Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Варламов Семен Елисеевич

Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаага, Үлэ бэтэрээнэ Варламов Семен Елисеевич 1914 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр Баатара нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1941 – 1945 сылларга Ленинград, Смоленскай, Орел куораттар туһаайыыларынан Стара Русса комүскэлигэр, 1316 № байыаннай чааска сылдьан сэриилэспитэ. Иккитэ ыараханнык бааһырбыта, билиэннэ түбэһэн концлагерь ынырык эрэйин этинэн-хаанынан билбитэ. «1943 сыл кулун тутар 19 күнүгэр биһиги ротаттан отучча буолан хаалбыппыт. Танка үрдүгэр сытан өйдөммүтүм, немец саллааттара үрдүбүтүгэр олорон, кус-хаас тойугун түһэрэ иһэллэр эбит. Миигин кытта взводум командира младшай лейтенант Солдатов баарын көрөммүн, соҕотох буолбатах эбиппин дии санаан, сирэйим-хараҕым сырдыырга дылы гынна. 1944 сыллаахха саас олус куйаас күн утатан, чалбах уутун иһэн, тифка ыалдьан сыккырыыр тыыным ордубута. Өлөөрү гыммыт диэн крематорийга атаараары гыммыттарын, казах, нуучча доҕотторум быыһаабыттара. Ол иһин кинилэргэ муҥура суох махталлаахпын! 1944 сыл от ыйыгар босхолообуттара. Оо, онно үөрдэхпиэн! Госпитальга 1945 сыл муус устарыгар дылы эмтэммитим. Кыайыы бырааһынньыгын Иркутскайга көрсүбүтүм.»
Наҕараадалара:
1. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» медаль
2. «Германияны кыайыы иһин» медаль

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.