Награды. За боевые заслуги, Победа над Германией. Тяжело ранен под Старой Руссой 2 декабря 1942 г.
Старай Русса иhин кыргыhыылар.
Мин хос эһээм Киренскэй Фёдор Наумович ахтыыта. Старай Русса иһин кыргыһыылар.
Киренская Сардаана улэтэ.
Мин 27 саастаахпар 1941 сыл бала5ан ыйын 4 күнүгэр 6 кыра о5обун, ыарыһах ийэбин, а5абын хаалларан сэриигэ барбытым…
Советскай Армия 1941-1942 сс. кыһыңңы кимэн киириитигэр Хотугу Ар5аа фронт чаастара Демянскай куорат тулатыгар фашистар 16-с армияларыттан сэттэ дивизиятын төгүрүйбүтэ. Ону өстөөх саңа күүһү түмэ тардан, Старай Русса куорат туһаайыытынан кырыктаах кыргыһыыны ыытан, Демянскайдаа5ы дивизияларын кытта синньигэс сиринэн холбоспута. Ол кэнниттэн, балтараа сыл устата активнай оборонаны ыытан балаһыанньатын тупсаран күүскэ бө5өргөтүммүтэ. Фашистар ол бө5өргөтүнүүлэрин туох да ылбат кириэппэһэ, “нуучча армиятын көмүллэр иинэ” диэн ааттаабыттара. Онон фашистар хотугу армияларын бөлөхтөрө уонна 16-с армията илин диэки тумустаан киирэн, Ленинград блокадатын босхолуур иһин Советскай Армия охсуһуутугар мэһэйдиир уонна кимэн киирэр инники былааннарын толорорго тиһэх пуун оңостор сыаллаахтара. Онтон Советскай Армия Демянскайдаа5ы өстөөх дивизияларын төгүрүйэр кутталы үөскэтэн, өстөөх хотугу армиятын күүһүн хайытар сыалынан активнай оборонаны ыытара. Онон Старай Русса куорат тулата хаан тохтуулаах олус кырыктаах кыргыһыылар хонууларынан буолбута.
Сэрии хаамыытыгар тосту ө5үллүүнү а5албыт 1942-1943 сс. кыһын чугаһаан иһэрэ. Биһиги 15 отдельнай гвардейскай биригээдэбит сэтинньи ый 1942 с. бүтүүтүгэр Старай Русса куорат илин өттүгэр тыа5а кэлбитэ. Ол бириэмэ5э хотугулуу ар5аа фронт чаастара Старай Русса уонна Демянскай икки ардынан тыанан хоту диэки тумустаан киирбит этэ. Хардарыта кимэн киириилээх олус кырыктаах хапсыһыылар буолбуттара. Элбэх киһи өлөрө. Ону “Старорусский мешок” диэн ааттыыллара.
Өрдүк пихта мастаах, элэң-сэлэң уба5ас ойуурдаах, мырааннардаах, маардыңы сирдэхтээх этэ. Эбиитин олус сөңүү түһэр буолан, үксүгэр инчэ5эй хаар буолара. Күн-дьыл сигилитэ олус куһа5ана: тыал, хаар ситимин быспакка кэриэтэ уларыйа турара. Хонор түптээх сир суо5а. Сирэ ириэнэх буолан блиндажтар уулана тураллара. Түүн кылгастык утуйа түһэн ыларга уочаратынан блиндаж уутун баһан баран, сиэрдийэ үрдүгэр олорон утуйан турарбыт. Турарбытыгар арыт “А, ну, куры вылетай!”-диэн хамаандалыыллара. Блиндажпыт аанын аны лён отунан эрийэн, киһи тэптэ5инэ да алдьаппат гына оңорбуттар этэ.
Биирдэ разведка5а сылдьан, чуут а5ай тутуллан, билиэңңэ бара сыспытым. Хатыылаах борубулуоханы быһан туораабытым. Мин инники сыыллан иһэрим. Ол иһэн биллэн хааллыбыт. Биһигини өстөөхтөр уотунан тумнардылар, миномётунан ыттылар, пулемётунан сирилэттилэр. Хаптайыахпынан хаптайдым. Онтон өңдөйөн көрбүтүм-дьонум хатыылаах борубулуоханы туораабатахтар дуу. Мин со5отох сытар эбиппин. Көрө түспүтүм-мин диэки күөх синиэллээх немецтар иһэллэр. То5о миигин ытан кэбиспэтэхтэрэ буолла?! Онтон өйдүү биэрдим-миигин тыыннаахтыы ыла иһэллэр!!! Ыксаатым да автомаппынан утары ытыалаатым. Үс хас киһи онно суулунна быһылаах… Атыттара дьон эрэ буоллаллар төттөрү сыылыннылар.
