Пестряков Гаврил Саввич
Тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Уус-Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Курбуһах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Аллаах-Үүннэ Охотскай перевозкаҕа таһаҕас таһыытыгар 7-тэ тахса сылдьыбыт сындыллаах айанньыт.
Наҕараадалара: «1941-1945 сс. Аҕа Дойдуну көмүскүүр сэриигэ килбиэннээх улэтин иһин», – диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыта,
Кыайыы 30,40,50,60 сылыгар үбүлүөйдээх мэтээллэр, «Золотая промышленность Якутии» бэлиэ (1977), «Маршал Советского Союза Жуков» мэтээл, «Лена», «Сардана» совхозтар, Уус-Алдан оройонун салалталарын Махтал суруктара, Бочуотнай грамоталара.
Катакинова Аграфена Алексеевна
Үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Чурапчы оройуонун күүс өттүнэн Кэбээйигэ көһөрүү кыттыылааҕа, Курбуһах интернат оскуолатын тех. үлэһитэ.
Наҕараадалара: 1941-1945 сс. Аҕа Дойдуну көмүскүүр сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин»- диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыта, «Материнская слава I, II, III степеннээх, Улуу Кыайыы 30,40,50 сыллаах үбүлүөйдээх мэтээллэр, нэһилиэк, оскуола администрациятын Махтал суруктара, Бочуотнай грамоталара.