Уроженец I Легойског наслега Усть – Алданского района ЯАССР.
Участник Великой Отечественной войны.
Рядовой, с 1944 г. сержант, служил в 1036 стрелковом полку рядовым снайпером, автоматчиком, наводчиком противотанкового взвода.
Награжден:
– Орденом Отечественной Войны II степени, 1985
– Медалью «За Победу над Японией», 1945
– Благодарностю И.В.Сталина “За отличные боевые действия в боях с Японией”, 1945
– Медалью “30 лет Советской Армии и Флота”, 1948
– Медалью “20, 25, 30, 35, 40 лет Победы в ВОВ 1941-1945”
– Медалью “40,50, 60,70 лет Вооруженных сил СССР”
– Медалью “Ветеран труда”, 1985
Охлопков Иван Петрович, 1923 сыл тохсунньу 6 күнүгэр Уус-Алдан улууһун 1 Лөгөй нэһилиэгин “Улахан Мохулу” алааска Ивановтар диэн ыалга күн-сирин көрбүтэ. Аҕата Иванов Егор Ефремович, ийэтэ Охлопкова Анна Федотовна диэн этилэр. “ Оҕо турбат ыала” буолан, дьонноро аҕабын, саҥа төрөөбүт оҕону, хотон түннүгүнэн күрэтэн, ийэтин бииргэ төрөөбүт убайыгар Охлопков Петр Федотовичка ииттэрэ биэрбиттэр.
Аҕам барахсан ойуоккалыы оонньуур оҕо сааһа “Арыылаах” алааһыгар, Уһун –Сыһыы сайылыкка күөлэһийэн ааспыта. Оччотооҕу тыа ыалын кыһалҕалаах олоҕо киниэхэ Томтор оскуолатын иккис кылааһыттан ордук үөрэнэр кыаҕы биэрбэтэҕэ. Кини тоҕус сааһыттан от охсорго үөрэммитэ. 1938с. 15 сааһыгар “Куоталаһыы” колхозка улэлии киирбитэ. От охсуутугар тэҥнээхтэрин тулуппат этэ. Оҕо сааһыттан үлэҕэ эриллэн, үлэҕэ дьоҕурдаах, кыайыгас, сурэхтээх, күүстээх-уохтаах буолан дьонун үөрдэрэ.
1941с. бэс ыйын 22 күнүгэр биһиги Ийэ сирбитигэр фашистскай Германия уоран саба туспут сураҕа дойдуну бүттүүнүн аймаабыта. 1942с. атырдьах ыйын 28 күнүгэр аҕам Суотту арыытыгар оттуу сылдьан бэбиэскэ туппута. Аймах-дьонун кытта көрүһуннэрбэккэ, алаастан үргүлдьү иккис хомуурга тубэһэн, айаннаан, Иркутскай уобалас Мальта станциятыгар 582-с запасной полкаҕа алта ый үөрэммит, байыаннай присяга ылбыт. Онтон 1943сылтан 1036-с стрелковай полка пулеметнай рота наводчигынан анаммыт. 1945 с. Японияны утары сэрии саҕаланыар диэри рядовой снайперынан, автоматчигынан, онтон противотанковай взвод (ПТР) наводчигынан Даурия, Монголия (Чойбалсан) сирдэригэр сылдьыбыт.
Аҕам ахтыытыгар суруйарынан, саамай улахан, кыырыктаах кыргыһыы Хайлар куорат иһин икки түүннээх күн буолбут: «Бу куорат анныгар японецтар Китай билиэннэйдэринэн 15 сыл устата тутуллубут улахан тутуу – доттаах эбиттэр. Онтукалара сир анныгар 3-3,5 миэтэрэ халыҥнаах, туох да хоппот сымара тааһынан дьапталлан оҥоһуллубут кириэппэс курдук эбит. Биһиэннэрэ түүнү быһа артиллериянан ытыалыы сатаабыттара да, биир да доту алдьаппатахтара. Онон пехота сэриинэн саба түһэн Хайлар куораты ыларга күһэллибитэ.