Биир түүн саңардыы утуйан испэхпитинэ, өстөөх самолёттара буомбалары бырахпыттара, олор эстэр тыастарыттан соһуйан уһугуннубут. Адьас аттыбытыгар түһэрдилэр дии санаатыбыт. Блиндажпыт үрдүн буора са5абытыгар кутулунна. Сирбит кута курдук хотолдьуйарга дылы гынна. Үстэ сүллэр этиң чугас маска түһэр тыаһыгар маарынныыр улахан тыас то5ута саалынна. Салгын хамсааһына олус күүстээ5ин сөхпүппүт. Лён отунан өрүллүбүт ааммытын то5ута үрэн кэбиспит. Бастаан киһи саңата сыттыгы бүрүнэн баран саңарар курдук бүтэңитик иһиллэр, икки үс хонукка сорохпут кулгаа5ын кулукута ыарыйда, уңуохпут хамсыыр буолан хаалбыта, ол курдук улахан тыас киһи ньиэрбэтигэр охсор эбит. Үс хонук ааһыыта чөлбүтүгэр түспүппүт. Бастакы буомба биһигиттэн 50-чэ метр сиргэ түспүт, икки ардылара 30-лыы метр. Пушка снарядтара хаа-дьаа түһэн эстэллэрэ. Иннибитигэр ыраах пулемёт ытара, “Катюша” снаряд лүһүгүрүүрэ.
Ити сиртэн кыратык сы5арыйан ытыһар сиргэ чугаһаатыбыт. Саңа блиндаж оңоһуннубут. Өстөөх миналара, снарядтара сүрдээх хойуутук түһэн эстэллэрэ. Тыаска үөрэнэн да бардыбыт. Иккис түүн биһиги взводпут инники кирбиигэ киирэргэ бэлэм олорбута. Ити 1942 с. ахсынньы 1 күнэ этэ. Түүн взвод командирын солбуйааччы сирдээн үс биэрэстэ кэриңэ сиргэ субуруһан бардыбыт. Киһи суолуттан туоруур сатаммат этэ. Мина эстибит кыра хаспахтара хаарынан тибиллибит этэ. Көрбөккө уулаах куоһахха үктэниэххин, мина5а да түбэһиэххин сөп этэ. Суол кытыытыгар фашистар өлүктэрэ түбэһэрэ, сорох сиргэ “Катюша” снарядыгар түбэспит өлүктэр харааран көстөллөрө. Ампаардыы оңоһуллубут өстөөх кэтиир будкалара, алдьаммыт борубулуоха мэһэйдэр көһүннүлэр. Ол курдук болдьохтоох сиргэ тохтоотубут. Онно биһиги рота дьонноро бааллар эбит. Сибигинэһэн кэпсэтэбит. Иннибитигэр 70 м. сиргэ маңан дьураа буолан өстөөхтөр сылбах буолан көстөллөрө. Биһигини связной кэлэн түргэнник миэстэбитин буллартаата уонна сорудах биэртэлээтэ. Мутугу, сэппэрээги тоһутан ылан иннибитигэр анньыталаабыппыт, онтукабытын хаар олус түһэр буолан, сотору ба5айы көмнө5үрэн бэртээхэй гына маскировкаланныбыт. Түүңңү халлаан анныгар наһаа тоңнубут.
