Шарин Павел Прокопьевич (1911-1956)
Төруттэрбит туолбэлээн олорбут сирдэринэн буолар Урун Куол,Атырдьах Тиит,Эрбэс арыыта,Баачаҕай.
Сэрии эбээм дьиэ кэргэнин быһа тумнубатаҕа Евдокия Семеновна,Прокопий Прокопьевич 3 уолаттарын сэриигэ атаараллар.Хос- хос эһэм Шарин Прокопий Прокопьевич нэһилиэк биир биллэр –көстөр сурдээх улэһит, бултунан, аһынан-үөлүнэн элбэх киһиэхэ күүс-көмө, өйөбүл буолбут киһи. Прокопий Петрович «Улэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл ылбыта,манна кини балыксыт диэн суруллар. Архыып дааннайынан №21562 диэн. Прокопий Петрович өрүһүнэн бурдуктаах баржа уста сылдьарын балыктыы сылдьан тутан ылан дьонно тунэппит.Эбээм кэпсииринэн дьоҥҥо наар балык бэрсэр эбит. Сир урдугэр киһи олоҕуттан ордук кунду, алмааска да, көмускэ да бэриллибэт,туохтааҕар да үрдүктүк сыаналанар туох баар буолуой?!.Бу сэрии кэмигэр аччыктыы сылдьар дьоҥҥо төһөлөөх көмө буолуой.Сэрии сылларыгар тугу барытын фроҥҥа диэн байыаннай муҥхалааhын буолбута. Куөс аhылыгыттан ордугун барытын, кууллаан баран, дэриэбинэҕэ ыыталлара. Ону оборона фондатыгар диэн оройуон киинигэр киллэрэллэрэ.Промколхоз диэн тэриллибит. Үрүҥ Күөл балыга элбэх киһи “үрүҥ тыынын” өрүһүйбутэ,диэччи эбэм Хос- хос эбэм Ирина Никифоровна колхуостаах. Хос эһэм Шарин Павел Прокопьевич- бастакы коммунист. «Үрүҥ Күөл» колхоз барабалыанньатын чилиэнэ, колхоз биригэдьиирэ этэ.1911 сыллаах төрүөх.1942 сыллаахха бэс ыйын 26 кунугэр ынырыллан барар. Хос эһэм сэриигэ барыан иннинэ «Үрүҥ Күөл» колхуоска улэлии- хамсыы сылдьыбыта. Кини оттоон- балыктаан былааннарын аһара толортуура, ол курдук муҥханнан балыктааһын бырыһыанын 181% толорбута.иккис квартал былаанын 161,6% толорон бастаабыттара. Үрүҥ Күөлтэн 17 киьи сэриигэ кыттыбытыттартан тыыннаах дойдуларыгар кэлбиттэртэн биирдэстэрэ мин хос эһэм этэ.«Үрүҥ Күөл» колхоз барабалыанньатын чилиэнэ, колхоз биригэдьиирэ этэ. Эбэм кэпсээниттэн:”Аҕам сэриигэ сылдьыбытын туһунан маннык ахтара,саа саадах тутан хаһан да харахтаан көрбөтөх сирдэрбитигэр-уоттарбытыгар тиийэн хайа сатанарынан харса суох санааланан охтору-өлөрү кэрэйбэккэ сэриилэспиппит. Көхсүбүт хаана кууран, өлбүт дьон хаана сүүрүк курдук уста сытарын ытыспытынан баһан иһэр этибит. Онон тыыннаах оппуппут. Ленинграды ылсыбыппыт, ол үөрүүтүгэр «Ураа» диэн хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн истэхпинэ тохтотон массыынаҕа укпуттарыгар өйдөөн көрбүтүм инним, илиим барыта кыа хаан буолбут этэ. Ол курдук госпитальга киирбитим.Эһэм Ленинград,Сталинград куораттары көмускэһэн сэриилэспитэ. Ол сэриигэ улаханнык бааһыран госпитальга уһуннук сытан эмтэммитэ. 1945 сыллаахха, аҥаар илиитэ суох дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Кэлэн улэ үөһугэр бэриниилээхтик, күүһүн харыстаабакка улэлээбитэ. Бэрт сэмэй, улэһит киһи этэ. Дьон-сэргэ убаастабылынан туһанан нэьилиэк биир бастыҥ ытык-мааны ыала буолан олорбуттара. Сэрии кэмин кэпсээтэ5инэ эбэм куруутун ытамньыйар этэ. Эбэм кэпсииринэн Хос эьэм элэккэй, эйэҕэс майгылаах эбитэ уьу. “За победу над Германией”мэдээлинэн наҕараадаламмыт.«Үрүҥ Күөл» колхуоска биригэдиирдээн «Улэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл ылбыта. Архыып дааннайынан №215940 диэн.1956 сыллаахха сэриигэ ылбыт бааһа сүһүрэн кини эрдэ өлбутэ. Шарин Гаврил Прокопьевич.1941 сыллаахха от ыйын 22 кунугэр ыҥырыллыбыт.Архив докумуонугар маннык суруллар:Краснооармеец.222сд. Убит 13.04.1942г. Смоленская обл.Износковский район Туровский с/с.д.Туровка.”С 1941 года по 1943 г.