хаста да саһа-саһа кэлэн командиирбар дакылааттаабытым.
Ол түүнү быһа сэриилэһэн хоруо буолбут дэриэбинэни ылбыппыт. Биһиэхэ сүтүк элбэҕэ, ротаттан 30-ча киһи, аҕыйах орудие уонна 4 ат ордубут этэ. Икки күн оборонаҕа сыппыппыт. Немецтэр Волховскай туһаайыыга биэс биэрэстээлээх баар дэриэбинэҕэ уйаламмыттара. Бирикээс бэриллибитэ ол дэриэбинэни ылыҥ диэн. Сир ортотугар көрсүһүү, немецтэр таанкалара, хардарыта ытыалаһыы..! Мин Папанин аатынан колхозка Дьөгүөрүскэ диэн киһини ииппит уола Фомалыын барыта үс буолан биир харыйа төрдүгэр сыппыппыт. Снаряд харыйа таһыгар түһэн эстэр, харыйа мэлигир, уолум өллөҕө диэбитим, хата ыҥырбыппар «баарбын диэбитэ. Оо, онно үөрбүппүөн… Онно мин орто тарбахпын буулдьа тоһуппута, оттон уҥа атаҕым хаптаҕайын быһа көппүтэ. Онтон тыылга госпитальга баран түөрт аҥаар ый эмтэммитим.
Сталинград куоракка
«Биир да хаамыыны кэннинэн чугуйбакка» – итинник этэ бирикээс. Түүн биһиги батальоммут өрүһү туораабыта уонна тракторнай завод таһыгар дьоммутун күүппүппүт. Онтон сотору дивизия барыта туораата диэн буолла. Иннимбит диэкки бардыбыт, биһиги ротабыт бастаан иһэрэ. Мин көрдөхпүнэ хара былыт устан иһэр курдуга, онтон өйдөөбүтүм немец самолета бөҕө иһэр эбит. Рота командиирыгар эппипэр «сыта охсуҥ» диэн хамандалаата. 1942 сыл балаҕан ыйын 4 күнэ этэ, өстөөх ити күнү быһа бомбалаата. Дьолго биир да киһи өлбөтөҕө. Ол турдахпытына немецтэр атаакаҕа киирэн иһэллэр. Снаряд ити түһзр бу түһэр. Мин тугу да көрбөппүнүлүбээй кэриэтэ ытабын. Биирдэ өйдөммүтүм буорга баттата сытар эбиммин. Тугу да истибэппин, дьүлэй буолан хаалбыппын. Атаһым эмиэ итиннигэ. Өр көрдөөн штабка түүн тийбиппит. Ыйыталлар быһыылаах этэистибэппин. Үс күн эмтэтэн баран үтүөрбүтүм.
Тракторнай заводка чугас сытабыт. Саҥа чаас-күүс эбиллэрин күүтэбит. Онтон балаҕан ыйын 9 күнүгэр өтөөхтөр эмиэ атаакалаабыттара. Биир туһаайыыга көрбүтүм сүүрбэччэ биэс танка иһэр эбит. Волга өрүс уҥуоргу өттүгэр рельсэни сыыйар курдук тыас эмискэ иһилиннэ. Онтон уоттаах снарядтар кэлэннэр танкалар үрдүлэригэр түстүлэр. Ити «Катюша» эбит. Биирдэ өйдөөбүтүм иннибитигэр баар немэцтэр биһигини ыҥыраллар, билиэн кэлиҥ диэн. Командиир прикаһынан ол немэцтэри ытыалаабыппыт, бөһүөлэккэ тийиэхтэригэр диэри мин икки киһини охтордум.
Күүс тэҥэ суоҕун көрөн командиирбыт чугуйарга эппитэ, мин туора-маары сүүрэн төттөрү барабын, кэннибиттэн ытыалыыллар да, дьолго биир да буулдьа таппатаҕа. Кирпииччэ дьиэ муннугар тиийэн окуопа хастан олорбуппут. Эмиэ сэриилэһэ сылдьан балаҕан ыйын 29 күнүгэр хаҥас икки тарбахпын быһа ыттаран гопитальга барбытым. Икки аҥаар ый эмтэнэн үтүөрбүтүм.
Үсүһүн сэриигэ барар буоллум, бэйэм чааспар. Волга кыдьымахтыы турара, ону ол диэбэккэ мууска кыбылла-кыбылла өрүһү туораабыппыт. Ити аата Дон өрүскэ баран иһэр үһүбүт. Куукунабыт ыраах хаалан икки-үс күн туох түбэспитин, өлбүт сылгы этин эҥин булан өллөммүппүт. Биир сардыарда массыынаҕа олорон немецтэр суолларын батыспыппыт, онтон биһигини сыырдаах түһэрэн кээстилэр, ол олрдохпутуна немец танката иһэр диэн буолла. Сыыр үөһээ тахсан көрбүтүм икки танка иһэр эбит, онтон тоҕо эбитэ буолла, эргиллээт төттөрү бара турдулар.
Сэмнэх буолбут дэриэбинэни ылыахтаахпыт, хардарыта ытыалаһыы, биирдэ көрбүтүм үс немец окуопаттан быган туран биһиги дьоммутун ытыалыыллар, биһиги икки буолан ытан икки киһини өлөрбүппүт, биир куотта быһыылааҕа, суох этэ. Дэриэбинэбит кырдьык да алдьаммыт, кураанах эбит, бары көһөн дуу, куотан дуу хаалбыттар. Ол сылдьан ытыспар бааһыран госпиталламмытым. Онтон алта ыйга инбэлиит гыммыттара. Дьэ онон отут үс хонон дойдубар Сунтаарга эргиллэн кэлбитим, ити 1943 сыллаахха 1 маай үс хонук иннигэр этэ.
Колхозка үлэлэспитим кэннэ 1944 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр иккиһин армияҕа ыҥырбыттара. Илин Забайкальскай байыаннай уокурукка рабочай батальоҥҥа сулууспалаабытым. Онтон Манчжурияҕа билиэннэйдэри таһыспытым. 1946 сыллаахха дойдубар эргиллэн кэлбитим. Дьэ итинник кылгастык эттэххэ мин ахтыым диэн. Кыһыл Сулус орденынан уонна сэттэ бойобуой медалларынан наҕараадаламмытым.
Сэриигэ төһөлөөх киһи өлбүтүн, дьиэтэ-уота суох хаалбытын, биһиги куораттарбыт алдьаммыттарын-кээһэммиттэрин илэ хараппынан көрбүтүм. Ол иһин сэрии хаһан да буолбатын, биһиги оҕолорбут, сиэннэрбит тулаайахсыйбатыннар эйэлээх олох туругура турдун диэн этэбин.