Дьэ, бу үүммүт күн мин кыргыһыым тиһэх күнэ буоларын, мин хантан билиэхпиний! Ол күн мин төбөбөр хаһан да умнуллубат гына хатанан хаалбыт эбит. Өстөөх чугас, 60-70 метр сиргэ сылбах кэннигэр сытара, эрдэттэн оңостубут ахан, инньэ гынан адьас көстүбэт. Ол сылбахтарын хаар саба түспүт-үчүгэй бө5өргүтүнүү диэтэ5ин. Хараңа түүн этэ да, ыта сыталлар. Бирикээстэрэ оннук быһыылаах. Биһиги да өстөөхтөр ытан кыламныыр уоттарынан сирдэтэн утары ыта сытабыт. Табыллаайаллар диэн ытабыт. Хараңа5а туох да көстүбэт. Халлаан боролуйа сырдаан барда. Мин аттыбар сыппыт табаарыһым нуучча, тулуйан сыппакка, туран табахтаан эрдэ5инэ түҢнэри ытан кэбистилэр, биир тыла суох барда. Өссө немецтэр күлсэр саңалара иһиллэн ааста. Немецтэр түүнү быһа пулемётунан-миномётунан уһуурдан та5ыстылар, элбэх киһибитин өлөрбүттэрэ, бааһырдыбыттара. Биһиги хайыңмыт чычаас, сир үрдүгэр кэриэтэ этэ. Ытыалааһыннара халлаан сырдаан өссө сүрдэннэ. Онтон ити бириэмэ5э өстөөх тохтоон аһаата. Сытар сирбит хаарын анна уу буолан, тобукпут, тоңолохпут илийэн хаалбыта. Таңаспытыгар түһэр хаар киһи сылааһыгар ирэр. Киһи хойдубутун биллилэр-көрдүлэр быһыылаах, өстөөхтөр сотору-сотору пулемётунан, автоматынан ытар буоллулар. Активнай оборона диэн оннук буолааччы. Биһиги эмиэ уоттара ханан көстөр да, ол диэки туһаайа-туһаайа хардары ытабыт. Таңаспыт ууну оборон бүтүннүү илийэн дэлби үлүйдүбүт, титирэстиибит. Хаатыңкабыт иһэ уутуйан атахпыт эмиэ тоңор. Туран хаамсан, мөхсөн ылабыт. Тыас икки өттүттэн намыраата. Ол бириэмэ5э биһиги уонтан тахса киһи, ыңырсан төгүрүччү олорон сухой паекпутун сокуускалаан, курууска быһа5астыыта арыгыны иһэн бүтэн эрдэхпитинэ, ортобутугар улахан мина түһэн эһиннэ. Икки киһибит тыла суох бардылар, биһиги түргэнник тар5астыбыт. Миэстэбитин булбуппут кэннэ, кэрийэ сылдьан, ким туох иһиттээ5инэн арыгы биэрдилэр. Сырдаата5ына турар сатаммат, онон сытаргытыгар көмөлөөх буолуо, тоңноххутуна иһиэххит диэн сүбэлээтилэр. Ол кырдьык туһалаабыта. Сарсыарданан халлаан халлан, сытыы тыал түстэ, синиэллэрбит тордоччу тоңнулар, тымныы уңуохпутугар, мэйиибитигэр дылы о5уста. Тоңмуппутун аһараары били аспытыттан иһэбит, оччо5о титирэстээбиппит ааһар.
Биирдэ мин ойо5ос чигдибэр мина туhэн баран эстибэтэ, эстибитэ буоллар, миигин илдьи тэбиэ этэ, ол курдук ыксабар туспутэ. Аттыбар сытар а5амсыйбыт байыас мин эргийтэлээн ылбыппьш көрөн баран куллэ, сонньуйда уонна “Дьоллоох эбиккин, тыыннаах ортунЛ-диэтэ. Куйахам куурдэ, сурэ5им хамныырга дылы гынна, санаатым “Эстибитэ буоллар, биир да фашипы өлөрбөккө өлуө эбиппин. Манна сытан таах ыттыы өлуупубун. Xahaн сырдаан саатар буулдьа ханан барара көстөрө буолла”-диибин.