район находился в немецко фашисткой оккупации.3650 износковцев ушли на фронт.Район освобождала 33 армия под командованием генерала Ефремова.22 января 1942 года был освобожден пос.Износки в то время как д..Ивановское находилось под оккупацией до 1943 года.Ити кыргыьыыларга киирсэ сылдьан олбут эбит Гаврил..Кэргэнин аата Анна Егоровна 1919с.төрүөх.Прасковья Михайловна,1935 с.төрүөх иитиэх кыыстаах эбиттэр.Биир кыыһа 1940с.төрүөх Дария.Шарин Роман Прокопьевич 1914с Нам улууьун Тубэ нэьилиэгэр төрөөбут.Архивка сурулларынан.Призван 12.08.1941 году.Намским РВК.Красноормеец 907сп.Умер по болезни 12.08.1943г.Ростовская обл.ст.Чертково с.Меловское Эвакогосп.№270В ходе ВОВ с.Меловое оказалась в прифронтовой зоне,а с 11 июля 1942 года был оккупирован немецкими войсками и превращен в укрепленный опорный пункт 3 января 1943 года части 57й гвардейской стрелковой дивизии РККА окружили и блокировали в Меловом немецкие войска.После того как они отказались сдаться,7 января 1943начались бои за поселок,которые приняли ожесточенный характер Населенный пункт был освобожден 16 января 1943 года. Ол эбэтэр ити кыргыьыыларга сылдьан ыалдьан олоохтообут..Кэргэнэ Шарина В.К. Сир урдугэр киһи олоҕуттан ордук кунду, алмааска да, көмускэ да бэриллибэт,туохтааҕар да урдуктук сыаналанар туох баар буолуой?!.Бу сэрии кэмигэр аччыктыы сылдьар дьонно төһөлөөх көмө буолуой.
Мин эбэм Никонова Дарья Павловна тыыл, үлэ бэтэрээнэ.Сэрии сылларыгар оччотоо5у оҕолор курдук туох баар үлэ5э кыттыбыта. Сэриилэһэ барбыт дьону суохтаппат туһугар аас-туор олох усулуобуйатын аахсыбакка «Бары күүһү –фроҥҥа» диэн ыҥырыыннан салайтаран колхозтар фермэлэригэр,хонууларыгар икки хараҥаны ыпсаран улэлээн,Улуу Кыайыыны уһансыбыта. Сиэмэ ыһыытыгар сири тиэрэргэ күнү быһа оҕус сиэтэн сырата-сылбата баранара. Күһүн сиэмэ быһыыта, куурдан суоруна5а тардыы, сайынын оттооһун, кыһынын оҕуһунан от тиэйиитэ эдэркээн кыыс санныгар сүктэриллэрэ. Ас-үөл быстар мөлтө5ө, иэдьэгэй былаастаах лэппиэскэ, уу хааһы, суорат, холбуллубут үүт күүгэнэ буолара. Эбэм өр кэмнэ сүөьу көрүүтүгэр, кэлин бочуоттаах сынньаланна тахсыар дылы оскуолаҕа техүлэһитинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кэргэниниин Николай Егоровичтыын олус эйэлээхтик олорбуттара.
Эһээбит Никонов Николай Егорович колхозка биригэдьииринэн,Сангаарга разрез бастыҥ шахтерынан улэлээбитэ.Кини соһумардык өлүө5уттэн эбэм 6 оҕотун бэйэтэ иитэн,барыларын үрдүк үөрэхтэргэ үөрэттэрбитэ.Ханнык да үлэҕэ үтүө суобастаах, бэриниилээх, таhаарыылаах улэтин иhин элбэх бочуотунай грамоталарынан, юбилейнай мэдээллэринэн наҕараадаламмыта. Элбэх о5ону утуо суабастаахтык ииппитин, утуо дьон онортообутун иhин Нам улууhун бастын дьиэ кэргэттэрин бочуот кинигэтигэр киирбитэ.
Эбэм наһаа минньигэс астаах буолааччы,сып-сымнаҕас баахыла,күөрчэх,суорат наар сиэтээччи,аймахтарбытыгар мэлдьи ас астаан бэрсээччи,сорох дьон кун аайы кэлэн эбэм астаабыт аһын ылан барааччылар.Кыамматка көмөлөһөр буолун диэччи. Сөтүөлүү барарбытыгар барсан харабыллаан олорооччу. Уйэтигэр арыгыны испэтэх, табаҕы тардыбатах чөл олоҕу тутуспут, дьоно – сэргэтэ уйгулаах олоҕо тупсарын туhугар дьулуспут киhи киэнэ кэрэмэhэ кини этэ. Кини олус эйэҕэс, сымнаҕас-үтүө майгылаах, кини сүбэлээбит тылларын биһи күн-бүгүн өйдуу-саныы сылдьабыт Ити курдук Улуу Кыайыыны уһансыыга мин дьиэ кэргэним киллэрбит кылаатынан киэҥ туттабын.Кун сиригэр сэрии диэн ыар тыл хаһан да иһиллибэтин!
Сиэнэ Надя Попова 01.05.2020 с.
Түбэ,Нам улууһа
Награды. Подразделение где служил, воспоминания и биография.