Лукин Илья Николаевич-Сыа Ылдьаа
(ахтыы)
1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр сарсыарда 04.00 чааска фашисткай Германия түөкүннүү уоран саба түспүтүн түмүгэр 1418 күннээх түүн быыстала суох Советскай норуот Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Советскай Союз сүүһүнэн араас омуктара Ийэ дойдуну көмүскүү биир ньыгыл кэккэҕэ турбуттара.
Мэҥэ-Хаҥалас оройуонуттан Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии толоонугар 3800 буойун ыҥырыллыбыта биллэр. Биһиги Хаптаҕайбытыттан түөрт холкуостан 187 буойун ыҥырыллыбыта. Ол иһиттэн 85 буойун кыргыс толоонугар геройдуу охтубуттара. Сорохторо сураҕа суох сүппүттэрэ, эдэркээн уолаттар олохторун толук уурбуттара. 102 буойун кыайыы кынаттанан эргиллэн кэлбиттэрэ.
Мин эһиэхэ аҕам Лукин Илья Николаевич туһунан кэпсиэм.
Аҕабыт 1904 сыллаахха, атырдьах ыйын 2 күнүгэр, Ылдьыын Таҥара күн төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүт төрдүөлэр, улаханнара Федот, Ылдьаа, Матвей, кыралара Сэмэн диэн. Оҕонньор бэйэтэ кэпсииринэн: – Көтөх оҕо сылдьан Өлүөхүмэттэн көһөн кэлбиттэр үһү, ийэтин улахан доруобай маҥан дьахтар диэн кэпсиирэ. Уолаттара мэниктээтэхтэринэ саҕаларыттан ылан төрдүөннэрин муннукка быраҕаттыыра үһү. Ылдьааны ийэтэ айаннаан иһэн, тоҥус ураһатыгар төрөөбүт, аны аҕата Ньукулай Луукун сыаттан чүмэчи оҥороро үһү, ол иһин а5абытыгар Сыа диэн аат иҥмит, Ылдьааны Сыа уола, Сыа Тоҥуһа дииллэрэ.
1942 сыл бүтэһик күннэрэ, Саха сириттэн 10-ча саллаат буолан бииргэ айаннаан Урал сиһигэр баар байыаннай лааҕырга тиийбиттэрэ. Кинилэр биир ыйдаах үөрэх кэнниттэн, атырдьах ыйын бүтэһигэр Москва аттыгар баар байыаннай чааска тиийэн 4 суукка командование бирикээһин кэтэһэн олорбуттара.
Балаҕан ыйын 4 күнүн киэһэтигэр кинилэр фронҥа баралларын туһунан биллэрбиттэрэ. Ити түүн столица аттыгар немецкэй фашистскай сэриилэри кытары суостаах охсуһуулар буолбуттара. Уонча хонуктаах тыҥааһыннаах киирсиигэ саллаат Лукин Илья Николаевич охсуһуу үөһүгэр сылдьыбыта. Кини балаҕан ыйын 14 күнүгэр ыараханнык бааһыран, госпитальга киирбитэ. Суворовскай госпитальга 3 аҥар ый эмтэнэн, үтүөрэн баран эмиэ фронҥа барбыта. Кини бу сырыыга Калининскай уобаласка сэриилэспитэ. Илья Николаевич үгүс өстөөҕү өлөрөн хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин чаас командованиета улаханнык хайҕаан махтал суругун аахпыта уонна наҕараадаҕа анаммытын туһунан иһитиннэрбитэ. Ол эрээри Илья Лукин бэйэтигэр анаммыт наҕарааданы кыайан ылбакка олунньу ый 18 күнүгэр атаакаҕа сылдьан, уҥа харытын уҥуоҕун ыараханнык оскуолка дьөлө көтөн бааһырдыбыта. Кини госпитальга 4 ый эмтэнэн баран II группалаах инбэлиит буолан дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.
Дойдутугар Хаптаҕайга кэлэн, 1944 сыллаахха саас Үөһээ Бүлүү Харбалааҕыттан төрүттээх Анна Ионовна Иванова диэн эдэр кыыһы кэргэн ылар, дуруусканан холбоһоллор. 36 сыл эйэ дэмнээхтик, иллээхтик, үлэлээн-хамсаан, биир сүбэнэн олорон, 8 оҕону төрөтөн күн сирин көрдөрөллөр. Оҕолоро үөрэхтэнэн, үлэһит буолан республика араас сирдэринэн олороллор. Аҕабыт Луукун Ылдьаа өрүүтүн үтүө ыралааҕа «Мин о5олорум ГЕРОЙ буолуохтара», – диэн үөрэрэ, күлэрэ, билигин кини оҕолоро, ыччаттара, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос хос сиэннэрэ дьоннорун, дойдуларын туһугар үөрэнэ, үлэлии-хамсыы, үйэлээҕи айа-тута сылдьаллар. Аҕабыт, эһэбит үтүө ырата, алгыһа тиийиэхтин.
1980 сыллаахха ыалдьан олохтон туораабыта.
НАҔАРААДАЛАРА
• *Албан аат III степеннээх уордьан*.
• *Германияны кыайыы иһин* мэтээл
• *Японияны кыайыы иһин* мэтээл
• *Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин* иһин мэтээллэрдээх
Аҕа дойду Улуу сэриитин актыыбынай кыттыылааҕа Илья Николаевич Лукин сир үрдүгэр эйэни туругурдар туһугар, эйэлээх тутууга көлөһүнүн харыстаабакка үлэлээбитэ.
Орто дойдуга киһи-аймах баарын тухары Аҕа дойду сэриитэ аҕалбыт алдьархайа, тугунан даҕаны толуйуллубат өлүүтэ-сүтүүтэ умнуллуохтара суоҕа. Кэм кэрдии аастаҕын аайы ол тыйыс, ыар сыллар биһигиттэн тэйдэр тэйэн иһэллэр, ол эрээри аҕаларбыт уонна эһэлэрбит улуу хорсун быһыылара биһиги өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр хаһан даҕаны өлбөөдүйүө суоҕа.