Биир эмэ фашист саатар элэҥнээн көстөөрөй диэн уhуннук көрө сатыыр
буоллум. Арай халлаан саҥардыы сырдаан эрдэ5инэ, биир сиринэн сылбахха снаряд туhэн харааран көстөр сиригэр ма5ан кууркалаах дуу, халааттаах дуу фриц турарын бэлиэтии көрдум. Тургэнник кыҥыах буолтум, маскировкам кулуктээн сыалым чуолкайдык көстубэтэ. Онтон ыксаан сөпургэстии тустум да, титириккэ өйөөн кыҥаабытым, туөhунэн куурката саhарбыта көhуннэ. Биhиги диэки олоотоон эрдэ5инэ, тардан кэбистим. Хаххабар хаhтас гынным, маскировкам быыhынан көрө охсубутум, немеhим тиэрэ туспут эбит, кырыытынан эргийиэх курдук өндөйөн барда, ыhыктынан кэбистэ. Кинини өруhуйэ ким да кэлбэтэ. Онтон эр ылан, мин өлбут табаарыhым ус магазинын
онно ытан бараатым. Тыын тыынҥҥа харбас диэн ол этэ. ППШ учугэйдик ыттахха биир магазины өр гыммат. Мин ыппатахпына миигин ыталлара биллэр суол буолла5а. Арай ол сыhа5астаhа сылдьан, аллараа диэки туhэн истэхпинэ, маскировкаламмыт мутуктарым ортолорунан сорох лабааларын буулдьалар быhыта көтөн аастылар. Биллилэр быhыылаах диэн аттыбар каска сытарын инники хайыҥмар кыратык быгар гына ууран баран оннубуттан уларыйа о5устум. Миигин дьоллоох эбиккин диэбит киhим таhыгар чугас сыыллан тиийэн сыттым. Онно кини миигин хай5аата, бачча хараҥа5а бэркэ
таптыҥ, мин охторун көрдум диэтэ. Кини эмиэ кэтэспитэ yhy- Ити курдук кэпсэтэн бутэрбитин а5ай кытта, мин уурбут каскабын буулдьа табан сиргэ тyhэрдэ. Онтон инники мин сыппыт хайыҥмын хос-хос ытан бур5ангнаттылар. Уларыйбата5ым буоллар, онно миигин эмиэ табыа эбиттэр. Халлаан кундээриччи сырдаан истэбин аайы, икки өттуттэн ытыы хойдон барда. Хайа уйэ5э бугуҥҥу куннээххэ мин устэ өлө сыспыппын өйдөөн дьэ дьулайдым.
өстөөх ханна ытар да, ол сири бэлиэтии көрөн баран да5аспытынан ытан иhэбит. өстөөх миномётунан хойуутук ытар. Биhиги сытар сирбитин саахымат хара5ын курдук хастыы эмэ мина биирдэ кэлэн туhэр. Ол курдук хойуутук ытаннар, харыстан ордук халыҥнаах хаары сир адьас хараарыар дылы минаны туhэрдилэр. Ол да буоллар быыс арыт булан ордон иhэбит. Кунус 12 чаас са5ана, халлааҥҥа ракeталар көттулэр. Биhиги артиллeриябыт ытар Tыаha биир кэм ньиргийдэ. “Катюша” снарядтара биhиги уҥуор өттубутунэн
сандаарыҥнаата. өстөөх өртуттэн эмиэ оннук ытыалааhын буолла. Халлаaҥҥа снаряд Tыаha быыстала суох ыйылаата, уhуурда. өстөөх cahaн сытар ойуура холорук ытыйбытын курдук өрө будулуйда.
