1942 с. бэс ыйыгар ыҥырыллан Уралга политрук солбуйааччытынан үлэлээбит. Онтон 3 ый Свердлов куоракка команднай састаап оскуолатыгар үөрэнээт, Сталинград састаабыгар ыытыллар.
1943 с. Калинин куоракка II гвардейскай училищеа икки сыл үөрэнэр. 1945 с. II Украинскай фронт 1372 зенитнэй артиллерийскай полк 49 стрелковай полк састаабыгар киирэр. Муус устарга Вена куораты босхолооһуҥҥа бааһыран госпитальга киирэр. Госпиталь кэнниттэн 1946 с. ыам ыйын 2 чыыһылатыгар дылы байыаннай сулууспатын Австрияны, Чехословакияны, Румынияны, Польшаны, Венгрияны, Германияны босхолоспута.
Сэрии кэнниттэн Мэҥэ – Хаҥалас оройуонун «Орҕонноох» учаастагар, Баатарага 40 сыл учууталынан үлэлээбитэ.
Нагараадалара:
1. «За взятие Вены» медаль
2. «За Отвагу» медаль
3. «За Победу над Германией» медаль
4. «Үлэгэ туйгунун иһин» медаль
5. «Үлэгэ килбиэнин иһин» медаль
4. Юбилейнай медаллар.
Матвеев Аркадий Павлович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.