Биирдэ иннибит диэки баран истэхпитинэ, сир үрдүгэр кыра маҥан турба турарын көрө түстүм. Мин, онно сыыллан тиийэн, төбөбүн умса анньан сыттым. Ол сытан японецтар саҥаларын иһиттим. Өйдөөн көрбутум, ол турба киһи сутуруга батар хайаҕастардаах эбит. Били доттарын турбата эбит диэн өйдөөтүм.Төттөрү сыыллан кэлэн доҕотторбор противотанковай граната батар хайаҕастардаах эбит диэн кэпсээтим. “Дьэ, оччоҕо гранатаны илдьэн түһэрэн кэбис”, – диэн буолла. Мин быарбынан сыыллан тиийэн гранатаны анньан кэбистим. Тэйэ түһээппин кытта турбам эстэн бытарыйа түстэ.
Кыргыһа сырыттахпына арай төбөбүн оскуолка дьукку көтөн ааста. Хаан-сиин балачча барда да, мин бэрэбээскилэммэтим, хараҥаҕа көстүмтүө диэн сэрэнним. Санчааска да барар түгэн суоҕа, сэрии бүтүөр диэри кыргыспытым. Онон ранениебар докуменым суох этэ.
Кыргыһыыга киирэр команда кэтэһэ сыттахпытына старшай политрукпут сүүрэн кэлэн “Биир да киһи тыас таһаарымаҥ, ытымаҥ, капитуляция буолбут”,- диэн ааста. Командирбыт үөрбүт-көппүт дьүһүннээх этэ. Сэрии бүппүт бэлиэтин саллааттары төгүрүччү туруоран, туох баар артиллерияларынан, орудиеларынан “Ураа!”, -диэн хаһыынан доҕуһуоллатан салют ытан ньиргиттибит, үөрүүлээх митинг буолла. Сэрии ол курдук түмүктэнэн, сэриилээн ылбыт Хайлар куораппытыгар төннөн кэлэн, билиэннэйдэрбитин, ыскылааттарбытын харабыллаатыбыт. 3-4 ый ол курдук олордубут.
Онтон Читаҕа кэлэн 342-с отдельнай телеграфнай строительнай рота линейнай надсмотрщигынан сулууспалаабытым. Ол кэннэ Монголия Чойболсан куоратыгар, кэлин Южнай Сахалиҥҥа сулууспалаабытым.
1948 сыл от ыйын 20 күнүгэр демобилизацияламмытым. Сэрииттэн дойдубар эргиллэн кэлэн баран колхозпар, кэлин совхозпар наар производствоҕа үлэлээбитим. 1978 сылтан бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. Мин Японияны утары сэриигэ кыттыбыт буолан, ааспыт сэрии алдьархайдарын эппинэн-хааммынан билбитим.” (сэрии, үлэ ветерана Охлопков И.П. 1984с. ахтыытыттан).
Киһиттэн ураты сытыары-сымнаҕас, намыын майгылааҕа биһиги аҕабыт. Үлэһит бастыҥа, уус бэрдэ, “Үлэ кыһыл Знамята” орденнаах “Партизан Заболоцкай” колхоз, совхоз биир төһүү үлэһитэ этэ. Кэлиҥҥи сылларга кыһыныгар сылгы көрөрө, сайыныгар от оттуура, алаастарга күрүө тутара. Аҕам кыһамньылаах үлэтинэн, көрсүө-сэмэй майгытынан, Хомустаах, Кэптэни нэһилиэгин дьонугар –сэргэтигэр ытыктабылы ылан, үтүө өйдөбүлү хаалларбыта.
Аҕам ийэбинээн, тыыл ветерана Елена Николаевна Охлопковалыын (Неустроева), алта оҕолорун атахтарыгар туруоран, барыларын үөрэхтээх, үлэһит дьон оҥорбуттара. Кинилэр уһансыбыт дьоллоох олохторун билигин биһиги, оҕолоро, сүүрбэттэн тахса сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыбыт, үтүө ааттарын үйэтитэбит.
Ахтыыны суруйда кыыһа Барабанская (Охлопкова) Евдокия Ивановна, СР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, үлэ ветерана.