Ол кэмнэ батальоммут байыастара кэннибититтэн атаакалаан киирэн
биhиэхэ холбостулар. Туох да тыаhын киhи арааран истибэт буолла, бэйэбит автомаппыт тыаhын, эстэрин хамсыырынан билэбит. Мин туспунан өстөөх пулeмeта ытарын көрөн хаста да төхтуруйэн ыттым да, ах баран тохтоон ыла-ыла ыппытынан барар. Атын дьон эмиэ хаарын кудээрис гыннараллар. Мин быыспар кураанахтаммыт магазиннарбын иитэбин. Да, кураанахсыйыар дылы ытабын, вeщeвой мөhөөччукпуттэн ботуруон суөкээн саҥардыы ииттэн
эрдэхпинэ “Атаака5а бэлэмнэниҥ!”-диэн хамаанда иhилиннэ Онтон да5аспытынан “Атаака5а Typyҥ”-командир xahыытa иhилиннэ, “Төрөөбут Дойду иhин! Сталин иhин!” xahыы дуораhыйда. Мин ыксаатым, yc магазины иитэн баран, хара5ым кырыытынан дьонум туран эрэллэрин көрдум. Онтон бокуойа суох хомунан эрдэхпинэ отдeлeниeм командира Кирeнский, впeрёд”-диэн кыланна. Кинилэр yhyө буолан ручной пулeмётунан ыталлара. Мин бэрт тиэтэлинэн вeщeвой мөhөөччукпун кэтэн, магазиннарбын уктан баран, эбии өлбут табаарыhым магазинын ылан сиэппэр укта-укта, туран дьоммун эккирэтэн суурдум. Суурэн иhэн көрбутум дьонум олох да турбатах эбиттэр. Төнкөйөн иннибэр намыhах ньиирээйи баарыгар тиийэн сытан иhэн көрбутум проволочнай заграждения5а чугаhаабыппын. Ол аннараа өттугэр сылбах аннынан пулемёт уотунан, буруонан тыбыыран барда. Хата куоhахтыы со5ус сир тубэстэ, хаптайан сытан кэбистим, көрбутум 5-6 киhи сирэйэ бу турардыы кытаран көстөллөр, сорохторо ыталлар. Автомаппын ууммутунан, сөhyургэстээн иhэн көрбутум, эмиэ били көрбут пулeмётум ытан барда. 30-ча эрэ мeтр. Биир магазин бутуөр диэри ытан баран, хаптас гынным. Санаабар, дьонум ол пулeмёттан мэhэйдэтэн сыппыт курдуктар, дьэ туран иннилэрин диэки бытааннык ыта-ыта, симсэн иhэн эмиэ, миэхэ тиийбэккэ, сыттылар. Арай ол дьон анараа өттулэринэн ма5ан хаатыҥкалаах, кууркалаах биир киhи суурэн киирэн проволочнай затраждение остоолботуттан тайанан көттө да өстөөх сылба5ын анныгар хаптас гынан, aҥap илиитинэн иннин диэки ууналаата уонна ойон турда да, сылбах урдугэр ыттыбытынан барда. Ол биhиги покомвзводпут этэ. Мин өстөөхтөр куоттулар дии санаатым. Саҥа магазин уктан бараммын эмиэ инним диэки туhаайбытынан туран иhэн, көрөн, ханан ытар быгшыларын биллим. Куотан эрдэхтэрэ диэммин, инним диэки били өстөөх сылбабар тиийэн иhэн, сылбахха снаряд туспут сиринэн икки куөх синиэллээх фрицтэр элэс гыммыттарьш көрдум. Мин, куоба5ы көрбут курдук, туран эрэ сылбах унуор биир магазин бутуөр дылы ыттым “ньоох”-диир саҥаны иhиттим. Уҥа сиэппиттэн граната ыллым, кольцотун тардаат, унуор туhэригэр холоон били пулемёт диэки быра5ан эрдэхпинэ, ханас туөhум ньир гьнна. Граната ханна туhэн эстибитин көрбөтум сирим иҥнэс гынан эрэрэ. Биирдэ өйдөөбутум хабыс хараҥа, сирим иҥнэри-таҥнары барар харахпар куөх, кыhыл биhилэхтэр көстөллөр. Онтон сотору сирим кытаран барда,онно көрдөхпунэ, айахпыттан хара тохтор. Халлаан улам сырдаан барда. өрө тыынна5ым ахсын, тохтуу-тохтуу тыынарбар айахпыттан хааным тохтор буолла. Хара5ым иирэр, ол да буоллар дьонум иhэрин көрөн турдум да, барсар кыа5ым суох буолла, сирим иҥнэҥнэс этэ. Отделением командира бааhырбыппын көрөн, сыт диэтэ, мин сыттым. Кэлин өйдөөтөхпунэ, ол со5ото5ун пулeмёттаах дьону кытары кыргыhан, сорохторун “ньоох” дэттэрбиппин, пулeмётчугу өлөрбуппун быhыылаах. Ба5ар гранатам таппыта буолуо. Ол гранатабын табылларбар туөспэр муччу туппутум буоллар, бэйэбин дэлби тэптэриниэ эбиппин. Ол хаанынан хотуолуу сырыттахпьна, хата өстөөх пулeмёта ыппат буолбут этэ. Бу будурмаан быыhыгар сабыта тибиирдиhиигэ 5-6 фриhы анныбар баттаатым быhылаах, онноо5ор “ньоох” дииллэрин эт кулгаахпынан истибитим. Олорго били билиэн ыла сыспыт ус фриицпин эбиннэхпинэ, мин да5аны, биир саха уола, син сэриилэспит, өстөө5у уурсубут курдук сананабын ээ…
Ол икки ардыгар бааhырбыт икки киhи төттөру баран иhэллэр, мин санитары
ычыран көрдум да, харда суох. Туран а5ыйахта атыллаан истэхпинэ уҥа ата5ым тобугун уөhээ өртунэн ньир гына тустэ. Эмиэ охтон тустум, сыппахтаан баран, атахлын хамсатан көрдум да олус ыараабыт, то5о эрэ хамсаабат. Аттыбар өссө да миинэлэр эhиннилэр, манна сытарым эмиэ табыгаhа суох-өстөөх буулдьатыгар табыллар эмиэ абытайа бэрт дии
санаан, иннибэр, ортотунан уулаах куоhаахха киирэн кырыыбынан сытынан кэбистим. Тоҥнум, уоcпум ыпсыбат, тииhим лабыгырас. Ыксаан тураммын автомааппын тайахтанан кэлбит суолбунан содьороҥноотум, сэниэ суох, арай ол иhэн иhиттэхпинэ, миигин ыҥыраллар. Уөруубэр унуо5ум босхо барда, саҥа аллайбытынан охтон тустум. Ол сытан чугас, илиитинэн сапсыйан ыҥырар киhини көрдум, тун-таҥ буола-буола, утары бардым,
чугаһаан баран билбитим, бииргэ үлэлээбит табаарыһым кэлэн турар эбит. Хоңно5ум анныттан өйөөн хаамтарбытынан барда. Сотору биир салааскалаах еврей утары көрүстэ. Иккиэн салааска5а тиэйэн санитарнай палатка таһыгар а5алан, уочаракка сытыаран кэбистилэр. Өр сыттым, олус тоңнум, тыал, тибии буолла. Туран иһэн хаарга умса түһэн хааллым, хата биир санитарка тахсан шиниэлинэн суулаабытыгар арыый буолан сыттым. Сотору палаатка5а киллэрэн, бэрэбээскилээн баран, наһыылканан землянка5а таһаардылар. Онно үс хонон баран, полевой госпитальга илдьэн, сэттис күммэр операциялаатылар, ордук түөһүм бааһа ыалдьара, тыын быһа5аһынан тыыннарара, иһим аны туппат буолбута, төбөм, сүнньүм олус уһуннук ыалдьыбыта. Киһи илиитигэр киирэр гына ырбытым. Аны атахпар эмиэ бааһырбытым. Киһи ха5а буоллум. Хата госпитальга 9 ый сыппытым. Көрүү-харайыы үчүгэй буолан үтүөрбүтүм буолуо. Маңан халааттаах кыргыттарга, ордук нуучча кыргыттара кыһамньылара, сыһыаннара үчүгэйин иһин, хайгыыбын уонна махтанабын. Киһи ха5а киһини өр дьаныардаахтык эмтээн олоххо төнүннэрбиттэрэ. Үтүөрэн баран, Пермь, Челябинскай куораттарга байыаннай таһа5аһы таһар чаастарга сулууспалаабытым.
1943 сыл Ленинградка командировка5а бара сылдьан эмиэ табылла сыспыттаа5ым, синиэлбин дьөлө, икки сиринэн тэһэ ыттарбытым. Ити чаастарга икки аңаар сыл сулууспалаабытым. 1945 сыл бала5ан ыйын 11 чыыһылатыгар Челябинскай куораттан диэмбэллэнэн кэлбитим.
А5а дойду сэриитигэр түөрт сылтан ордук сылдьыбытым. Төрөөбүт дойду иһин ытык иэһи толорууга бэриниилээх буолуу, эт-хаан өттүнэн сайдыы байыаннай үөрэх, билии-көрүү сүрүн наадалаах, сэрии практикатын билии, эрдэттэн байыаннай буһууну-хатыыны ылыы саамай наадалаах усулуобуйалартан биирдэстэрэ. А5а көлүөнэттэн үөрэниң.